Эбээн Бытантайга «Саха сүөҺүтэ» генофондаҕа ХТ оттооҺуҥҥа былааны куоҺарда

Сайыҥҥы ылааҥы күннэри солбуйа кырыа кыһыммыт оргууй быраабыгар киирэн эрэр. Маны тэҥэ, сайын устата ыытыллыбыт үлэлэр түмүктэрэ тахсаллар.

Оттооһун хампаанньатын туһунан Степан Заровняев, «Саха сүөҺүтэ» генофондаҕа ХТ кылаабынай зоотехник- селекционера улууска үлэ ырыытынан кэлэ сылдьан билиһиннэрдэ:

«Бу күннэргэ мин Саккырыыр, Кустуур учаастактарыгар үлэлээтим. От хампаанньата түмүктэнэн, ону туттум, ааҕыстыбыт.  Быйыл улууска оттооҺун хампаанньата сүрдээх тэрээҺиннээхтик, тэтимнээхтик ыытылынна, хайа да хаһаайыстыба оту хотто. Ол курдук, Кустуурга 268 тн былааннаммыта, 280 тн оттонно, ол эбэтэр 107%. Саккырыырга 190 тн былааннаммыта, 211 туонна оттонно. Бу салааларбыт салайааччылара Петр Слепцов, Максим Аммосов тэрийиилэринэн,  олохтоох былаас уорганнара көҕүлээҺиннэринэн, дьон- сэргэ быҺаччы өйөбүлүнэн ситиҺилиннэ диир тоҕоостоох.  Уонна биир сүрүн төһүүнэн буолла, ходуһаларга мелиорация үлэтэ ыытыллыбыта. Манна биһиги салалтабыт үбүлээһин көрөн, Петр Константинович олохтоох киһи буолан, бэйэтин билиитин – көрүүтүн туттан, оруобуна сөп сиринэн уу барар балаһаларын оҥотторбута буолар. Кустуур өттүн Максим Ильич бэйэтэ тутта. Эрдэтээҥи сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө от тутуутугар уларыйыы диэн, миэстэтигэр управляющай бэйэтэ тутар буолбута. Бу саамай сөп, кини эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынар, от хаачыстыбатыгар, кээмэйигэр. Манна от хаачыстыбата эттэххэ, былырыын оттоммут ходуһалар гиэннэрэ олох үчүгэй, кураан буолан, сорох сиринэн луоҕалаах. Бу, өртөөһүн суоҕун көрдөрөр, көҥүллэммэтэ от үүнүүтүгэр, хаачыстыбатыгар охсор. Саас эбии аһылык аҕалыахпыт, битэмииннээх комбикорма уо.д.а. От харчыта бу күннэргэ тиэрдиллиэҕэ. Дуогабар быһыытынан биһиги тэрилтэттэн 10 тыһ.солк. уонна нэһилиэктэр дьаһалтара эбэллэр. Киин улуустарга 1 туонна от 7-8 тыһ.солк. Биһиги салалтабыт хоту сир ыарахан усулуобуйатын өйдөөн, манна от сыанатын үрдүк оҥорор.  Сүөһү туругун туһунан эттэххэ, Кустуурга даҕаны, манна да мөлтөһүөр ньирэйдэр бааллар, ороһулар, ол эбэтэр хойут төрөөбүттэр. Ньирэй 200-250 л. ийэтин үүтүн булгуччу иһиэхтээх, бу кини сүөһү буолан тахсарыгар булгуччу көрүллэр көдьүүһэ буолар, ийэлэриттэн эрдэ араарар сыыһа.  Маны таһынан, аһыы от эмиэ сүрүн кыһалҕа быһыытынан баар. Мин Москубаҕа тиийэ үлэлэспитим бу боппуруоска. Хайдах даҕаны химическэй сарбыйыы көрүллүбэт, субуотунньук, илии күүһүнэн эрэ туоратыллар кыһалҕа. Кураан дьылга бу от, силигилии үүнэр чинчилээх. Кылгастык, сити курдук.

Яна РОЖИНА

Читайте дальше