Эбээн Бытантайдааҕы «Бастыҥнар хамсааҺыннарын» хамаандата өрөспүүбүлүкэтээҕи кейс- чемпионатка III бочуоттаах миэстэни ситистилэр

Биһиги улууспутугар хамсааһыны Екатерина Николаева салайар. Координационнай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ улуус баҺылыга Иннокентий Стручков. Барыта 9 киҺи састааптаах Сэбиэккэ улуус бас- көс салайааччылара, уопсастыбаннай олох көхтөөх кыттааччылара киирэллэр. “Бастыҥнар хамсааҺыннара” дойду Президенэ Владимир Путин иитинэн, Саха Сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан үлэлиир.

“Куйаар ситимин нөҥүө күрэххэ бастакы кыттыыбыт буолар, оҕолор кыбыстыбакка харса суох көхтөөх кыттыыны ылбыттара үчүгэй. Елена Анатольевнаҕа улахан махтал оҕолору араас күрэхтэрэгэ, тэрээһиннэргэ хамсатан үлэлэтэн иһэригэр.
Бу курдук тэрээһиннэр өссө да элбэхтик буолаллара күүтүллэр, “Бастыҥнар хамсааһыннарын” көҕүлээһининэн бырайыак элбэх. Онно эбии үөрэхтээһин өттүттэн эмиэ кыттыыны ылаллара буоллар үчүгэй буолуо этэ.
Саҥа үлэлээн эрэбит, онон инникитин барытын билэн-көрөн үөрэтэн иһиэхпит, оҕолор сайдалларыгар элбэх үлэ ыытыллан иһиэҕэ.
Бу күрэххэ үһүс миэстэ ылбыппытын иһин Дьокуускайга бэс ыйын 1 күнүгэр буолар “Бастыҥнар хамнааһыннарын” бэстибээлигэр ыҥырыы сурук ыытыахтаахтар . Оҕолор билигин билиэттэрин дьаһана сылдьаллар,- диэн Екатерина Николева сырдатта.