Кэрэни кэрэхсиир, сэргиир киһиэхэ — дойдубут ураты тыын биэрэр

       Саҥа оскуолабыт таһыттан эрэ буолбакка, ис көстүүтэ эмиэ киэркэйэн, араас  өҥнөөх оһуорунан симэнэн сырдыы-тупса түспүт. Маннык, хотугулуу тыыннаах кэрэ көстүүнү кылгас кэм иһигэр идэтинэн худуоһунньук-дизайнер, бэйэтин дьыалатын 20 сыл устата уһулуччу баһылаабыт Вера Готовцева уруһуйдуу сылдьар. Биһиги кинини бу үлэтин туһунан сырдата түһэригэр көрдөстүбүт.

—  Мин идэбинэн үлэлээбитим номнуо 20 сыл буолла. Бэйэм бырайыак, эскиз оҥоробун, онтон олоххо киллэрэн уруһуйдаан таһаарабын.

    Эбээн Бытантай улууһугар саҥа оскуолаҕа  худуоһунньук наада, диэн  этии тохсунньу ыйга киирбитэ.  Эбээн-Бытантай оройуона хайдах дойду буоларын олох билбэт этим, ол иһин тутатына куйаар ситимигэр киирэн хаартыскаларын, туох устуоруйалаах дойдутун чинчийэ көрбүтүм. Бырайыак оҥорон көрдөрбүппүн ылынаннар манна кэлэр буолбутум, онно эбии дьон көрдөнөн көрбүтүм да,  бары иллэҥэ суох буоланнар, бэйэм бырайыакпын олоххо киллэрэр баҕа санаабыттан соҕотох да кэлэргэ хорсуннук  кэлэргэ санаммытым (күлэр).      Хоту сиригэр иккис сырыым буолар, бу иннинэ Өлөөн култуура киинин оҥоһуутугар сылдьыбыппыт, онон эр санаа ылан быһаарыммытым.

     Саҥа оскуола икки этээһин уонна аһыыр сирдэрин дьэрэкээн уруһуйунан киэргэтэ сылдьабын, үлэлээбитим ый буолан эрэр, бу өрөбүлгэ үлэбин түмүктүөм, диэн санаалаахпын. 

    Уруһуйдарым бэйэҕит дойдугут кэрэ айылҕатыттан  иэйиилэнэн оскуола истиэнэтигэр түстүлэр, хотугулуу истииллээх. Бастаан хаартыскаҕа көрбүппүнээҕэр, илэ харахпынан кэлэн сибиэһэй салгынын, үрдүк муус маҥан хайаларгыт туспа ураты тыын, сэниэ биэрэллэрин бэлиэтээтим, онон бу кэрэ дойдуга санаалыын көтөҕүллэн, иэйиилээхтик үлэлээтим.

 Бастакы этээскэ улахан араас өҥнөөх кынат уруһуйдуу турабын, бу  идеята диэн, оҕолор бу уруһуйга туран хаартыска түстүннэр, санааларыгар кынаттара үүннүн, үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэнэн, үрдүк чыпчаалларга дабайа турдуннар, диэн.

Ахсынньы ыйга дьэ оҕолорбут тупсаҕай көстүүлээх, киэҥ-куоҥ саҥа оскуолаҕа киирэннэр билии  — үөрэх баһылаан элбэх ситиһиилэниэхтэрэ, үөрэ-көтө оскуолаларыгар барар буолуохтара, диэн бигэ эрэнэбит.

 

 Марианна СЛЕПЦОВА