Эбээн Бытантай олохтоохторо Кириһиэнньэ күнүгэр уу ылаллар

Тохсунньу 19 күнэ православнай итэҕэллээхтэр Кириһиэнньэ күнэ диэн бэлиэтииллэр. Сахалар итэҕэлбит атын, ураты да буоллар сибэтиэй ууну ылан эмтэнэр, итэҕэй дьон биһиги да улууспутугар элбэхтэр.

18 чыыһыла бүтэн, 19 чыыһыла үүнүүтэ түүн үөһүгэр сылын ахсын Айыы Тойон Таҥара үөрэҕинэн сибэтиэй уунан сууналлар, ууну ылаллар уонна эмтээх буоларын итэҕэйэн туран дьиэлэригэр илдьэ бараллар.

Эбээн Бытантай улууһугар сылын аайы 18 -с түүнэ буолла да, водовоз уу баһар ойбонугар Үҥкүргэ киһи бөҕө муста түһэр.

Сылын аайы сибэтиэй ууну ылар, ис сүрэҕиттэн итэҕэйэр киһини кытта кылгастык кэпсэттибит.

Рейнида Былчахова – «Мин сыл аайы сибэтиэй ууну ылабын,этэҥҥэ 10-ча сыл буолла. Бу уу кырдьык эмтээх, аптаах уу диэн итэҕэйэбин, инник диэн ааттыыбын даҕаны. Сибитиэй уубун иһэбин, сирэй суунабын, дьиэ ыраастыырга туһанабын. Бу уум сылтан ордук турар, сытыйбат да, өҥө да уларыйбат, бэйэбэр диэн 2 л. кола бытыылкатыгар ылааччыбын. Быйыл улахан баахха ыллым, сатаан баран ылыммат дьоҥҥо биэрээри

Маннык сибитиэй ууну ылан туһанар, итэҕэйэр дьоҥҥо анаан куйаар ситимигэр таһаарбыт туһалаах сүбэлэрин эһиэхэ анаан киллэрдибит.

 

Сүбэлэр

  • Сибэтиэй ууну иһэри, суунары таһынан дьиэни эмиэ ыраастыахха сөп. Кириһиэнньэ күн ылыллыбыт сибэтиэй ууну кириэстии хаҥас илиигинэн, дьиэҕин чаһы эргииринэн, тарбаҕын төбөтүнэн ыһыллыахтаах. Киирэр аан таһыттан саҕалаан дьиэ иһигэр араас хосторунан чаһы эргииринэн хаамаҥҥын, киирэр ааҥҥа төннүөхтээххин. Дьиэни сибэтиэй уунан ыраастыыргар хайаан да ааннар уонна бордууһуна аһаҕас туруохтаахтар, маны таһынан маннык мэлииппэ ааҕыллыахтаах: «Окроплением воды сия священныя в бегство да претворится всякое нечистое и бесовское действо». Бу ньыманы нэдиэлэ ахсын туһаныахха сөп. Хас биирдии куһаҕан санаа, этиһии айдааныгар үөскээбит, муннуктарга иҥмит хара дьайдар сүтэллэрэ бэлиэтэнэр.
  • Кириһиэнньэ уутугар эбии уу куттахха, күүһүн сүтэрбэт эбит. Итэҕэл быһыытынан, биир хааппыла сибэтиэй уу акыйаан уутун ыраастыан сөбө ыйыллар.

Ыспыраапка

  • Тохсунньу 18 күнүттэн 20 күнүгэр диэри — Кириһиэнньэ күнэ. Православнай христианнар итэҕэллэринэн тохсунньу 19 күнүгэр Иордан үрэҕэр Иисус Христоһу Иоанн Предтеча кириэстээбитэ бэлиэтэнэр. Бу күн уратытынан итэҕэллээх киһи икки улахан уунан ыраастаныыта буолар, бастакыта — Сочельник күн таҥара дьиэтигэр, иккиһэ — тохсунньу 19 күнүгэр, ыраас халлаан анныгар, күөллэргэ биитэр үрэхтэргэ. Эрдэттэн ойбон үүттэнэн, таҥара итэҕэлэ этэринэн, ханнык баҕарар киһи ууга үстэ умсан ылыахтаах, ону таһынан мэлииппэ ааҕыахтаах. Муустаах ууга сөтүөлүүр киһи дууһатын, этин-сиинин чэбдигирдэр, сыл тухары мунньуллубут кыһалҕаларын, сор быатын ыраастанар.

Араас мистическэй үөрэхтэр этэллэринэн, бу күн Күн, Сир уонна Галактика оройун кытта анал сибээс үөскүүр, атыннык эттэххэ, «энергетическэй ханаал». Бу түгэҥҥэ сир, уу, харамай уонна киһи ыраастанар, эмтэнэр. Ордук күүстээҕинэн киһи уу нөҥүө ыраастаныыта уонна эмтэниитэ буолар.

Марианна СЛЕПЦОВА