Ахсынньы 9 күнүгэр, Оҕо спортивнай саалатыгар Дьоруой күнүн чэрчитинэн, Эбээн Бытантай оройуонуттан быстах хомуурга баран суорума суолламмыт Дьоруой уолаттарбыт ааттарынан анал бириистэргэ, улуустааҕы «Кубок Бытантая – 2023» хапсаҕай уонна хомуур хапсаҕай күрэхтэрэ ыытылынна.
Үрдүк таһымнаах күрэххэ 17 бөҕөс күөн көрсөн хабыр хапсыһыылар манна буоллулар.
Түргэн-тарҕан хапсаҕай күрэҕин бастакы түһүмэҕэ эбиэт инниннэ түмүктэнэн, күн иккис аҥаарыгар ыһыылаах — хаһыылаах финал уонна кэтэһиилээх хомуур хапсаҕай күрэҕэ буолла. Үөрүүлээх арыллыы чааһыгар улуус Аҕа баһылыга Иннокентий Стручков, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Сергей Аликов, «Аэропорты Севера» начаалынньыга Екатерина Обутова, ОДьКХ дириэктэрэ Максим Горохов, уот ситимин салайааччыта Владимир Дмитриев, оҕо уһуйаанын тириэнэрэ Христина Стручкова эҕэрдэ тылларын, Дьоруой уолаттарбытын ахтан – санаан, кинилэр өрүү өйбүтүгэр, санаабытыгар баалларын эттилэр.
“Дюбун” ЭКК үлэһитэ Николай Иванов олус сөптөөх ырыаны таба ыллаан-туойан, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө.
Хапсаҕай түмүгэ:
Егор Стручков аатынан бириискэ, 60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м. — Аскалон Захаров;
2 м. — Дьулус Колесов;
3 м. – Александр Другин.
Биһирэбил бириистэр:
Егор ийэтэ Розалия Стручкова туруорбут “Саамай эдэр кыттааччы” аат бирииһи Василий Былчаховка туттарылынна.
Онтон Егор убайа Иван Стручков туруорбут бирииһин хаһаайынынан Аскалон Захаров буолла. Мааны күтүөппүт Егор Стручков кэргэнэ Светлана уонна кинилэр оҕолорун бириистэрэ Ганя Гороховка тиксэр чиэскэ тигистэ.
Иван Горохов бирииһигэр 70 киилэҕэ диэри:
1 м. — Алекс Горохов
2 м. — Егор Сотрудников
3 м. — Данил Горохов
Биһирэбил бириистэр:
Иван Горохов кэргэнэ Лидия уонна оҕолорун бирииһин Айлан Былчахов ылла.
Уйбаанчык бииргэ үөрэммит оҕолоро Данил Гороховка анал бириистэрин туттардылар.
Егор Рожин аатынан бириискэ, 80 киилэҕэ диэри:
— 1 м. — Виктор Обутов;
— 2 м. — Иван Старостин;
— 3 м. — Александр Верховской.
Биһирэбил бириистэр:
Рожин Егор Адольфович уола Харысхан Рожин 80 киилэ ыйааһыҥҥа миэстэлэспит спортмсеннарга барыларыгар анал бирииһин туттартаата, ону таһынан аймахтара — Александра, Андрей Данзановтар Иван Старостиҥҥа уонна урбаанньыт Надежда Наумова анал бирииһэ Виктор Обутовка туттарылыннылар.
80 киилэттэн үөһэ, быстах хомуурга сылдьар уолаттар бириистэригэр:
1 м. – Александр Жендринский;
2м. – Уйгулан Барашков;
3 м. – Алексан Борисов.
Хомуур Хапсаҕай:
1 м. – «Хоһуун», хапытаан Обутов Виктор;
2м. — «Энергия РЭС», хапытаан Старостин Иван;
3 м. — «МЧС», хапытаан Барашков Уйгулаан.
Хомуур Хапсаҕай «Абсолютнай кыайыылаах» бирииһи Егор Рожин уола Харысхан туруорда — 30000 солк.
Муҥутуур кыайыылаах- «Хоһуун» хамаанда, хапытаан Виктор Обутов.
Хапсаҕайга “Абсолютнай чэмпийиэн” аакка быстах хомуурга сылдьар уолаттар туруорбут бириистэрэ — 25000 солк., Виктор Обутов ылла.
Анал аат хаһаайыттара;
— «За волю к победе» — Гаврил Горохов;
— «Лучший бросок» — Данил Горохов;
— «Самый техничный борец» — Аскалон Захаров;
— «Самая быстрая Победа» — Виктор Обутов;
Стручков Егор Иванович аатынан, 60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бириистэр:
1 миэстэ — 20000 сертификат(улуус дьаһалтата);
2 миэстэ – инструмент ОДьКХ кэллэктиибэ);
3 миэстэ – шуруповерт(«Сахаэнерго»).
Горохов Иван Семенович аатынан, 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
— 1 миэстэҕэ – 12000 солк., Иван ийэтин кэллиэгэлэрэ(киин балыыһа);
— 2 миэстэ -6000 солк., (Гарпан» ЭКК);
— 3 миэстэ — 5000 солк., («Ферма» түөлбэ).
Рожин Егор Адольфович аатынан, 80 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 миэстэ — скоростной велосипед (ИП Рожин М.М. «Тотас» маг., Наумова Надежда);
2 миэстэ — саха быһаҕа (ИП Данзановтар);
3 миэстэ — 15000 солк (аэропорт «Саккырыр»).
Быстах хомуурга сылдьар уолаттар бириистэрэ:
— 1 миэстэ – 10000 солк.; 2 миэстэ – 5000 солк.; 3 миэстэ – 5000 солк.
Хомуур Хапсаҕай:
— 1 миэстэ — 200 л. Бензин(улуус дьаһалтата);
— 2 миэстэ — 10000 солк. сертификат(Түгэһиир нэһилиэгэ);
— 3 миэстэ – колонка(«Сахаэнерго»).
Маны таһынан, араас номинацияларга үөрэх, ветеринария салалталара, Дьарыктаах буолуу киинэ, социальнай харалта, «Хаарчаана» уһуйаан, ДНД бириис туруордулар.
Мария Афанасьева, Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын дириэктэрэ:
-“Биһиги улууспутугар спорт эйгэтигэр бу, биир улахан тэрээһиммит буолар. Манна кыттыыны ылбыт уолаттарга, өйөбүл буолбут тэрилтэлэргэ улахан махталбын тиэрдэбин. Чуолаан, дьоруой уолаттарбыт дьонноругар, аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр, барытыгар тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар. Мин тус бэйэм, тэрээһин туох да харгыһа суох, барыта кэминэн этэҥҥэ ааста дии саныыбын, турбут бириистэр олус үчүгэй буоланнар хас биирдии кыттааччы бириис тутуурдаах, сүргэлэрэ көтөҕүллэн үөрэн — көтөн тарҕаспыттарын көрөр олус үчүгэй.”
Дьэ, кырдьык өрөгөй күрэх буолан ааста. Бириистэрэ да олус бэрт. Түмүккэ, уолаттар үөрүүлэрин көрдөрөн, күөн көрсүбүт көбүөрдэригэр биир киһи курдук бары төгүрүччү куустуһан, эйэ «һээдьэтин» үҥкүүлээн, ойо тэбэн түмүктээбиттэрин көрөргө астык. Бу буолар, биһиги күүспүт — түмсүүбүтүгэр!
Марианна СЛЕПЦОВА