Күһүҥҥү хараал кэмигэр табалары маркировкалааһын тэҥҥэ ыытылынна

Эбээн-Бытантай улууһугар дьиэ табатын маркировкалааһын быйылгыттан саҕаланна. Санатар эбит буоллахха, өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ табатын 50 бырыһыанын бу дьыл ахсынньы 20 күнүгэр, хаалбыт аҥаарын эһиил балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри түмүктүүргэ сорук турар.

Тэрилтэ салайааччыларын үлэни-хамнаһы торумнуур мунньахтарыгар бэтэринэриийэ салайааччыта Саргылана Николаева күһүҥҥү хараал кэмигэр уопсайа 2759 таба маркировкаланна, ол онтон биһиги улууспутугар интернет сибээһэ бытаанынан анал бырагыраамаҕа бүгүҥҥү күн туругунан 100 төбө таба киирэн турар диэн иһитиннэрдэ.

Бэтэринэриийэ үлэһиттэрэ таба ахсааныгар тэҥҥэ сылдьан, маркировкалааһын үлэтэ тиһиктээхтик барарыгар үлэлииллэр.

«Бу күннэргэ урбаанньыт Горохова Р.Н. хаһаайыстыбатыгар Туора Үрэх диэн сиргэ хараалга сылдьан, 1208 төбө табаҕа кулгаахтарыгар бииркэ туруордубут. Маны тэҥэ “Кочевник – 2” хаһаайыстыбатын табата эмиэ бииркэлэннэ. “Ленинскэй” МУТ 1 уонна 6 нүөмэрдээх ыстаадаларыгар, «Айалыр” хаһаайыстыбаҕа эмиэ маркировка үлэтэ ыытылынна. Эрдэ Сыыкыйга 3 нүөмэрдээх ыстаадаҕа уонна урбаанньыт З.Г. Колесова хаһаайыстыбатын табалара бииркэлэммиттэрэ,» — диэн бу үлэни ыытарга ыстаадаларынан сылдьыбыт бэтэринэриийэ үлэһитэ Мария Карманова сырдатта.

Сардаана Копырина

Читайте дальше