Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийии – болҕомто киинигэр

Эбээн-Бытантай улууһугар сылын аайы туһааннаах тэрилтэлэр ылсаннар, кэнчээри ыччаттар сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык уонна интэриэһинэйдик атааралларын хааччыйаллар.
Быйыл от ыйыгар Саккырыыр орто оскуолатын кытта улуустааҕы социальнай харалта тэрилтэтэ кыттыһан “Хочу все знать” диэн сайыҥҥы куруһуогу тэрийдилэр. Бу туһунан сиһилии социальнай харалта исписэлииһэ Любовь Аверенская сырдатта.  

— Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийиигэ от ыйыгар туох үлэ ыытылларый?

— Оҕолор сынньалаҥнарын көхтөөхтүк, туһалаахтык атааралларын хааччыйыы туһугар үлэ  сайын ахсын ыытыллар. Бэс ыйыгар  оройуоҥҥа  оскуола саастаах оҕолорго  араас хайысхалаах  сынньалаҥ лааҕырдар үлэлээтилэр.  Онтон от ыйыгар Саккырыыр орто оскуолатын кытта улуустааҕы социальнай харалта салалтата кыттыһан «Хочу все знать» диэн  сайыҥҥы куруһуогу тэрийэн үлэлэтэн эрэбит.

— Куруһуокка оҕолор тугунан дьарыктаналларый, ханнык хайысханнан үлэ барарый?

— Куруһуокка оҕолорго араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара: психологическай трениннэр, квест-оонньуулар, хамсаныылаах оонньуулар, викториналар, профилактическай бэсиэдэлэр, айылҕаҕа, библиотекаҕа, музейга экскурсиялар. Идэни талыыга туhаайыылаах үлэ ыытыллыа, оҕолор араас идэлэри кытта билсиэхтэрэ. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору кытта үлэҕэ ахтыыбынай позициялаах уопсастыбынньыктары,  сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын, көрүүтэ-истиитэ суох сылдьыыларын  сэрэтиигэ үлэлиир тэрилтэлэри тардан үлэлэтэр былааннаахпыт. Кинилэр куруһуокка оҕолорго кэлэн араас бэсиэдэлэри, тэрээһиннэри,  маастар-кылаастары ыытыахтара.

Холобур бу күннэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Добровольцы детям» аахсыйа»  «Дети-детям. Добро пожаловать в семью» диэн  Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу  күнүгэр туһуламмыт бырайыак  чэрчитинэн куруһуокка сылдьар оҕолорго анаан  маастар-кылаас тэриллэн ыытылынна.  Бу тэрээһини биһигини кытта өрүү бииргэ үлэлэһэр, хаһан да көрдөһүүбүтүгэр аккаастаабат, ахтыыбынай позициялаах Васильева Елена Егоровна ыытта. Оҕолор полимернай глинаттан оҥоһуктары оҥоруу ньымаларын, туттар тэриллэрин  кытта  билистилэр. Ол кэннэ Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу  күнүн  бэлиэтин  ромашка сибэккини бэйэлэрин илиилэринэн глинаттан оҥордулар.  Оҥоһуктарын  үөрэ-көтө, астына төрөппүттэригэр, чугас дьонноругар илдьэн туттардылар.  Бу курдук оҕолору элбэх араас интэриэһинэй  тэрээһиннэр күүтэллэр.

— Куруһуокка сылдьар оҕолор ханна, хас чаас дьарыктаналларый?

— Куруһуок Саккырыыр орто оскуолатын дьиэтигэр үлэлиир. Оҕолор күнүс 15.00 ч.- 17.00 ч. диэри дьарыктаналлар. От ыйын 9 күнүттэн от ыйын 30 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Куруһуокка дьарыктаныан баҕалаах оҕолор баар буоллахтарына билигин да кэлэн суруттаран сылдьыахтарын сөп.

Сардаана Копырина