Аһаҕас турнир биһиги улуустан көҥүл тустууга СССР бастакы маастара, айылҕаттан айдарыылаах уруһуйдьут Михаил Николаевич Другин бирииһигэр оҕолорго тустуу күрэҕэ 5 төгүлүн буолла. Тэрээһин дьоһун чааһын улуус баһылыга Иннокентий Стручков Михаил Николаевиһы, тириэнэрдэри, тустууктары эҕэрдэлээн арыйда.
Манна уһуйаан иитиллээччиллэриттэн саҕалаан улахан кылаас оҕолоро кииристилэр. Кырачаан бөҕөстөр тустуу быраабылатын толору тутуһан, кыах баарынан харса суох түһүстүлэр. Кыайыы үөрүүтэ, хотторуу хомолтото, харах уута да ханна барыай, көрүөххэ бэрт астык дьоннор. Улахан оҕолор номнуо өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тустууктар буолан тутталлара-хапталлара ураты, уопутурбут бөҕөстөр бэйэ-бэйэлэрин билсибиттэрэ биллэр, ханнык албаһы тутталларын барытын толкуйдаан киирсэллэр.
Михаил Другин идэтинэн худуоһунньук. Бу күн кини бииртэн биир кэрэ көстүүлээх, араас үлэлэрин быыстапката тэрилиннэ. Михаил Николаевич мустубут дьоҥҥо — сэргэҕэ хас биирдии хартыына ханна, туох санааттан, хайдах уруһуйдаабытын барытын кэпсээн көрдөрбүтэ, киһи түмэлгэ сылдьар курдук санааҕа киирэр.
Биһиги бу күн буруйдааҕын, Михаил Другины санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
- Сааскы үөрүүлээх күҥҥэ, оҕолор үөрэн-көтөн тустан сырбалдьыта сылдьаллара көрөргө олус үчүгэй. Дьарыктаахтара, эрчийэллэрэ биллэр, идэтийбит тустууктартан хаалсыбаттар. Бу оҕолор тустуу спордун номнуо бэйэлэригэр талан, сүрүн дьарык оҥостубуттара көстөр. Быыкаан дьону эмиэ дьарыктыыллар эбит, бу олус хайҕаллаах, ол эрэн сэрэхтээх, кутталлаах үлэ буолуохтаах, маннык кыра уһуйаан дьонун кытта үлэлиир. Тириэнэрдэрэ Петр Стручков кэргэнин Христина Иннокентьевнаны кытта тэҥҥэ оҕолору тустууга уһуйаллар, дьарыктыыллар эбит. Мин кинилэргэ түспүтүм, дьонум дьиэлэригэр киэһэ 10 саҕана биирдэ кэлэллэр, кинилэри күүтэн аччыктаан буорайдаҕым үһү онно (күлэр). Инник тустууга, спортка күүстээх бэриниилээх, ис дууһаларыттан үлэлиир дьон эбит.
- 1978 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай үчилищены бүтэрбитим. Ол кэннэ, талан ылбыт идэбинэн үлэлии сылдьан, биирдэ эрэ атын хайысхаҕа туора бара сылдьыбытым, ол эбэтэр дойдубар Дьарҕаалаахха баһылыктыы сылдьыбыт кэммэр. Онтон баһылыктаан бүтэн идэбэр төннүбүтүм. Художник – оформительынан үлэлиибин, бу, айар худуоһунньуктан уратыта диэн, дьон баҕатынан, тугу диэбиттэрин уруһуйдаан таһаарабын, билиҥҥи курдук компьютердар, араас программалар суох кэмнэригэр үлэбит күөстүү оргуйара, сакаас бөҕө киирэрэ, онон элбэх харчылаах, хамнастаах үлэ этэ. Айар худуоһунньук биир — икки үчүгэй улахан үлэлээх буолар, иэйиитэ киирэринэн үлэлиир киһи, ону өссө ылаллара биллибэт диэн, айбат этим. Кэнники, 72 сааспын туолан баран, дьэ, иллэҥ бириэмэ булан, айар куппун киллэрэн бэйэм баҕабынан, иэйиим киирэринэн уруһуйдуур буола сылдьабын. Айылҕам өссө 4-5 сыл биэрэн сырытаннара түстэҕинэ, биир икки үчүгэй, бэйэм кэннэ хаалларар хартыынабын уруһуйдаан таһаарыахпын баҕарабын. Бүгүн сорох үлэлэрбин аҕалан, биир дойдулаахтарым көрдүннэр-сэргээтиннэр диэммин ыйаатым.
- Биир дойдулаахтарым үтүөтүк санаан, бу маннык үчүгэй, улахан тэрээһин оҥорон ыыталларыттан наһаа үөрэбин, махтанабын. Куоракка тиийдэхтэринэ дойдум дьонун барыларын үөрэ-көтө көрсөбүн, манна кэллэхпинэ миигин эмиэ үөрэ көрсөллөр. Онон, эппиккэ диэри, ойуурдаах куобах охтон-быстан биэрбэт дииллэригэр, күүскэ сөпсөһөбүн.
Ити курдук, көҥүл тустуу күрэҕэ бэрт тыҥааһыннаах киирсиилэрин түмүгүнэн ким дьарыктаах, күүстээх утарылаһааччыларын кыайан миэстэҕэ таҕыста. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын үөрүүлээх чааһа Саккырыыр орто оскуолатын урукку дьиэтин спортивнай саалатыгар ыытылынна. Бу спортивнай сааланыулуус салалтатын быһаарыытынан, тустуук оҕолорго уонна тириэнэрдэригэр Петр Стручковка биэрдилэр. Онон, бу күн өссө биир үөрүүлээх түгнэинэн, Тустуу саалатын үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Кыра боотурдар, уһуйаан бэлмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ;
18 киилэҕэ
1 миэстэ – Иван Аммосов;
2 миэстэ – Константин Колесов.
22 киилэҕэ
1 миэстэ – Эрэл Стручков;
2 миэстэ – Андрей Петров;
3 миэстэ – Эрлан Сыромятников.
27 киилэҕэ
1 миэстэ – Айсен Андросов;
2 миэстэ – Харысхан Рожин;
27 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа
1 миэстэ — Дохсун Стручков.
Орто бөлөх;
1 миэстэ – Петр Слепцов;
2 миэстэ – Прокопий Слепцов;
3 миэстэ – Баир Стручков.
21 киилэҕэ
1миэстэ – Дьулуур Стручков;
2 миэстэ – Эрсан Саввинов-Стручков;
3 миэстэ — Святослав Шадрин, Айхал Пинигин.
Алын кылаастарга:
22 киилэҕэ
1 миэстэ — Василий Сотрудников, 1 кыл.
28 киилэҕэ
1 миэстэ — Антон Аммосов, 1 кыл.
2 миэстэ – Андриан Семенов
24 киилэҕэ
1 миэстэ — Аким Потапов
26 киилэҕэ
1 миэстэ — Еремей Рожин
28 киилэҕэ
1 миэстэ — Егор Никитин;
2 миэстэ — Аким Слепцов
30 киилэҕэ
1миэстэ — Алеша Устинов;
2миэстэ – Арслан Тоскин
32 киилэҕэ
1 миэстэ — Павел Слепцов;
2 миэстэ — Айхал Свинобоев;
3 миэстэ – Кристофор Старостин
35 киилэҕэ
1 миэстэ – Эрсан Сыроватский;
2миэстэ — Саян Данзанов
38 киилэҕэ
1миэстэ — Степан Другин;
2 миэстэ – Кирилл Петухов
38 киилэттэн үөһээ
1 миэстэ – Арчылан Горохов;
2 миэстэ — Александр Другин
Улахан кылаастарга:
44 киилэҕэ
1 м. — Эрсан Федоров;
2 м. – Владимир Слепцов;
3 м. – Ярик Стручков
48 киилэҕэ
1м. — Владимир Слепцов;
2м. — Ярик Стручков;
3м. — Айжан Горохов;
3м. – Конан Мохчогоров
52 киилэҕэ
1м. — Валера Попов;
2м. — Эрсан Федоров;
3м. — Конан Мохчогоров;
3м. — Айжан Горохов
57 киилэҕэ
1м. — Валера Попов;
2м. — Айысхан Сыроватский;
3м. — Егор Колесов;
3м. — Дима Стручков
62 киилэҕэ
1м. — Ньургустан Никитин;
2м. — Алгыс Лебедев;
3м. — Дима Стручков
Маны тэҥэ, оҕолорго спонсордар туруорбут анал бириистэрин туттардылар.
Анал аат «Кэскилээх тустуук » – Эрсан Федоровка, Стручковтар дьиэ кэргэн 3 тыһ. сууммалаах «Мега» маҕаһыынтан ыларыгар сертификат;
Анал аат «Кыайыыга дьулуурун иһин» бирииһи Обутовтар дьиэ кэргэттэрэ туруорда, 7 тыһ. сууммалаах бириис Сыроватский Айысханҥа тигистэ.
Любовь, Николай Стручковтар анал бириистэрин Старостин Кристофорга туттардылар.
Анал аат «Лучшая техника» — Эрсан Сыроватский Михаил Другин анал бирииһин ылла.
Анал аат «Перспективный борец»- Слепцов Владимир буолла.
Виктор Ефимов көхтөөх кыттыыны ылбыт боотурга оонньуу бириис туруорда.
Христина Стручкова, «Хаарчаана» оҕо саадын уһуйааччыта, бу тэрээһини тэрийсэн ыыппыт сүрүн киһи:
— Михаил Николевич биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, улуус баһылыгар Иннокентий Стручковка, оҕо, ыччат эрчиллэр саалатын салайааччытыгар Мария Афанасьеваҕа сүрдээх үчүгэй, бэйэтэ уруһуйдаабыт хартыыналарын бэлэх туттарда.
Михаил Другин дьонугар, ол эбэтэр чуолаан балтытыгар Лия Николаеваҕа, сиэнигэр Күннэй Алексееваҕа эһээлэрин, убайдарын бирииһигэр ыытыллыбыт көҥүл тустууну олус үчүгэйдик тэрийэн, V—с үбүлүөйдээх тэрээһинэ улахан таһымнаахтык ааста. Маннык тэрээһиннэр оҕолорго, төрөппүттэригэр үөрүүнү аҕалаллар, дьон-сэргэ кыттааччыларга «ыалдьан» ыһытаан-хаһыытаан, бэрткэ диэн сынньанан, тыын таһаарынан барар.
Биһиги дьиэ кэргэн бу күрэххэ кыттыыны ылбыт кыра, улахан тустууктарбытыгар махтанабыт. Улууспут баһылыгар Иннокентий Стручковка, үөрэҕирии салалтатын салайааччытыгар Петр Потаповка, оҕо — ыччат этин — сиинин эрчийэр саала салайааччытыгар Мария Афанасьеваҕа, бары үлэһиттэргэ сүгүрүйэн туран, истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Тэрийээччилэр бу күрэххэ күүс-көмө буолбут бары спонсордарга улахан махталларын тиэрдэллэр.
Марианна СЛЕПЦОВА