Көмүс күһүн биир мааны күнүгэр Кустуур нэһилиэгэр түөлбэлэр кыттыылаах «Күһүҥҥү быйаҥ» дьаарбаҥка ыытылынна. Тэрээһин аҥардас атыынан-эргиэнинэн муҥурдаммакка, “кус үргээччи», «собону ыраастааһын», «сиппиир хомуйуута, оҥоруута», “түргэн аһааһын” курдук сэргэх күрэхтэр дьону-сэргэни чуҥкуппатылар.

Дьаарбаҥкаҕа араас ас эгэлгэтэ тэлгэнэн, киэркэйбит сандалы, дьон фантазията олус диэн сөхтөрдө, астыннарда. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Алексей Баишев, оройуон дьокутаата, улуустааҕы култуура салайааччыта Степан Слепцов итии-истиҥ эҕэрдэлэрин биир дойдулаахтарыгар анаатылар.

Дьаарбаҥка кэмигэр араас интэриэһинэй күрэхтэр көрөөччүнү сэргэхситтилэр. Ол курдук, кус үргээччи диэн күрэххэ биһиги кэрэ аҥардарбыт түөлбэлэринэн кыттан, 1 миэстэни Д.Н. Самойлова («Мевандук» түөлбэ) ылан үөрдэ-көттө. 2 миэстэни А.В. Слепцова («Сарыал» түөлбэ), 3 миэстэни М.В. Старостина (“Кэскил”), 4 миэстэни В.А. Ефимова («Аартык») ыллылар.

Өссө биир сэргэх күрэх – собо ыраастааһын көрөөччү сэҥээриитин ылла. 1 миэстэни Н.П. Старостина (“Кэскил”), 2 миэстэни – Н.Ф. Другина (“Сарыал”), 3 миэстэни – С.А. Горохова (“Мевандук”), 4 миэстэни – Е. Новгородова (“Аартык”) ыллылар.

Сиппиир хомуйуута, оҥоруута диэн сэргэх күрэххэ күүстээх аҥардарбыт, дурда-хахха дьоммут күөн көрүстүлэр. Саамай сатабыллаах И.И. Постников («Аартык”) 1 миэстэни ылан кыайыы өрөгөйүн тутта. 2 миэстэни Д.Н. Колесов (“Сарыал”), 3 миэстэни А.А. Баишев (“Кэскил”), 4 миэстэни М.В. Старостин (“Мевандук”) ситистилэр. Бары сатабыллаах, түргэн туттуулаах эр бэртэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.

Түргэн аһааһын күрэххэ ким сымыыты түргэнник сиэбит кыайда. Ол курдук, М.С. Слепцова («Кэскил») тэҥнээҕин булбата. 2 миэстэни Х. Тутукаров («Аартык»), 3 миэстэни – М.М. Боярский («Сарыал»),  4 миэстэни Н.В. Сыроватская (“Мевандук”) ыллылар.

Дьаарбаҥка, сэргэх күрэхтэр быыстарыгар нэһилиэкпит ылбаҕай ырыаһыттара ыллаан-туойан тэрээһини киэргэттилэр. Бу бырааһынньыгы кытта сэргэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрин күнүнэн «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын иитээччилэрин идэтийбит бырааһынньыктарынан, өр кэмҥэ сыраларын биэрэн үлэлээн кэлбит уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар дьоммутугар үлэлэригэр, тус олохторугар ситиһиилэри, элбэх оҕо махталын, тапталын ылыан ыла туруҥ диэн диэн туран, уһуйаан сэбиэдиссэйэ Федора Горохова, ону тэҥэ этнокултуурунай киин дириэктэрэ Розалия Макарова эҕэрдэ тыл эттилэр.

Дьаарбаҥка таһынан “Доруобай нэһилиэк” бырайыак чэрчитинэн хаалыктаах хаамыы ыытыллан, чөл олоҕу, чэбдик туругу көҕүлээтэ.

Ити курдук олус көхтөөх, күлүүлээх күрэхтэр, тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа буоллулар. Сахабыт сирэ өссө да сайдан истин, тубустар тубустун, хас биирдии нэһилиэк, улуус сайда-чэчирии турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Кустууртан биһиги уопс. кэрр. Мария Саргина