«Аан дойду норуоттарын искусствота» ассоциация тэрийбит, “Худуоһунньук күнүн» сылын аайы ахсынньы ый 8 күнүгэр бэлиэтииллэр.
Уруһуй кэрэ эйгэтэ былыыр былыргыттан киһи сүргэтин көтөҕөр, сөхтөрөр, абылыыр. Уруһуйдьут киһи туох баар ис туругун, иэйиитин, үөрүүтүн — хомолтотун уруһуй нөҥүө көрөөччүгэ тиэрдэр. Биллэн турар, маннык айдарыы баҕа күүһүнэн да ылыстахха, хас биирдии киһиэхэ бэрилибэт, табыллыбат. Ол эрэн, бүгүҥҥү матырыйаалбыт дьоруойа уруһуй диэн, талаан эрэ буолбатах – сатабыл, диир.
Педагог уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр ыйга, ону тэҥэ бу бэлиэ күҥҥэ туһаайан биһиги улуустааҕы Оҕо саас киинин педагогын, «Маранга» уруһуй куруһуогун салайааччытын —Мир Николаевич Слепцову кытта кэпсэттибит.
—Дорообо, кылгастык бэйэн тускунан кэпсии түс.
— Мин Дьааҥы оройуонун Сартаҥ бөһүөлэҕиттэн төрүттээхпин. 1998 сыллаахха Намнааҕы педагогическай училищены бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун наґаа сөбүлүүр этим, онон, улаатан идэ талар кэмими µµммµтµгэр, бу миэнэ диэн билэрдии, атын сиргэ туттарса соруммахха тутатына онно киирбитим. Ґірэхпин бµтэрэн, бастаан Элгэс нэһилиэгэр изо уонна труд учууталынан үлэлээбитим. Онтон ыла педагог быґыытынан айар суолум саҕаламмыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ үрдүкү категориялаах эбии үөрэхтээһин педагога буолабын. Плотников Степан Николаевич, Сидоров Степан Валерьевич эдэр педагогтарга настаабынньыктаабытым. Аҕа сүбэһит буолар улахан эппиэтинэс, саҥа саҕалаан эрэр эдэр исписэлиискэ сөптөөх суолу ыйан — кэрдэн биэрэр, идэтин кистэлэҥнэрин арыйар, сүбэлиир хайысхатын бэйэтэ билэр, сатыыр, дьиҥ профессионал, уопуттаах киһи буолуохтаах дии саныыбын.
—О±ону уруһуйдуурга туохтан үөрэтэн саҕалыыгын?
— Хас биирдии оҕо дьоҕурдаах. Уруһуйдуур сатабылы ыларыгар бастатан туран харандааһы, киистэни сөпкө тутарга, өҥнөрү таларга үөрэтэбин. Онтон уруһуйдуур ньымалары, араас тиэхньикэлэри кытта билиһиннэрэбин. Маны тэІэ ааттаах – суоллаах, биллэр – кістір худуоґунньуктар олохторун, µлэлэрин ырытан көрөбүт, µірэтэбит. Айылҕа кырааскаларын көрдөөн чинчийэн боруобалаан көрөбүт, холобура сугунунан, таба, чубуку түүтүнэн уонна да атын ньымаларынан уруґуйдуубут, о±олор маны наґаа сэІээрэллэр. Оҕо кыра кылаастан саҕалаан араас быыстапкаларга, күрэхтэһиилэргэ кыттыыны ылыахтаах дии саныыбын. Бу көҕүлүүр күүс эрэ буолбатах, оҕо өссө сайдарыгар, атын үлэлэри көрөн кыттааччылары көрөн үөрэнэригэр, элбэҕи билэригэр –кірірµгэр олук буолар.
— Үлэҥ сүнньүнэн национальнай компонены хайдах киллэрэҕиний?
— Олохтоох номохтору, үһүйээннэри, эбээн суруйааччыларын кэпсээннэрин, хоһооннорун ааҕан уруһуйдаан хоһуйабыт. Оҕо уруһуйдаары кыһамньытын ууран ааҕар, төрүт үгэстэрин, култуураны кытта билсэн өй ууһа кэҥиир, дойдуларыгар таптал иҥэриллэр.
— Выпускниктарыҥ тустарынан кэпсии түс.
— «Маранга» уруһуй куруһуогун выпускниктарыттан уопсайа 6 оҕо бу хайысханнан салгыы үөрэнэ барбыттара. Нам педколледжыгар 4 оҕо, Дьокуускайдааҕы креативнай индустрия колледжыгар 2 оҕо үөрэнэ сылдьаллар.
Чаҕылхай оҕолорбуттан биирдэстэрэ Настя Корнилова буолар, кини Нам педколледжын ситиһиилээхтик түмүктээн, салҕыы М.К.Аммосов аатынан ХИФУ физикотехническай институтун «Күндү тааһы уонна металлы таҥастааһын технологиятын» кафедратыгар үөрэнэ сылдьар. Кини орто үөрэҕин бүтэрэригэр арыыннан уруһуйдаабыт «Нөлтэк» уруһуйа киэҥ биһирэбили ылбыта. Оҕолорбунан олус киэн туттабын, өрүүтүн сибээспин ыһыктыбаппын.
—Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыгыраҕын?
— Иэйиим киирдэҕинэ уруһуйдуубун, араас тиэхиньикэлэри боруобалаан холонобун. Кыһын хаарынан, мууһунан арааһы оҥоробун. Туохтааҕар да кэргэммин кытта балыктыырбын ордоробун. Саас буолла да, күһүн хойукка диэри араас күөллэринэн, үрүйэлэринэн, үрэхтэринэн сылдьабыт. Айылҕаттан күүс, уоскулаҥ ылар курдукпун.
— Мир Николаевич, хоруйдарыҥ иһин махтал. Айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри. Билииҥ, үлэҥ, сатамньыҥ үөрэнээччилэргэр — эдэр худуоһунньуктаргар салҕана турдун.
«Түгэһиир саһарҕалара» пресс-киин