Кырачаан Күндүмэн дьолугар Үрдүк Айыылар отчут уолаттары ыытан тыыннаах хаалбыта

Бу күннэргэ, Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр  3 саастаах оҕо сүтэн, улахан аймалҕан тахсан барыбытын долгутта, аймаата, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ дьоно  ыксаата. 8 оҕолоох Рожиннар дьиэ кэргэттэригэр аана суох алдьархай ааҥнаан, от ыйын 21 күнүгэр күндү көмүс кыракый уоллара Күндүмэн сураҕа суох сүтэн, нэһилиэк, улуус салалтата, олохтоохторо бары айманан, сиринэн сылдьан көрдүүр-быыһыыр тэрээһиннэри ыыппыттара. От ыйын 22 күнүгэр Муома улууһугар ойуур баһаарын умулларыыга сылдьар «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бөртөлүөтэ быыһааччылары кытары кэлэн, оҕону көрдүүр тэрээһиннэр аны халлаанынан ыытыллыбыттара. Олохтоохтор уонна өрөспүүбүлүкэттэн быыһааччылар түмсүүлээх үлэлэрин түмүгэр оҕо барахсан этэҥҥэ көстүбүтэ.

Хоту сир тыйыс айылҕатынан, түргэнник уларыйа турар күнүнэн-дьылынан биллэр. Сайынын күнүскү өттүгэр өҥүрүк куйаас турар эбит буоллаҕына, түүнүн күһүҥҥүлүү тымныынан хаарыйар. Биир суукка устата, оруобуна 24 чаас 3 саастаах кыракый киһичээн бэйэтин сааһыгар холооно суох ыарахаттары көрсөн, тыыннаах хаалбыта кини суолугар көрсүбүт отчут уолаттар Алеша Стручков уонна Вася Другин  үрдүк өҥөлөрө буолар. Кырачаан Күндүмэн дьолугар Үрдүк Айыылар отчут уолаттары ыытан тыыннаах хаалаахтаабыта.

Туох, хайдах буолбутун туһунан Кустуур нэһилиэгэр олорор биһиги уопс. кэрр. Тамара Шадрина Алеша Стручкову уонна Вася Другины кытта кэпсэтэн сиһилии сырдатта.

“Кустуур нэһилиэгин хоту уһугар улахан дьиэ турар. Итиннэ элбэх оҕолоох, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн олорор. Кинилэр кыра уоллара мип-минньигэс, эп-эйэҕэс ааттаах Күндүмэн сааһа букатын кыра, 3 сааһын саас туолбута. Эдьиийдэрин-убайдарын кытта күн аайы оонньоон туорахтанар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ, от ыйын 21 күнүгэр киэһэлик Күндүмэн дьиэлээн иһэн аралдьыйан эдьиийиттэн, убайыттан аара хаалан хаалбыт. Онтон дьиэтиттэн ыраатан, тэйэн хаалан, төннүөн баҕараахтаабыта да дьиэтэ ханан баарын билээхтээбэт буоллаҕа. Атын сиринэн баран, бөһүөлэктэн ыраатан чиэски сиргэ барбыт, ходуһалар диэки тиийбит. Үөн-көйүүр ытыран, бырдах сиэн, сэниэтэ эстэн оҕо барахсан дулҕаҕа өйөнөн сытан хаалбыт. Сол киэһэ олохтоохтор бары тахсан сарсыардааҥҥа диэри бөһүөлэк иһин-таһын чүүччэйтэрэ да оҕо көстүбэтэҕэ.

Сарсыарда 22 чыыһылаҕа Баатаҕайтан быыһааччылар бөртөлүөтүнэн бөһүөлэги таһынан эргийэ көтөн көрдөөбүттэрэ. Күндү уолчааммыт Күндүмэн бөһүөлэктэн быдан ыраах, 4 км. тэйиччи сытар Отор диэн сир бэтэрээ өттүгэр сытарын отчут уолаттар Алексей Стручков уонна Вася Другин суолунан кэлэн иһэн, туораан атын сиринэн баран түбэһэ көрө түспүттэр. Уолаттар бу түүн бөһүөлэккэ көрдөспүт эбиттэр, онтон оттуур сирдэрин диэки көрдүүр бигэ санаалаах барбыттар. Хааман иһэн ынчыгы истэннэр, онтон ходуһа уутун кырыытыгар ыраахтан оҕо сытарын көрөннөр оҕону булан ылтара. Бастаан кус саҥата дуу, туох ыйылыыр дуу дии санаабыттар. Сүүрэн тиийэн тута көтөҕөн ылан бөһүөлэк диэки сүүрүүнэн түспүттэр.

Быыһыыр, көрдүүр этэрээт бөртөлүөтэ оҕону суһаллык Баатаҕайга илдьибитэ, салгыы медицинэ киинигэр эмтэнэ барбыта.

Кыракый Күндүмэни быыһаабыт дьоруой уолаттар кимнээхтэрий? Алеша соторутааҕыта аармыйаҕа сулууспалаан, ытык иэһин толорон кэлбитэ. Кини Москубаҕа мотострелковай войскаҕа сулууспалаабыта. Вася 9 кылааһы бүтэрбитэ.  Билигин иккиэн дьонноругар көмөлөһөн, күөх быйаҥтан сомсон от үлэтигэр сылдьаллар. Кинилэр иккиэн сүрдээх хоһуун, үтүө майгылаах, эйэҕэс-элэккэй уолаттар.

Алешаҕа, Васяҕа Күндүмэн төрөппүттэрэ, нэһилиэк дьоно махталлара муҥура суох. Үрүҥ Айыылар араҥаччылаан, айылҕабыт көмөлөһөн уолаттары алтыһыннарда. Киһи киһиннэн олорор, уол оҕо саадаҕын үстэ курданан киһи буолар диэн санааннан үтүөнү түстүөҕүҥ, кэрэни кэрэһэлиэҕиҥ.

Улууспут, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо көмүскэлин кэмитиэтин аатыттан да лоскуй саҕа да хайҕал сурук, үтүө тыл уолаттарбытын үрдүккэ кынаттыа, кэрэҕэ угуйуо».

Төрөппүт киһиэхэ оҕото хараҕын харатын кэриэтэ харыстыыра, таптыыра буолар. Күндүмэн төрөппүттэрэ бу икки күн устата төһөлөөх айманан, ытаабыттарын-соҥообуттарын, Үрдүк Айыыларга көрдөспүттэрин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Туох баар улуус, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ оҕо туһугар долгуйан, этэҥҥэ эрэ буоллун диэн көрдөһөн, көстүбүтүн истэн өрө тыыммыттара. Күндүмэн төрөппүттэрэ ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө буолбут, быыһыыр-көрдүүр тэрээһиннэргэ кыттыспыт бар дьонноругар махталларын тиэрдэллэр:

Араҥаччыларыгар, убайдарыгар Алешаҕа, Васяҕа уоттаах, күүстээх махталын Күндүмэн тиэрдэр. Дьол, таптал куруутун арыаллаатын эһигини!

 “Ыарахан кэмҥэ дьон хайдаҕа дьэҥкэтик көстөр дииллэрэ кырдьык эбит. Ол курдук, биһиги 8 оҕолоох Рожиннар дьиэ кэргэннэрэ от ыйын 21 күнүгэр 3 саастаах оҕобутун сүтэрэн, улаханнык аймана-ыксыы сылдьыбыт кэммитигэр Кустуур, улуус олохтоохторо бары биир санаанан биһигини кытта бииргэ буолан, амарах санаалаахтарын, киэҥ көҕүстээхтэрин көрдөрөн, улахан, тылынан этиллибэт көмөнү оҥордулар, бүттүүн түмсэн, оҕобут көһүннэ. Көрдөөһүн үлэтин суһаллык тэрийбит күндү дьоммутун ааттаталыахпын баҕарабын: олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, Баишев А. А., Боярский М.Г., Гатилов Г.Э., Шадрина Т.В., улууспут баһылыга Горохов Г.Г., Шадрин Е.Е., Горохов А.А., Горохова Т.П., Рожин И.Е., Горохов Т.Т., Кондакова Н.К., көрбүөччү Степанова Н.В.,  Дьарҕаалаах нэһилиэгин олохтоохторо Захаров С.П., Старостин С.Х., уонна саамай булбут уолаттар Стручков Алеша, Другин Вася, МЧС үлэһиттэрэ, быһааччылар, ытык -мааны кырдьаҕастарбыт түмсүүлэрэ, аймахтарбыт, табаарыстарбыт, техникалаах бары эдэр ыччаттарбыт. Ону таһынан Верхоянскай улууһун киин балыыһатыгар, өрөспүүбүлүкэбит медицинскэй киинин үрүҥ халааттаах аанньалларыгар суһал көмө оҥорбуттарыгар  барҕа махталбытын тиэрдэбит! Эһиэхэ барыгытыгар баҕарабыт иллээх олоҕу, хаһан да ыарыы ыалласпатын, доруобай, дьоллоох- саргылаах буолуҥ, сайаҕас, аһыныгас санааҕыт хаһан да самныбатын!”

Сардаана Копырина

Читайте дальше