Биһиги биир дойдулаахпыт Арнольд Григорьев, чуолаан кини хорсун быһыыларын туһунан өрөспүүбүлүкэбит хаһыаттарыгар, социальнай ситимнэргэ элбэхтик тахсан турар. Бэл диэтэр куорат олохтоохторо уолбутун “Супермен”, биһиги “Шварценеггербыт” диэн хайҕаан, махтанан суруйаллар.
Бу соторутааҕыта, ыам ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай куоракка Ильменскай уулуссаҕа ДПС инспектора, полиция лейтенана Арнольд бииргэ үлэлиир кэллиэгэтинээн патруллуу сылдьан умайа турар гараж уота олорор дьиэҕэ тиийэн эрэрин көрөннөр, илиилэригэр туох түбэһэринэн уот төлөнү умулларан дьиэ кэргэн олоҕун быыһаатылар.
Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата бу маннык суруйар:
«Ранним утром 1 мая в городе Якутске инспекторы ДПС Госавтоинспекции МВД по Республике Саха (Якутия) лейтенант полиции Арнольд Григорьев и младший лейтенант полиции Анатолий Сивцев в ходе патрулирования заметили клубы дыма над частным домовладением на улице Ильменской.
Незамедлительно прибыв на место возможного возгорания, полицейские обнаружили, что на территории участка горит гараж, расположенный рядом с жилым домом. Они сообщили о пожаре в дежурную часть и вызвали огнеборцев.
Затем один из полицейских перепрыгнул через забор и открыл калитку изнутри. Стражи правопорядка вошли в помещение, разбудили жильцов и сообщили о случившемся. В жилище находились супруги и их несовершеннолетний сын.
Опасаясь, что пламя может добраться до газовой линии и жилого дома, автоинспекторы попросили женщину с ребёнком отойти на безопасное расстояние, отогнали за ворота припаркованный рядом с горящим строением фургон и вместе с хозяином стали тушить пожар, используя огнетушители из патрульной машины, воду и подручные средства.
В скором времени прибыли пожарные расчёты и ликвидировали возгорание. В результате происшествия никто не пострадал, огнём повреждено помещение гаража. Благодаря оперативным и решительным действиям полицейских распространение огня не допущено.
Со словами благодарности в адрес лейтенанта полиции Арнольда Григорьева и младшего лейтенанта полиции Анатолия Сивцева семья обратилась к министру внутренних дел по Республике Саха (Якутия) генерал-лейтенанту полиции Владимиру Прокопенко с просьбой представить полицейских к награде.”
Уолбут чахчы хорсун киһи! Бу иннинэ киин куорат телеграмм-каналларыгар Арнольд массыынанан сүүрдэн иһэр итирик туруктаах суоппары ситэ баттаан, сүүрэн эрэр массыына салонугар киирэн, тимир көлөнү тохтоппутун көрдөрөр видео тэлэһийэ көппүтэ, дьон сөҕүүтүн-махтайыытын ылбыта.
Арнольд оҕо эрдэҕиттэн от-мас үлэтигэр эриллэн улааппыт эр бэрдэ диэх курдук. Ыарахан үлэ диэни билбит хоту сир уола туохтан да чаҕыйбат. Кэлин улаатан, борбуйун көтөҕөөт, ийэ дойдуга ытык иэһин толорон, аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Аармыйа кэнниттэн ийэтин Виктория Николаевна туйаҕын хатаран, тутатына Ис Дьыала уорганыгар үлэлии киирбитэ. ГИБДД салаатыгар номнуо 6-с сылын үлэлиир.
Эр санаалаах хоту сирбит чулуу уолугар үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, тус олоҕор или-эйэни, ньир-бааччы уйгулаах олоҕу баҕарабыт. Дьон махтала, үтүө санаата тиийэн, өссө таһаарыылаахтык үлэлээ, үрдүк таһымҥа таҕыс диэн алгыыбыт!