«Ньүбэлдьэни» — олох сибэккилэрэ

 Ийэ күнүн декадатын чэрчитинэн «Хаарчаана» оҕо уһуйааныгар «Ньүбэлдьэни» (олох сибэккилэрэ) оҕолоноору сылдьар кэрэ аҥардарга аналлаах үгэс буолбут тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһини уһуйааны кытары улуустааҕы киин балыыһа иһинэн үлэлиир дьахтар консультациятын кабинета номнуо 5-с сылын иилээн-саҕалаан ыыталлар.

Бэлиэ күҥҥэ уһуйаан сэбиэдиссэйэ Сардана Софронова кэлбит ийэлэри үөрэн-көтөн туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. «Дьахтар киһи оҕо төрөтөн, олоҕу салгыыр сирдээҕи аналлаах бу сиргэ кэлэр. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот култууратын, үтүө үгэһин харыстаан, инники көлүөнэҕэ тиэрдии туохтан саҕаланарый? Аан бастаан ийэ иһигэр оҕо үөскүөҕүттэн ыла киниэхэ бу ураты туругу иҥэрэн, өссө ис иһигэр сылдьар кэмигэр үтүө үгэһи тиэрдэр сыалтан бу бырайыак тэриллэн үлэлээбитэ хаһыс да сыла буолла. Бырайыагы уһуйаан үлэһитэ Фаина Колесова ситиһиилээхтик иилээн-саҕалаан салайар, араас куонкурустарга дьон-сэргэ интэриэһин тардан үгүс ситиһиилэрдээх диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Бүгүн мустубут ийэлэри барыгытын Саха сиригэр ааспыт Ийэ күнүнэн уонна кэлэн иһэр Арассыыйа Ийэлэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, или-эйэни баҕарабын, сатабыллаах, ситиһиилээх буолуҥ, чугас дьоҥҥут мэлдьи үөрдэ-көтүтэ сырыттыннар», — диэн туран Сардана Ивановна уһуйаан аатыттан сэмэй бэлэхтэри туттарбыта долгутуулаах түгэн буолла.

Бу күн кэнчээри ыччаттар – уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна эдэр үлэһит Кристина Аммосова ырыаны-тойугу бэлэх уунан, сырдык санаа кыымнарын сахтылар, истиҥ, сылаас эйгэни үөскэттилэр.

Уһуйаан эмиэ биир эдэр үлэһитэ Мария Кривошапкина эбээн норуота оҕоҕо, ийэҕэ сыһыаннаах сиэрин-туомун туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ. «Эбээн омукка оҕо күн сирин көрүүтүгэр туспа «Оми” диэн абыычай тутуһуллар. Көс омук буолан, дьиэни-уоту дьахтар киһи дьаһайарын бары бэрткэ билэҕит, онтон эр киһи табалыыр, бултуур-алтыыр. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕолоноору сылдьар дьахтар баар буоллаҕына, кини төрүүр дьиэтин бэйэтэ эрэ оҥосторо. Ол онно ким да көмөтө суох кырачаан киһиэхэ күн сирин көрдөрөн ийэ буолар дьолу билэрэ», — диэн Мария Дмитриевна араас интэриэһинэй чахчылары кэпсээтэ. Маны тэҥэ бэйэтэ үҥкүүнү баһылаабыт кэрэ аҥар буоларынан, оҕолоноору сылдьар дьахтарга этин-хаанын чэбдигирдэр, көмөлөһөр судургу эрээри олус туһалаах хамсаныылары көрдөрдө.

Уһуйаан медицинскэй үлэһитэ, 40 сыл ыстаастаах, баай уопуттаах Елена Семеновна Слепцова тымныйыыттан, дьаҥтан харыстанар ньымалар тустарынан кэпсээбитин бары сэргии иһиттилэр.

Дьахтар консультациятын салайааччыта Эльза Горохова бырайыак туһунан сиһилии сырдатта уонна олус туһалааҕын, өссө сайдар, кэҥиир чинчилээҕин бэлиэтээтэ.

Сардаана Копырина