Түгэһиир нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьан дьоруойдуу быһыыга сырдык тыына быстыбыт хорсун буойун Иван Гороховка Мэҥэ Бэлиэни туруордулар. Уолбут сырдык мэтириэтэ нэһилиэкпит киин уулуссатыгар туран, биһиги эйэлээх олохпут иһин кыргыһа сылдьан олохторун биэрбит эдэркээн буойуттарга сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар.
«Тапталлаах кэргэммэр, аҕабытыгар Горохов Иван Семеновичка анаан оҥоһуллубут баннер былырыын күһүн оҥоһуллан, киин куораппытыгар Дьокуускайга икки нэдиэлэ тура сылдьыбыта. Салгыы биир дойдулаахпыт Акулина Колесова манна, Саккырыырга ыыппыта.
Кэргэммин үйэтитэр аналлаах баннер туруутугар Түгэһиир нэһилиэгин дьаһалтата турар стойкатын турбанан оҥорон, уот, тиэхиньикэ өттүнэн күүскэ көмөлөстүлэр. Эбээн-Бытантайдааҕы уот ситимин тэрилтэтэ стойкалар турар дьаамаларын хастаран уонна Уйбаанчык табаарыстара, чугас дьоно бары түмсэн күүс-көмө буолан оҥордулар.
Түгэнинэн туһанан, күүс-көмө буолбут Түгэһиир нэһилиэгин дьаһалтатыгар, баһылык Сергей Сергеевич Аликовка, Дмитрий Константинович Сыроватскайга, Дмитрий Васильевич Нохсоровка, уот ситимин тэрилтэтигэр, Уйбаанчык табаарыстарыгар, чугас дьоммутугар махталбын тириэрдэбин,» — диэн кэргэнэ Лидия Суханова кэпсээтэ.