Кэнчээрилэрбит – кэскиллэрбит ситиһиилэринэн үөрдэллэр

Бу күннэргэ Санкт Петербург куоракка  “Открой в себе ученого” XI Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола оҕолоругар наука кирбиилэригэр кэмпириэнсийэ ыытылынна.

 

Манна Р.И.Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сандаара Другина ситиһиилээхтик кытынна. Кини «Швейная технология предков. Нити из сухожилий”, салайааччы Маргарита Слепцова. Сандаара кэмпириэнсийэ түмүгүнэн III истиэпэннээх Лауреат үрдүк аатын ситистэ. Бу кэмпириэнсийэҕэ биһиги биир дойдуулаахпыт Игорь Петров, билигин Элгээйи оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ I миэстэ хаһаайына буолуоҕун буолла. Игорь манна уһуйааҥҥа сылдьыбыта, кыра эрдэҕиттэн барыны бары билэр – көрөр дьоҕурдааҕа биллэрин өйдүүргүт буолуо. Кини бу кэмпириэнсийэҕэ «Ландшафтный дизайн Эльгяйского микрорайона «Патриот»» тиэмэнэн кыттыбыта. Онон, эбээнбытантайдар оҕолорбут дойду таһымнаах тэрээһиҥҥэ үрдүк ситиһиилэнэн икки бүк үөрүү өрөгөйдөннүбүт. Сандааралаах, Игорьга итии – истиҥ эҕэрдэ! Дойдугут, өрөспүүбүлүкэҕит, төрөөбүт түөлбэҕит инникитин түстэһэр дьон буола үүнүҥ- сайдыҥ!

Читайте дальше