Дьокуускайтан пассажирдары тиэйэр эриэйсэ нэдиэлэҕэ иккитэ «Полярнай авиалиниялар” хампаанньа толорор. Таһаҕаһы тиэйии норматив быһыытынан 20 киилэ, бу иһигэр икки миэстэ уонна биир миэстэ илии тутуура көҥүллэнэр, маны таһынан 2 ячейка сымыыт ыйааһыныгар төлөбүрэ суох чэпчэтии баар. Кыра да буоллар, бу хоту сир олохтоохторугар тоҕоостоох чэпчэчтии буолар. Бу күннэргэ авиахампаанньа пассажир таһаҕаһын тиэйиитигэр хоту улуустарга 30 киилэҕэ диэри эбии аахсыйа биллэрбитин үөрэ иһиттибит. Бу туһунан хампаанньа бэрэстиибэтэлэ:
— Бу аахсыйа алтынньы 1 күнүттэн 2025 сыл кулун тутар 29 чыыһылатыгар диэри салаҕаныаҕа. Ол эрэн ахсынньы ый киирбэт, тоҕо диэтэр Саҥа дьыл иннинэ атын таһаҕас, ол эбэтэр почта уо.да. кээмэйэ элбэх буолар. 30 киилэ таһынан биир пассажир 5 киилэ илии тутуурун, 2 ячейка сымыыт, ноутбук уонна дьахтар суумкатын эриэйсэҕэ босхо илдьиэн сөп.