Таас хайалар быыстарыгар түөлбэлээн олорор кырдьаҕас Түгэһиир эбээннэрин, Бытантай хотугу сахаларын холбоон Эбээн-Бытантай оройуона тэриллибитэ 35 сыл буолла.
XX-с үйэ 80-с сыллар бүтүүлэригэр дойдуга уларыта тутуу, уонунан сылларга хам баттанан сыппыт норуоттар бэйэлэрин омук быһыыларынан билиниилэрин уһугуннарбыта, ол түмүгэр хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын сэргэхситии, кинилэр үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, омук быһыытынан култуураларын, тылларын тилиннэрии соруга турбута. Маннык үөскээн тахсыбыт соругу сөпкө өйдөөн, биһиги оройуоммут кырдьаҕастарын туруорсууларын өйөөн өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар партия обкомун бастакы сэкэрэтээрэ Ю.Н. Прокопьев бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа тэриллэн, 1989 сыллаахха Россия Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтигэр докумуон киллэрбитэ. Ол тэрээһиҥҥэ ССКП Саха Сиринээҕи обкомун бастакы сэкэрэтээрэ Ю.Н. Прокопьев делегациянан Дьокуускайтан сиринэн айаннаан Сиэгэн Күөлүнэн, Сэбээнинэн манна кэлбиттэрэ. Ол кэлэн Россия Верховнай Сэбиэтин уурааҕын толорон Саккырыыр оройуонун чөлүгэр түһэрэбит диэбитэ. Уопсай мунньахха саҥа оройуон аатын Эбээн-Бытантай оройуона диэн, ааттыахха диэн сүбэлэһиллибитэ. Онтон саҕалаан Эбээн-Бытантай национальнай оройуона дьиҥнээхтии тэриллэн, олоххо киирбитэ. Бу туруорсуу өйөнөн Саккырыыр оройуонун сөргүтүү, оройуон экономикатын, дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы, эбээн норуотун култууратын сайыннарыыга биир төһүү күүс буолууһу диэн, түмүк оҥоһуллубута. Ол түмүгэр, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума, Эбээн-Бытантай национальнай оройуонун Баатаҕай-Алыытыгар кииннээн тэрийэр туһунан уурааҕы 1989 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр таһаарбыта. Тэрээһин боппуруостара быһаарыллан, оройуон салалтата тэриллэн, Верхоянскай оройуонтан арахсан, алтынньы ыйтан национальнай статустаах туһунан оройуон тэриллибитэ.
Саҥа оройуон тэриллиитэ уһук хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуота административнай единицатын быһыытынан политическай, социальнай-экономическай, өттүнэн сүҥкэн улахан суолталаах буолбута саарбаҕа суох. Хотугу эргимтэ төрүт олохтоохторун бэйэни салайынар административнай — территориальнай тутулуктара — национальнай улуус, кинилэр социальнай-экономическай балаһыанньаларын тосту тупсарда.
Бу 35 сыл устата национальнай оройуон биллэрдик сайынна, бигэтик атаҕар турда, дьон өйө-санаата уларыйда, инникигэ эрэлэ улаатта. Төрүт дьарыкпытын — таба, сылгы, сахабыт ынаҕын эһэн-симэлитэн кэбиспэккэ хайаларбыт быыстарыгар хорҕотон илдьэ кэллибит. Дьиэ-уот туттуута күргүөмнээхтик барар. Оскуолаларга эбээн тыла утумнаахтык үөрэтиллэр, норуот үйэлэр түгэхтэриттэн илдьэ кэлбит сиэрэ-туома сөргүтүллэн, ураты култуурата ыччат дьоҥҥо тиэрдиллэн көлүөнэлэр ситимнэрэ салҕанан барар. Биһиги улууспут бигэ туруктаах буолуутугар улуус үлэһит дьоно, общественнай санаалаах тэрилтэлэрин салайааччылара, өй угар ытык кырдьаҕастара бары бииргэ өйү-санааны холбоон, эйэ-дэмнээхтик олорорбут — үлэлиирбит төһүү күүһүнэн буолар.
Эбээн Бытантай улууһа киһи ахсаанын эбиллиитинэн Арктика оройуоннарыгарүс бастыҥ көрдөрүүлээхтэр иастэригэр киирэр. Ол курдук, 10 сыл иһигэр 5,2% эбиллэн, ол эбэтэр 2948 киһи буолла. 15 саастарыгар диэри оҕо ахсаана 7,7% эбиллибит.
Оройуоҥҥа ВМП (валовой муниципальный продукт) – 1,3 млрд. солк. тэҥнэһэр. Валовай бородуукта сүрүннээн социальнай эйгэҕэ тирэҕирэр.
Улууспут сайдыыга киэҥник хардыылыыр, социальнай мөссүөнэ уларыйан, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ тупсар. Күн бүгүн тыа хаһаайыстыбатын күннээҕи үлэтигэр-хамнаһыгар, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга аныгы тиэхиникэ, саҥа технология, бастыҥ уопут уонна наука ситиһиилэрэ туһаныллаллар. Бу барыта тыа сирин өйүүр судаарыстыба бэлиитикэтигэр тирэҕирэр. Ол курдук, ынах сүөһү төрүөҕэ 2023 сылга 108,6%, ол эбэтэр 292 төбө. 2023 сыл түмүгүнэн 1 ынахтан 834 киилэ үүт ортотунан ылыллыбыт. Сылгы эбиллиитэ 52, 7%. 2023 сылга 3109 тугут төрөөбүт, бу 2022 сыллааҕы көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ 101,2%. 2022 сылга тугуту ылыы 53,1% этэ. 2024 сыл улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитэ. Бу сыл чэрчитинэн кэккэ өйөбүллэр, барыллар торумнаннылар, соруктар ылылыннылар.
Муус устар 8 күнүгэр улуус киинигэр өр сылга ыра санаа буолбут 220 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох. Салгыы нэһилиэк аайы саҥа уһуйааннар тутуллуохтара диэн бигэтик эрэнэбит. Маныаха улуус салалтата тиһиктээх үлэни ыытар.
Суол – иис хоту сиргэ сүрүн суолталаах. Кылгас кыһыҥҥы суолунан сыллааҕы ас – таҥас, тутуу матырйыаала, уматык уо.да. хааччыллар. Улууска айан суолун “Арктика суоллар” ХТ көрөр – истэр. 2023 сылга “Верхоянье” суол көрүүтүгэр 57,05 мөлс солк. туттулубут. 2024 сылга 68.08 мөл.солк. ыытыллара былааннаммыт.
Төһө да бүгүҥҥү Аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы бүрүүкээбитин иһин, хоту сир үлэһит дьоно биир күн тохтообокко олох уйгутун түстэһэллэр.
Күндү биир дойдулаахтарбыт! Национальнай оройуоммут 35 сылынан итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит! Дьаныардаах үлэ өссө тэтимирэн, уйгулаах олоххо сирдээн, оройуон кэскилэ өссө сырдык уонна байылыат буоллун!
Баҕарабыт дьиэҕитигэр-уоккутугар табыллыыны, үрдүк ситиһиини! Чэгиэн туругу, дьолу-соргуну!