Тохсунньу 19 күнүгэр Эбээн Бытантайга ыччат баала буолан ааста, бу улахан тэрээһини улуустааҕы социальнай политика салалтата тэрийэн ыытта.
Тэрээһин улуус дьаһалтатын дьиэтигэр кыттааччылар регистрацияларыттан саҕаланна. Улахан кылаастар хамаандаларын кытта ааҕан 79 эдэр ыччат мустан, квест оонньууга түһүннүллэр. Оҕо саас киинигэр, Айар дьиэҕэ, оҕо ыччат спортивнай саалатыгар станцияларынан соруктары толороллор, тургутуулара бары арааһынай түһүмэхтэртэн турар буолан, эдэр дьон бэрткэ сэргэхсийэ оонньоотулар, сэҥээрдилэр. Маннык оонньуу сыала-соруга дьону түмүү, биир сыалы ситиһэргэ бары сомоҕолоһон үлэлиир наадатын көрдөрөр.
Тохсунньу томороон тымныытыгар ыччат дьоммут хамаандаларын кытта бэриллибит станцияларынан сорудахтарын толоро охсоору бөһүөлэк устун сүүрэннэр, дьон-сэргэ интэриэһин тартылар.
Тыҥааһыннаах сүүрүү-көтүү кэнниттэн, кыайыылаах буоллулар улуус дьаһалтатын хамаандата, иккиһинэн сыалларын Дьарҕаалаах нэһилиэгин хамаандата ситтилэр, үһүс бочуоттаах миэстэҕэ ОДьКх хамаандата тигистэ.
Ити курдук ыччат баалын бастакы чааһа сүрдээх сэргэхтик түмүктэнэн, күүтүүлээх-кэтэһиилээх тэрээһин сүрүн чааһа тиийэн кэллэ.
Баал кыттыылаахтара, ыҥырыылаах ыалдьыттар киэргэнэн-симэнэн кыһыл көбүөргэ ыҥырыллан дьоһуннук хааман киирдилэр.
Дьоро киэһэни Мария Афанасьева уонна Николай Суханов иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Баалы улуус баһылыгын солбуйааччыта Александра Иванова ыччаттары эҕэрдэлээн, махтал тылларын этэн арыйда. Квест-оонньуу кыайыылаахтарыгар 10000 тыһ., 7000 тыһ., 5000 тыһ. сууммалаах сертификаттары туттарда.
Маны тэҥэ, куоластааһын сүнньүнэн талыллыбыт анал ааттар хаһаайыттарын биллэрдилэр:
- Уопсастыбаннай үлэҕэ үчүгэй кыттааччы – Николай Баишев;
- Оскуола олоҕор көхтөөх кыттыылаах – Северьяна Потапова;
- Эдэр исписэлиистэргэ сыл дебюта – Алена Горохова;
- Айдарылаах личность – Александр Ефимов;
- Бастыҥ эдэр ыччат түмсүүтэ – «Тускул» Дьарҕаалаахтааҕы оҕо түмсүүтэ;
- Сыл бастыҥ спортсмена – Афанасий Захаров;
- Сыл бастыҥ эдэр ыала – Мария, Афанасий Ивановтар;
- Эдэр чинчийээччи – Айылана Бочкарева;
- Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ – Алексей Санников;
Маны таһынан, улууспут урбаанньыттара бэйэлэрэ анал бириистэрин туттардылар.
— ИП Степанов Иван Иванович (Верхоянский район) 5000 тыһ.солк. –Илья Колесовка, 5000 тыһ.солк. – Василий Сотрудниковка, 10 000 тыһ. солк.– «Тускул» Дьарҕаалаахтааҕы оҕо түмсүүтүгэр;
— ИП Юмшанова Наталья Антоновна 5 000 тыһ.солк. – Герасим Стручковка;
— ИП Сотрудникова Елена Васильевна(иһит) –Александра Стручковаҕа;
— ИП Степанова Анна Константиновна (мини робот-пылесос) – Николай Сухановка;
Дьоро киэһэ устата «Аһаҕас микрофон» уонна «Бастыҥ киэргэтиилээх сандалы» диэн күрэхтэр ыытылыннылар, «Аһаҕас микрофон» күрэх кыайыылаахтарынан Марианна Корнилова, (Дьарҕаалаах нэһ.) уонна Циццен Горяев (Кустуур нэһ.) буоллулар.
«Бастыҥ киэргэтиилээх сандалы» кыайыылаахтара:
1 миэстэ – Дьарҕаалаах нэһ.;
2 миэстэ – Кустуур нэһ.;
3 миэстэ – «Хаарчаана» уһуйаан.
Ааттыын Баалга биллэн турар, Король уонна Королева талыллыахтааҕа, номнуо үгэс буолбут долгутуулаах куоластааһын түмүгүнэн Лариана Иванова уонна Станислав Васильев Дьарҕаалаах нэһилиэгин ыччаттара буоллулар.
Эдэр ыччат баалын түмүктүүр түһүмэҕинэн лотерея оонньуута буолла, манна регистрацияламмыт ыччаттар билиэттэринэн оонньоотулар. Сүрүн бирииһи (робот-пылесос) улуус баһылыга Иннокентий Стручков туруорда. Сүүйүүлээҕи Николай Баишев билиэт тардан быһаарда. Ол курдук, Тамара Аммосова бириис хаһаайката буолан дьоллонно, үөрдэ-көттө.
Сити курдук, Ыччат Баала сүрдээх үчүгэйдик түмүктэннэ. Сүрүн бириистэри ыалдьыттарбыт Дьарҕаалаах, Кустуур нэһилиэктэрэ ыланнар илии тутуурдаах, үөрүүлэрэ муҥура суох айаннаатылар.
Маннык сэргэх тэрээһин туһунан тэрийээччилэр, кыттааччылар кылгастык санааларын үллэстэллэр.
Саргылана Петрова, улуустааҕы социальнай политика салалтатын салайааччыта: — «В преддверии Нового года принято подводить итоги уходящего года, строить планы и перспективы на предстоящий год. В 2024 г. мы подвели итоги 2023 года, а именно мероприятий молодежного движения в улусе. В процессе постковидного времени мероприятия направленные на развитие молодежного движения не проводились. При поддержке нашего главы Иннокентия Николаевича в целях привлечения молодежи, был организован и проведен “Бал молодежи”. Почетное приглашение на главное молодежное событие получили и активные школьники от 16 лет, которые несмотря на свой юный возраст, успели внести свой личный вклад в развитие молодежного движения Эвено-Бытантайского национального района. Руководителями были направлены ходайства на награждение молодых людей, доказавшими не словами, а своими добрыми делами и конкретными поступками, что они лучшие представители молодежи своего района. Для определения номинантов, членам комиссии пришлось непросто, так как все номинанты достойны присвоения номинаций по сферам деятельности, указанных в Положении.
От всей души, выражаем слова благодарности нашим индивидуальным предпринимателям, за поддержку и спонсорство самой активной молодежи и надеемся, что и впредь добрая традиция взаимной поддержки будет продолжаться.
Хотелось бы поблагодарить всех участников Бала молодежи, активную молодежь Тюгясирского наслега, за активное участие в организации мероприятия. И в рамках 35-летия нашего родного улуса хочется пожелать, что активность нашей молодежи проявится во всех проводимых мероприятиях в рамках Года семьи в РФ, года Детства в РС (Я), года Сельского хозяйства в ЭБНУ.»
Гаврил Гатилов, Аллараа Бытантай нэһ. ыччат лидера: — “Кустууртан бу тэрээһиҥҥэ 11 буолан сырыттыбыт, эрдэттэн эҕэрдэ нүөмэрдэрбитин бэлэмнэнэн тиийбиппит. Сүрдээх үчүгэй, үрдүк тэрээһиннээх Баал буолла дии санаатыбыт. Биһиги ыччаттарбыт араас анал аат хаһаайыттара буоланнар, күрэхтэргэ да бастыҥ миэстэлэри ылан үөрүүбүт улахан. Кэлэн кыттыыны ылбыт эдэр ыччаппыт бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, сэргэхсиэйэн аастыбыт, диэн санааларын этэллэр. Маннык тэрээһин улуус ыччатын бииргэ түмпүтэ олус кэрэхсэбиллээх, инникитин да барыбытын сомоҕолуур тэрээһиннэр буола тураллар ини диэн эрэнэбит.”
Николай Баишев, Дьарҕаалаах нэһ. Ыччат лидера: — «Дьарҕаалаах эдэр ыччата 12 буолан тиийбиппит, сорохторбут Саккырыырга бааллар этэ. Мантан бырагыраамаҕа баар былаанынан бэлэмнэнэн тиийбиппит. Сүрдээх элбэх номинацияҕа тигистибит диэххэ наада, ыытыллыбыт күрэхтэргэ барытыгар миэстэлэһэн, ону таһынан хас да киһибит, оҕолорбут түмсүүлэрэ анал ааттары ыламмыт, үөрүүбүт туох да муҥура суох. Бу саҥа үүммүт 2024 сылга ыытыллыбыт эдэр ыччакка анаммыт ыччат Баала сүрдээх тэрээһиннээхтик ыытылынна, мин саныахпар ыччат бары дуоһуйа сынньанан, күлэн-үөрэн атаарда.
Өссө да маннык тэрээһиннэр буола турдуннар, бары бииргэ түмсэн Эбээн-Бытантай аатын ааттата турдуннар.
Уонна түмүкпэр, түгэнинэн туһанан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, баҕа санаабын этиэм этэ.»