Эбээн-Бытантай улууһугар табаһыт оҕолору бөртөлүөтүнэн аҕаллылар

Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан ыстаадалартан бөһүөлэккэ табаһыт оҕолору бөртөлүөтүнэн аҕаллылар. Бу күн нэһилиэктэргэ сылдьар эриэйсэ эмиэ толорулунна.
Санатар эбит буоллахха, күн-дьыл туругуттан, техническэй биричиинэлэринэн бөртөлүөт сырыыта атырдьах ыйын 29 күнүттэн тардыллан, төрөппүттэргэ, оҕолорго бүгүн дьэ кэтэһиилээх күннэрэ үүннэ!

Лена Бочкарева, тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта:7
Быйыл таба иитэр ыстаадаларга уопсайа 33 оҕо сайылаата. Ол курдук, «Кочевник-1» — 6, «Кочевник-2» — 4, «Горохова Р.Н.» ИП — 4, «Ленинскэй » МУТ — 10, «Арктика » СХПК — 1, Старостина Д.Е. — 2, Бочкарев Г.Д. — 2, «Хоһуун» ородобуой общинаҕа -4 оҕо сырыттылар.
Оҕолор сайын аайы итинник таба иитэр хаһаайыстыбаларга тахсаннар, олох элбэҕи көмөлөһөллөр, төрүт дьарыкка уһуйуллан үлэҕэ үөрэнэллэр, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар. Ыстаадаҕа сылдьыбыт оҕолору өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр субсидия харчытынан эрэ буолбакка, тэрилтэ бэйэтэ хамнастыыр, бу оҕону үлэҕэ көҕүлээһин буолар. Эһиил эмиэ ыстаадаҕа барыахпыт диир оҕолор үгүстэр. Сылын аайы оҕо ахсаана элбээн иһэрэ буоллар өссө үчүгэй буолуо этэ.
Түгэнинэн туһанан, сайынын өҥүрүк куйааһы, кыһынын бытарҕан тымныыны аахсыбакка үлэлиир табаһыттарбытыгар күүс-көмө буолар оҕолорбутугар, кэнчээри ыччаттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Павел Эверстов, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин 1 категориялаах инспектора:
Сылын аайы буоларын курдук Дьарыктаах буолуу киинин кытары таба иитэр хаһаайыстыбалар табаһыт оҕолорго хамнас ананарын туһугар сөбүлэһии түһэрсэллэр. Быйыл «Ленинскэй» МУТ кытары биһиги тэрилтэбит 14-18 саастаах табаһыт оҕолорго үлэ төлөбүрүн ороскуотун төлүүргэ 74 033,60 солк. сууммалаах субсидияҕа сөбүлэһиини атырдьах ыйын 12 күнүгэр түһэрсибиппит. “Об утверждении порядка предоставления субсидий из государственного бюджета Республики Саха (Якутия) юридическим лицам, не являющимся государственными (муниципальными) учреждениями, индивидуальным предпринимателям на финансовое обеспечение затрат на организацию летней занятости несовершеннолетних граждан в возрасте от 14 до 18 лет в оленеводческих хозяйствах Республики Саха (Якутия)» уураах быйыл хойутаан — от ыйын 23 күнүгэр тахсыбытынан бу сөбүлэһиибит болдьоҕо атырдьах ыйын 15 күнүттэн 29 күнүгэр диэри буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, урукку сылларга бу маннык уураах муус устар ыйга тахсара. Онон, быйыл табаһыт оҕолор 10 күннээҕи хамнастарын ылыахтара.
Хамнас кээмэйин туһунан этэр буоллахха, “Ленинскэй” МУТ ыстаадаларыгар үлэлээбит 7 табаһыт оҕо — 16-17 саастаахтар 10 күн үлэлээбит хамнастара 13637,77 солк, 14-15 саастаахтар 9351,61 солк. буолар.

2024 сыл — Эбээн Бытантай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сыла. Бү бэлиэ сылга төрөөбүт оройуоммут сүрүн салааларыгар, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээн-хамнаан сэмэй кылааттарын киллэрбит кэнчээри ыччаппытынан киэн туттабыт!
Инникитин даҕаны дойдуларын, дьонун туһугар ахсаабат кыһамньылаахтык үлэлээн, киһи киэнэ кэрэмэһэ, үлэһит үтүөтэ буолан тахсыахтара диэн бүк эрэнэбит.

Читайте дальше