Индюк – элбэх эттээх көтөр

Түгэһиир нэһилиэгин олохтооҕо, дьиэ көтөрүн иитэр Геннадий Ковалев түргэнник уойар, элбэх эттээх канадскай индюктары сымыыттан таһааран, сайын устата иитэн, биир индюктан 20 киилэ ыраас эти ылла.

“Дьокуускай куоракка Канадаттан кэлбит 20 уст. сымыыты 10 тыһ. солк. атыыласпытым. Ол 20 сымыыты инкубаторга уган, 5-һэ тахсыбыта, иккитэ өлбүтэ. Онон 3 чоппуусканы иитэн саҕалаабытым.

4 ый устата индюктарым улааттылар. Онон, күһүн иккитин идэһэлээтим, биирин дьоҥҥо атыылаатым.

Индюк сайын устата саамай улааттаҕына 30 киилэҕэ тиийэр. Этэ олус минньигэс, үчүгэй миин тахсар. Дьокуускай куоракка маннык эт биир киилэтэ 900 солк. сыаналаах,” – диэн хоту сиргэ сэдэх дьиэ көтөрүн иитэр Геннадий кэпсээтэ.

Сардаана Копырина

Читайте дальше