Кустуур нэһилиэгин ыччаттара, кэнчээри кэскиллэрэ уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кытталлар. Бу күннэргэ Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах кэнсиэркэ оскуола оҕолоро түмсэннэр “Һэбдьэни” диэн көр-күлүү бөлөҕү тэрийэн кытыннылар.
Бу туһунан Кустуур орто оскуолатын бэрэсидьиэнэ Наум Наумов сырдатта.
— Мин оскуола бэрэсидьиэнинэн үлэлээбитим 4-с сылын барда, ол сыллар тухары көр-күлүү бөлөҕүн тэрийбит киһи диэн мэлдьи өйбөр баар этэ, биир бэйэм кыра эрдэхпиттэн, арааһа уһуйаан сааспыттан буолуо, өрөспүүбүлүкэбитигэр биллибит Огдооччуйаны, «Быара суохтар» көр- күлүү бөлөҕү туохтааҕар да интэриэһиргээн көрөрүм, нуччалыы эттэххэ, «фанаттыырым». Онон салайтаран көр — күлүү бөлөҕүн тэрийии — кыра эрдэхпиттэн баҕа санаам буолара. Онтон бу баҕа санаабын доҕотторбор кэпсээбиппэр тутатына ылынан, сөбүлэһэн, мунньахтаан баран, «ҺЭБДЬЭНИ» диэн аат иҥэринэн, сэтинньи 11 күнүгэр бу бөлөҕүнэн аан маҥнай сыанаҕа тахсан, «Поликлиникаҕа» диэн көрдөөх-нардаах сценка көрдөрбүппүт. Ол эрээри, көр-күлүү бөлөххө киирбит оҕолор бу үөрэх дьылыгар өссө да түмсэ, аат иҥэринэ иликпитинэ «Учууталлар», «Дэриэбинэ олоҕуттан» сценканы уонна “BONNY M” бөлөҕү пародиялаан турардаахпыт.
Саҥа бөлөхпүт сыала-соруга диэн оҕо талаанын арыйыы, сыанаҕа тахса үөрэтии буолар, ону тэҥэ кыра-улахан кылаас диэн арахсыбакка биир түмсүлээх буолалларын ситиһии уонна, биллэн туран, дьону күллэрии, үөрдүү буолар .
Бүгүҥҥү күҥҥэ бөлөхпүтүгэр 10 оҕо баар, ол гынан баран киириэн баҕалаах оҕолор элбэхтэр.
Инники былааҥҥа араас көрдөөх—нардаах роликтары уһулуу, күрэхтэргэ кыттыы, күлүлээх инсценировкалары туруоруу баар. Төһө күүс—уох баарынан бу былааммытын олоххо киллэрэн иһиэхпит.
Билиҥҥи кэмҥэ баҕа санаабыт диэн салайааччылаахпыт эбитэ буоллар диэн. Учууталлар, култуура үлэһиттэрин ортолоругар салайааччы көрдөнө сылдьабыт уонна, биллэн туран, атрибуттар, парик, гримм, араас көрдөөх мааскалар наадалар.
Кустуур орто оскуолатын ыччаттара олус да ахтыбыыстарын, бэйэлэрин баҕа санааларынан салайтаран, араас толкуйдарын олоххо киллэрэн, үөрэх таһынан айымньылаах дьарыктарын олус сэргии, хайгыы иһиттим.
Хоту улуус кытыы нэһилиэгэр биир кэм олорон хаалбакка, медиа-киин тэринэн, көр-күлүү бөлөҕүн арынан, олохторун сэргэхситэн, үтүөҕэ-кэрэҕэ, үүнүүгэ-сайдыыга талаһан, тиһиктээх үлэ ыыталларынан холобур буолаллар. Оҕолорго ситиһиилэри, баҕа санаа туолуутун, өссө айымньылаах үлэни баҕарабыт.
Сардаана Копырина