Нэһилиэкпит сайдарын туһугар биир санаанан

Тыа сирин сайдыыта сөптөөх салайыыттан, дьон – сэргэ биир сомоҕо буолуутуттан уонна соруктаах быһаарыылартан тутулуктанар

Үөһээ-Бытантай нэһилиэгин баһылыга Лев Горохов олох-дьаһах, үлэ-хамнас хаамыытын сырдатта.

Бу сылга үлэбит соруктара кэминэн толоруллан иһэллэр.

Быйыл сайын хочуолунайбытыгар ититии ситимин турбаларын диаметрдарын улаатыннаран кэҥэтии үлэтэ барыахтаах. Матырыйааллара толору тиэллэн кэлбиттэрэ. Сотору кэминэн үлэлэр саҕаланыахтара.

Бөһүөлэги саҥардыы, сөргүтүү былаанынан ыытабыт, кытыы уулуссалар, барыта 40 остуолба туран, уот тардыллан, сырдатыллыахтара. Бөһүөлэк иһинээҕи уунан туолар уулуссалар суоллара таас кутуллан оҥоһуллуохтара.

“Хаарбах дьиэлэттэн көһөрүү” бырагыраама чэрчитинэн түөртүү кыбартыыралаах дьиэлэр докумуоннарын оҥотторуу үлэтэ бара турар.

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн (ППМИ) бырагыраама хайысхатынан, улуустан соҕотох биһиги нэһилиэк “Оҕо сынньанар, оонньуур былаһаакката” бырайыакпыт кыайбыта. Матырыйаала тиэллэн кэлбитэ, нэһилиэк аҕаларын көмөтүнэн сайын таҥыллан, күрүөтэ оноһуллан туруоҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын өттүнэн ылан көрдөххө, ынах-сүөһү төрөөһүнэ саҕаланна. Быйыл дьон-сэргэ түргэнник ситэр салааны сэргээн, 12 ыал холбоон 138 кууруссаны сакаастаабыттара. Аһа-үөлэ толору тиэллэн кэллэ. Бензин, сэлээркэ кэлэн атыыланна.

Анал дьайыыга сылдьар уолаттардаах дьоммутугар көмөлөһө турабыт. Ол курдук, 5 ыалга 6 ыйдааҕы ититии төлөбүрүн уйуммуппут, 1 ыалга оттук мас тиэйиэхпит. Уолаттарбытыгар, нэһилиэк түмсэн, туохха наадыйалларынан тиһигин быспакка көмөлөһөллөр. Байыастарбытын кытта сибээстэһэ турабыт.

Сэрии сылын оҕолоругар улахан болҕомто уурабыт. Быйыл кинилэргэ автомат танас сууйар массыыналары емкоһын кытта ылан биэрдибит,  бу тэриллэри холбоноллоругар көмөлөһүөхпүт.

Нэһилиэкпит сирин — уотун генеральнай былаана оноһуллан бигэргэтилиннэ.

Ити курдук, нэһилиэкпит туһугар түмсэн, биир санаанан үлэлии-хамсыы олоробут.

Кэпсэттэ Нина Софронова

Читайте дальше