Социальнай хантыраак дьиэ кэргэҥҥэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра дохуоттаах киһини кытта түһэрсиллэрэ. Билигин дьиэ кэргэн кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн үлэтиттэн уурайбыт уонна үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт чилиэнин дохуота дьиэ кэргэн дохуотун ааҕыыга учуоттаммат буолла. Ол туһунан Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин уураахха илии баттаата.
Социальнай хантыраак — социальнай көмүскэл уоргаттара уонна киһи икки ардыгар түһэрсиллэр дуогабар. Хантыраак көмөтүнэн киһи хос үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан, үлэҕэ киириэн уонна ыарахан кэмигэр судаарыстыбаттан көмө ылыан сөп.
Социальнай хантыраагынан үлэни дьиэ кэргэн олорор сиринэн социальнай көмүскэл уоргаттара тэрийэн ыыталлар. Маны сэргэ сорох эрэгийиэннэргэ Госуслуги портал нөҥүө түһэрсиэххэ сөп, диэн СИА саайтыгар таһаарар. Биһиги улууспутугар быйыл хас киһи соцхантыраагы туһанна, ханнык хайысхаҕа бэриллибитин туһунан ыйыталастыбыт.
Николай Атласов, Эбээн-Бытантайдааҕы судаарыстыбаннай тэрилтэ нэһилиэнньэҕэ уонна үлэҕэ социальнай харалтатын управлениятын исписэлииһэ: “2023 сылга кулун тутар ыйтан социальнай хантыраак наадыйар дьоҥҥо бэриллибитэ. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит 15 киһи ылбыттара. Маны тэҥэ 4 урбаанньыт, 1 кэтэх хаһаайыстыбаннан дьарыктанар киһи, уопсайа 20 киһи ылан турар. Көмө харчы кээмэйэ соцхантыраагы ханнык хайысхаҕа ылбыттарыттан тутулуктаах. Социальнай хантыраак сүрүн ирдэбилэ – олоххо-дьаһахха тиийинэн олоруу муҥутуур кыра буолуохтаах диэн.”
Марианна СЛЕПЦОВА