2024 сыл улууспутугар Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитэ. Бу сыл иитинэн бүгүн улуус киинигэр Саккырыырга олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын быыстапка-дьаарбаҥката, тыа сирин үлэһит дьонун чиэстээһин, араас куонкурустар ыытылла тураллар.
Көрөргүт курдук, оройуоммут хаһаайыстыбаларын араас көрүҥнэрэ, биирдиилээн дьон да буоллун, бары олус бэлэмнэнэн кэлэн, ас-үөл эгэлгэтэ, минньигэһэ сандалы хотойорунан тэлгэннэ.
Маны тэҥэ тэрээһиҥҥэ Бэйэ аһа, саамай халыҥ сыалаах ойоҕос, саамай улахан дьарҕаа уо.д.а. интэриэһинэй куонкурустар ыытыллаллар.
Тыа сирин үлэһит дьонун улуус баһылыга Иннокентий Стручков эҕэрдэлээн туран, бэтэрээннэри, табаһыт, отчут кэнчээри ыччаты, үрдүк көрдөрүүлээх хаһаайыстыбалары чиэстээһин ыытылла турар.
Сиһилии улуус хаһыатыгар уонна сетевой таһаарыыга тахсыаҕа.