Эбээн-Бытантай улууһугар 39 киһи болдьоҕун иннинэ куоластаата

Мөлтөх суоллаах-иистээх сирдэргэ, ыраах сытар учаастактарга болдьоҕун иннинэ куоластааһыҥҥа уопсайа 39 киһи кытынна. Бу иһигэр 686№-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа (Үөһээ-Бытантай) — 4, 687 №-дээх хамыыһыйа (Түгэһиир) – 19, 688 №-дээх хамыыһыйа (Аллараа Бытантай) 16 быыбардааччыны куоластаттылар. 

«686№-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа маршрута:

1 маршрут: Дьарҕаалаах – Биллээх (3 быыбардааччы);

2 маршрут: Дьарҕаалаах – Тирэх (1 быыбардааччы).

687№-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа маршрута:

1 маршрут: Саккырыыр – Чаалый (11 быыбардааччы);

2 маршрут: Саккырыыр – Мас Салаа (4 быыбардааччы); 3 маршрут: Саккырыыр – Аччыгый Үрэх – Таала Тумса (муниципальнай таһымнаах быыбарга — 3, өрөспүүбүлүкэтээҕи быыбарга 4 киһи куоластаата).

688№-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа маршрута:

1 маршрут: Кустуур – Бурҕас – Кыырт Ыйаабыт – Орто Алыы – Атырдьах – Сэлээбир– Кустуур (11 быыбардааччы);

2 маршрут: Кустуур – Мандыйа – Кумах Сыһыы – Кумарахсыт – Кустуур (5 быыбардааччы)» — диэн территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Михаил Тарабукин сырдатта.

Сардаана Копырина

Читайте дальше