Биһиги биир дойдулаахпыт, хотугу сир хорсун уола Рожин Егор Адольфович дойду көмүскэлигэр биир бастакыннан быстах хомуурга хабыллан барбыта. Байыаннай дьайыыга сылдьан, эдэркээн сааһыгар, күөгэйэр кэмигэр дьоруойдуу быһыыга сырдык тыына быстыбыта. Кини хорсун быһыытыгар сүгүрүйэн, махтанан туран, аймахтара, чугас дьоно Түгэһиир нэһилиэгэр Мэҥэ Бэлиэни туруордулар.
«Бырааппыт Егора Мэҥэ Бэлиэтин туруорарга саамай сүүрбүт-көппүт, дьаһайбыт, туох баар матырыйаалын булбут киһибитигэр Мария Афанасьеваҕа, уолугар Айлаан Былчаховка, күүс-көмө буолбут дьоммутугар Константин Ефимовка, сыбааркалаан биэрбит Ян Поповка, тиэхиньикэнэн көмөлөспүт Түгэһиир нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, «Арткика суоллара” тэрилтэ учаастактааҕы салаатыгар, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэригэр, доҕотторугар-атастарыгар ис сүрэхпититтэн истиҥник махтанабыт. Егора сырдык мөссүөнэ Мэҥэ Бэлиэ буолан, байыаннай дьайыыга бииргэ сылдьыбыт табаарыһа Иван Гороховтыын кэккэлэһэ туран, уолаттарбыт хорсун быһыыларын, Албан ааттарын санатан, сүгүрүйүү, махтаныы бэлиэтэ буолуоҕа», — диэн эдьиййэ Александра Лонгинова махталын биллэрдэ.