Күндү  улууһум  дьоно — сэргэтэ, ыалдьыттара!

Муус устар 5 — 7 күннэригэр кэтэһиилээх, улууспутугар Тыа хаһаайыстыбатын, улууспут төрүттэммитэ 35 сылларыгар аналлаах Табаһыттарбыт сүлүөттэрин бырааһынньыга олус тэрээһиннээхтик, далааһыннаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Өбүгэлэрбититтэн бэриллибит удьуор үгэспит быстыбатын, дьоммут төрүт дьарыктарын кэнчээри ыччаппытыгар – оҕолорбутугар, сиэннэрибитигэр  салҕыы тиэрдэрбит туһугар, табаһыттар күннэрэ өрө күүрүүлээхтик ааста. Бу эйгэни өрө тутан илдьэ сылдьар  эдэр уолаттарбыт, кыргыттарбыт, оҕолорбут, бэтэрээннэрбит тыҥааһыннаах киирсиилэргэ ситиһиилэринэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин!

Киэн туттар  дьоммут – сэргэбит ис чиҥнээх, өрүһүлтэлээх өйгүт өркөнө туһалаахха эрэ туһаайыллар, наадалаахха наарданар, олоххо баар моһоллору – мэһэйдэри туоруурга, дьон олоҕун туруктаах буолуутугар ураты көрүүнү киллэрэр. Ыытыллыбыт тэрээһиммитигэр күүс – көмө, өйөбүл буолбут үтүө дьоннорбутугар, урбаанньыттарбытыгар, тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо дириҥ, муҥура суох махталбытын тиэрдэбит уонна тус бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар ситиһии эрэ сиэттистин, табыллыы эрэ таарыйдын, үөрүү эрэ үмүөрүстүн, хайҕабыл эрэ ханыыластын, биһирэбил эрэ билистин, туйгун доруобуйа эрэ дьиэлэннин, дьол эрэ доҕордостун!

Улуус баһылыга Иннокентий  Стручков

Читайте дальше