Кустуурга саҥа хочуолунай тутуллар

Сайыҥҥы кылгас кэми баттаһа нэһилиэктэргэ үлэ-хамнас тигинэччи барар.  Аллараа-Бытантай нэһилиэгэр биир улахан тутуу – саҥа хочуолунай дьэндэйэн эрэр. Сиһилии нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Алексей Баишев сырдатта.

«Саҥа хочуолунай тутуутугар үс биригээдэ үлэлиир. Үлэһиттэр Сунтаартан, киин куораттан Дьокуускайтан уонна да атын сирдэртэн кэлэн үлэлии сылдьаллар. Хочуолунайы таҥааччылар, бетонщиктар, ититии ситимин киллэрээччилэр уонна бэйэбит 5 уолбут бааллар.

Билиҥҥи туругунан хочуоллары оннугар булларан, таҥан бүтэрэн эрэллэр. Билигин маһы үлтүрүтэр экскаватордарын оҥоро сылдьаллар. Хочуолунай иһинээҕи ититэр систиэмэтин таҥаллар.

Ититии ситимин оҥоруу туһунан сырдаттахха, манна өрөспүүбүлүкэбит араас оройуоннарыттан Уус-Алдантан, Тааттаттан, Намтан, Өлүөхүмэттэн кэлэн, 7 уол уонна бэйэбит 5 уолбут үлэлии сылдьаллар. Кинилэр сарсыарда 8 чаастан киэһэ хойукка диэри үлэлээн, ититии ситимин улахан  магистралларын бүтэрэн, билигин дьиэлэргэ тиийэр ситимин тарда сылдьаллар,» — диэн Алексей Антонович кэпсээтэ.

Манна даҕатан эттэххэ, саҥа тутулла турар хочуолунай маһы дробилкаҕа үлтүрүтэн оттуллар. Этэҥҥэ туох да харгыһа суох үлэҕэ киирдэҕинэ нэһилиэк толору сылааһынан хааччыллыахтаах.

Сардаана Копырина