Нуолуур солко күөх киистэнэн симэммит, эгэлгэ чэчиринэн киэргэммит Түгэһиир нэһилиэгин оскуола сирин хонуутугар бары бииргэ мустаммыт, үтүө үгэспитин тутуhан дириҥ түhүлгэни олохтоотубут, түптэ буруотун унаарыттыбыт, кэҥэрдии сытын таhаардыбыт. Быйыл биhиэхэ Саха Јрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Арассыыйа±а Учуутал уонна Уһуйааччы,Эбээн-Бытантайга Айар-тутар Ґлэ сылын бэлиэтиир Ыһыа±ы ыһар, самаан сайыны уруйдуур дьоро күнµ уруйдаатыбыт!
Саха омук итэҕэлинэн, ыhыах күн орто дойду киhитэ айылҕаны кытта биир түгэҥҥэ алтыhан, кэпсэтэн, көрдөhөн, сүгүрүйэн күүс ылан ааhар күнэ буолар. Саха сиэринэн, ібµгэ µгэґинэн саламалаах чэчир аннынан сахалыы мандардаах таІас кэтэн сэлэлии хааман киирдилэр. Улууска ытыктанар киґибит Иннокентий Аммосов алаадьынан айахтатан, кымыґынан кµндµлээн аал уоту аґатан, сири ибиирдэн бар дьону ал±аата, кµµстэх µлэни – хамнаґы, дойдуга буола турар быґыы – майгы этэІІэ тµмµктэнэригэр ба±а санаатын тиэртэ.
Нэґилиэк киэн туттар дьонунан аатырар, дьоґун чааска кинилэри ахтан аастылар. Ол курдук, табаґыттар: «Ґлэ албан аата” уордьан кавалера — Е.С.Попов, кини бииргэ тіріібµт быраата «Ґлэ туйгунун иґин» мэтээл хаґаайына ,чэмпийиэн табаґыт -Н.С.Попов, Ленин орденын кавалера, Саха АССР Ґрдµкµ Сэбиэтин дьокутаата, чэмпийиэн табаґыт — А.А.Попов, аатырбыт уордьаннаах сылгыґыттар-П.Т.Стручков, Дмитрий Дмитриевич Бочкарев,саха ына±ын иитиигэ элбэх сыраларын биэрбит, сµіґµ иитиитин маастардара — Мария Шадрина, Мария Слепцова, Ульяна Николаевна Никитина, ір сылларга таба иитиитигэр таґаарыылаахтык µлэлээбит биригэдьиирдэр — Константин Кириллович Никитин, Дмитрий Васильевич Колесов, Иван Васильевич Горохов, Виктор Дмитриевич Бочкарев уонна да атыттарынан киэн туттабыт. Рожин Афанасий Егорович, Рожин Егор Егорович механизацияны төрүттээһин аҕаларынан буолбуттара. Кинилэр үөрэтэн-иитэн таһаарбыт механизатордара, тиэхиньикэ кыаҕын муҥутуурдук туһанан тыа хаһаайыстыбатыгар сүҥкэн улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ, тыа сирин дьонун үлэтин биллэрдик чэпчэппиттэрэ. Бу МТС-тан үгүс айар талааннаах механизатордар үүнэн тахсыбыттара.
Быйыл биґиги улууспутугар ірігійдііх бэлиэ дааталар — биллэр судаарыстыбаннай политическай деятель Роман Иванович Шадрин 130 тіріібµтэ сыла, ону тэІэ кини аатынан Саккырыыр орто оскуолата тэриллибитэ 95 сыла. Биґиги улууспутугар баар учууталлар династиялара: Никитиннэр — 2003 сыллаахха «Никитиннар династиялара» аат иІэриллибитэ. Бииргэ тіріібµт 5 кыыс бары учууталлар. 7 сиэн о±олоро учууталлар. Династия уопсай µлэ ыстааґа 450 сыл, 20 киґилээх. Династияны тірµттээччи Никитина Анна Серафимовна.
Слепцовтар династиялара: 2010 сыллаахха «Слепцовтар династиялара» аат иІэриллибитэ. А±алара Слепцов Иннокентий Николаевич аатын Кустуур орто оскуолата сµгэр. Бииргэ тіріібµттэр µстэр. Династия уопсай ыстааґа 230 сыл, 9 киґилээх. Династияны тірµттээччи Никитина Анна Егоровна. Учуутал уонна Уґуйааччы сылыгар бу династиялары киэн тутта ааттыыбыт.
Дьоґун чааска Саха Јріспµµбµлµкэтигэр «Саха сµіґµтэ» ХТ генеральнай дириэктэрэ Александр Артемьев, улуус баґылыга Гаврил Горохов, Тµгэґиир нэґилиэгин баґылыга Сергей Аликов мустубут дьону э±эрдэлээтилэр. Улуус баґылыга Гаврил Гороховка, солбуйааччыта Раиса Старостина±а Арассыыйа Судаарыстыбаннай мунньа±ын дьокутаата О.А.Нилов аатыттан махтал суруктар туттарылыннылар. В.Манчаары аатынан спорт национальнай кірµІнэрин киинин дириэктэрэ, Ил Тµмэн дьокутаата Г.А.Васильев аатыттан «За заслуги в развитии и популяризации национальных видов спорта в РС(Я) и пропаганды государственной доктрины здорового образа жизни» диэн Бочуот грамотатын О±о уонна ыччат спортивнай оскуолатын тренера Павел Дмитриевич Абрамовка туттардылар. Јр сылларга улуус социальнай – экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьаныардаах µлэнэн кылаатын киллэрбит Иван Николаевич Мохчогоровы 75 сааґын туолбут ірігійдііх µбµлµійµнэн э±эрдэлээн туран улуус баґылыга дьаґалта аатыттан э±эрдэ суругу тэІэ сэмэй бэлэ±и туттарда.
Ыhыах саамал кымыс утахтаах, кэрэ кэпсээн кэhиилээх, үгүс көр-нар аргыстардаах, үөрүү-көтүү үктэллээх, ылба±ай ырыалаах, хомо±ой хоhоонноох, омуннаах оhуокай оонньуулаах, эр киhи уйана-хатана биллэр күрэхтэhиилэрдээх Ытык ыhыах күнэ сµрдээх сэргэхтик, истиІник ааста. Ыґыах тэрээґиннэрин Полина Ефимова, Владислав Колесов, Мария Афанасьева, Дмитрий Сыроватскай иилээн – салайан ыыттылар.