Бөх-сыыс, сыбаалкалар кыһалҕалара нэһилиэк, улуус аайы сытыытык турар.  Ким да бөх-сыыс ортотугар буккуллан олоруон баҕарбат. Ол эрээри, бөҕү аналлаах сиргэ тохпот, бэл, олорор дьиэлэриттэн анал баахха тиэрдибэккэ элитэр дьон баарын тухары сайдыыга, ырааска тиийэрбит саарбах. Оҕолорбутун эмиэ, бэйэ кэнниттэн хомуммат буолууга, тэлгэһэ эрэ иһин көрүнэргэ бэйэбит холобурбутунан үөрэтэбит. Бу кистэл буолбатах.

Кэккэ сыллартан бэттэх ТКО (кытаанах бөх – сыыс) тиэйиитигэр, дьаһайыытыгар эрэгийиэннээҕи оператор, диэн тэрилтэ баар буолбута. Биһиги улууспутугар бу тэрилтэни Константин Горохов салайар, үс үлэһиттээх. Бөх тиэйэр массыынанан хааччыллыбыттара, анал контейнердар тиэллэн туруоруллубуттара. Ол эрэн, тыа сиригэр күрүөтэ – хаһаата суох  дьааһыктары ыттар, сүөһү талбыт хаһан, ыһан улууспут киинэ сүрдээх көстүү буолан турарын бары бэлиэтиибит. Олохтоохтор, бэйэбит кыра да кумааҕы сыыһын уоттаабакка, харчы төлүүбүт, диэн куоһурданан талбыт ыһабыт – тоҕобут.  Маныаха кытаанах тобохтору харайыыга анаммыт сир докумуонун оҥоруутун судургутуталлара буоллар,  үлэ син тэтимириэх этэ.

Бу күннэргэ улуус киинигэр 56 устуука саҥа, анал оҥоһуулаах, бетон муосталаах контейнердар турдулар.

Иннокентий Стручков, улуус баһылыга: Бу былаһааккалары бэйэбит уолбут, урбаанньыт Егор Стручков «Бытстрой” хааччахтаммыт тэрилтэтэ оҥордулар. Бу үлэлэргэ куонкурус биллэрбиппит, кинилэр кыайыылаах тахсыбыттара. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн кытаанах бөх-сыыс былаһааккаларын тэрийиигэ сайаапка ыытаммыт, биһиги улуус кыайбыппыт, онон, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл.солк., улуус бүддьүөтүттэн 400 000 солк. уонна урбаанньыттар, олохтоохтор көмөлөрүнэн 200 000 солк. хомуллубута. Билиҥҥи кэмҥэ анал былаһааккалары туруоран саҕалаатылар. Инникитин, олохтоохтор, бөҕү – сыыһы көрөр тэрилтэ сөпкө дьаһаныыларынан улууспут киинэ ыраас, чэбэр буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Тиэмэҕэ даҕатан эттэххэ,  айылҕабыт барахсан хайдах курдук бөҕүнэн – сыыһынан туолан, айгыраан турарын киһи этэ да барбат. Дьиҥэ, ырыаҕа ылланар, хаартыска, видео нөҥүө үгүс киһи сэргиир дойдубут маннык буолан турара дьиксиннэрэр. Ыалдьыттары сынньата таһааран баран кыбыстар. Бу бэйэбит оҥоһуубут эбээт. Күһүн, саас аайы тэрилтэлэр кэлэктииптэрэ, сайын волонтер оҕолор сүрдээх кичэллээхтик хомуйаллар, ыраастыыллар. Ол, аҕыйах хонукка эрэ турар.

Сөҕөрүм диэн, билигин биир да киһи сатыы сылдьыбат, ас хотойорунан үрүксээк соһон хаампат. Оннук аһаан – сиэн, көҥүл бултаан – балыктаан баран, ол аспыт суутун – хаатын бүтүннүү ыһан – тоҕон хаалларабыт. Дьулаан көстүү.

Дьиҥэ, хас биирдии дьайыыҥ хардалаах буолар диэн, суруллубатах сокуон баар. Тулалыыр эйгэбитигэр маннык сыһыаннаһыы биһиги үйэбитигэр да буолбатар, кэлин кэнэҕэскилэрбитигэр тугу хаалларабыт?

 Яна РОЖИНА