Эбээн Бытантай улууһугар бу сыл Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитэ

Хоту сиргэ оҕону төрүт дьарыкка угуйуу, сыһыарыы кыра эрдэхтэн тиһиктээхтик ыытыллар.

Саас таба төрүөҕүн саҕана урут уруккуттан оҕолор, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ «Кыһыл наарта» диэн аттаан, ыстаадаларга күүс – көмө буола тахсаллар. Бу табаһыт дьоммутугар сүрдээх төһүү күүс.

Аныгы тэтимнээх олоҕу дьүөрэлии, оҕолорбут таба иитиитин, ынах сүөһү, сылгы көрүүтүн тэҥинэн билэ – көрө, сыста улааталлара инники олохторугар туһалаах буолара саарбаҕа суох. Бу күннэргэ Р.И. Шадрин аатынан Саккырыр орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ таба ыстаадатыгар произовдственнай практиканы аастылар.

Кинилэри уопуттаах педагог Марианна Иванова салайан илдьэ сырытта.

  • Афанасий Константинов салайар, 6№-дээх таба ыстаадатыгар производственнай практиканы 10 кылаас оҕолоро аастылар. Ыстаада Кубаҕай диэн сиргэ баар, манна оскуола оҕолоро практикаламмыттара 15-һис сыла. Манна оҕолор миэстэтигэр ыстаада олоҕун иһиттэн билэн, тутан – хабан, таба иитиитин ньымаларыгар үөрэнэллэр, төрүт дьарыкка убаналлар. Таба биһиги улууспутугар улахан суолталааҕын билэллэр. Үлэ киһини киэргэтэр, ким үлэлээх — ол улахан билиилээх буолар. Практикаланарга күүс — көмө буолбут оскуолабыт дириэктэригэр Дария Афанасьевнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Саамай улахан махталбын сүрүн дьоммутугар, табаһыттарбытыгар Афанасий Борисовичка, Павел Борисовичка, Айаал Николаевичка, хаһаайкаларга Варвара Дмитриевнаҕа уонна Лариса Михайловнаҕа тиэрдэбин. Биһигини төттөрү — таары бэйэлэрин көлөлөрүнэн илдьэ сырыттылар, оҕолор таба арааралларын, төрүөх хайдах ааһарын көрдүлэр. Үлэһиттэр истиҥ сыһыаннарын,  ыарахантан толлубакка сылдьалларын оҕолор сөҕө- махтайа көрөн астыннылар. Табаһыттар хоһууннарын эттэринэн — хааннарынан биллилэр. Табаһыттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр дьолу –тапталы, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт! Аан дойдуга баар бары кэрэни – үтүөнү!

Мин үлэлиирим устата, производственнай практика диэн, улууспут тыатын хаһаайыстыбатын араас салааларыгар куруутун ыытыллар. Быйыл маннык практикаҕа оҕолор сылдьыбыттара 30 сыл буолла. Сорох оҕолорбут ынах сүөһү көрүүтүгэр эмиэ практикаланнылар. Ол курдук, Мария Юмшанова бэйэтин дьонугар, Альберт Шадрин “Саха сүөһүтэ” ХТ хотонугар үлэлээтилэр. Доруобуйаларын туругунан производствоҕа сатаан үлэлээбэт оҕолорбут реферат суруйан көмүскүүллэр. Ити курдук, оҕолор практикаҕа 100% булгуччу хабыллаллар.

Удьуор табаһыттар Константиновтар таба иитэр ыстаадаларыгар дуогабар быһыытынан  оскуола оҕолоро сылдьыбыттара 15 сыл, онтон мин научнай – практическай үлэм 25 сыл буолла. Онон, миэхэ үбүлүөйдээх түгэн.

 

Читайте дальше