Күөх сайын быйаҥын сомсон

Кылгас сайыммыт барахсан оройо – от ыйын ортото буолла. Билиҥҥи туругунан ырыаҕа ылламмыт Кустуурбут киэҥ туонатыгар сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ, күөх быйаҥтан сомсон ылаары, дьон от туттарыытыгар дуогабардаһан, оттуу бардылар.

Ол курдук, билигин 13 отчут «Саха сүөһүтэ» тэрилтэни кытары 204 т. окко дуогабардастылар. Дьон кыах тиийэринэн хас биирдии салаа от туһугар күнү-түүнү аахсыбакка оттуурга бэлэмнэнэн ходуһаларыгар тиийбиттэрэ. Маныаха «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ дуогабардаспыт дьоҥҥо үлэ төлөбүрүн 30% тутатына  төлөөтө. Бу тэрилтэ уопсайа 282 т. от былааннаах.

Сайын үтүөтүгэр, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ ходуһаҕа үгүстүк косилка тыаһаан ньиргитиэ, кээһиилээх от кэккэлиэ. От үүнүүтэ быйыл үчүгэй. Ходуһалар уулаахтара эрэ мэһэйдэри үөскэтэр. Уунуу ыытыы, хаайыы үлэтэ барар. Күн-дьыл күүппэт, күһүн бу тиийэн кэлиэҕэ, халлаан ардаан-самыырдаан харгыстары үөскэтиэ диэн бааһынай хаһаайыстыбалар, чааһынай сүөһүлээх дьон барахсаттар кыстыгы туоруур отторун булунар туһугар ходуһаҕа киирбиттэрэ ыраатта.

Чэ, онон “Бары күүһү – окко!” диэн луоһуммутун өрө тутуохха!

Кустууртан биһиги уопс. кэрр. Тамара Шадрина

Читайте дальше