Оҕо саас киинигэр «Бытантай ааҕыылара» күрэс үһүс төгүлүн ыытылынна

Дорҕоон буолар хоһооннорум
Дуораһыйан иһэн тохтоон хаалымаҥ,
Ууллан эрэр сааскы хаардыы симэлийэ сүтүмэҥ.
Төрөөбүккүт эһиги, бу эбээн уолуттан
Тунал маҥан туундарабар,
Чэбдик тыал күүлэйдиир киэҥ дуолугар,
Хаар хайыҥнаах ураһабар…»

Бу тэрээһин поэт, суруйааччы, култуурунай деятель, драматург, суруналыыс Егор Гаврильевич Колесов – Бытантай аатынан аан маҥнайгытын 2014 сыллаахха ыытыллыбыта.

Быйылгы күрэскэ улуус оскуолаларыттан 56 оҕо кытыыны ылла, барыта 66 үлэ киирдэ. Оҕолор олохтоох ааптардар айымньыларынан хоһоон ааҕыытыгар, ырыаҕа, уруһуйга уонна Р.И.Шадрин төрөөбүтэ 130 сылыгар кини олоҕун, үлэтин кэрэһэлиир чахчыларга научнай үлэҕэ күөн көрүстүлэр.

Хоһоон ааҕыытыгар ордук элбэх оҕо кытынна. Бары да бэрткэ бэлэмнэнэн, биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн Михаил Колесов, Егор Бытантай, Фаина Курчатова уо.д.а. айар куттаах дьоммут хоһооннорун хомоҕойдук аахтылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Арассыыйа поэта Михаил Колесов, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин салайааччыта Лидия Сыроватская уонна  «Бытантай уоттара” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Яна Рожина киирдилэр. Ордук бэлиэтээтэххэ, Лейсан Аммосова, Анита Никитина, Дамира Андросова, Эрсан Горохов, Айхал Колесов,  Саккырыыр орто оскуолатын 7 кылааһын уолаттара(сал.Е.А.Старостина), 11 кылаас кыргыттара (сал.Е.А.Михайлова, П.В.Слепцова)  ордук умсугутуулаахтык, айымньы ис хоһоонун тиэрдиилээхтик, ис иһиттэн куттуун – сүрдүүн сырдаан, дорҕоонноохтук аахпыттара мустубут дьону сэҥээртэ.

Ырыа түһүмэҕэр Саккырыыртан Петр Слепцов -10 кылаас (сал.Л.И.Стручкова), «ДЕН” трио (сал.В.В.Колесов),  ырыа куттаах кустуурдар тыыннаах доҕуһуолунан улахан уолаттарын (сал.З.А.Колесова), орто саастаахтартан “Дьиэрэй”(сал.М.П.Эверстова) бөлөхтөрө, Егор Слепцов солота, Дьарҕаалаахтан Максим Никитин, Айгылаан Баишев дуэттара көрөөччүнү көҕүлээтэ, ытыс тыаһынан доҕуһуоланна.  «Гарпан» этнокултуурунай киин художественнай салайааччыта Валерия Максимова, «Хаарчаана» уһуйаан муусукаҕа салайааччыта Дария Колесова дьүүллээтилэр.

Уруһуй күрэҕэр сүрдээх элбэх үлэ киирбит. Манна 48 оҕо кытынна, барыта 60- тан тахса үлэ киирдэ. Бу түһүмэххэ оҕолор Егор Бытантай айымньыларыгар дьүһүйүүлэри (иллюстрация) уруһуйдаадылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Оҕо саас киини дириэктэрэ Анастасия Архипова, кыл куруһуогун салайааччыта Натали Корнилова, Саккырыыр орто оскуолатын уруһуйга уонна черчениеҕа учуутал Татьяна Степанова киирдилэр. Ньургустаана Полускина, Нарыйаана Старостина, Ирена Верховская үлэлэрин ордук арыйбыттарын бэлиэтээтилэр.

Научнай түһүмэххэ 2 оҕо кытынна. Павел Слепцов, Саккырыыр орто оскуолата (сал.Г.Б.Слепцова) уонна Миша Сотрудников Дьарҕаалаах орто оскуолата (сал.К.Н.Стручкова — Захарова) Р.И.Шадрин олоҕун, үлэтин кэрчиктэрин сүрдээх дьоһуннук туттан туран көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуус дьаһалтатын исписэлииһэ Н.Н.Никитин, түмэл дириэктэрэ И.П.Слепцова, Оҕо саас киинин педагога Т.Н.Слепцова киирдилэр. Кыттааччылар саастарынан кыра да буоллаллар, харса суох экспертар ыйытыыларыгар чуо – бааччы хоруйдаатылар.

Сити курдук, күрэх сүрүн соругун ситтэ. Кэнчээри кэскил айар куттаах олохтоох дьоммут айымньыларыгар олоҕуран, төрөөбүт сиргэ тапталы иҥэриммиттэрэ, ис куттарын байыппыттара буолуо диэн саарбахтаабаппын. Саҕаламмыты салҕаатахха, хайаатар да түмүк баар буолар. Онон, оҕолор да салайааччылар да, ылсыбыккытын тиһиктээхтик салҕыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.

 

Яна РОЖИНА

 

 

 

 

Читайте дальше