Саха сирин Росгвардията анал дьайыы туһатыгар нэһилиэнньэттэн саа сэбин-сэбиргэлин тутарын туһунан иһитиннэрэр.
«Бу күннэргэ социальнай харалта үлэһитэ Елена Ефимова бу аахсыйаҕа 20-чэ сыл бас билиитигэр илдьэ сылдьыбыт саатын туттарда»,- диэн полиция капитана, СӨ Росгвардия Управлениетын Эбээн Бытантайга, Дьааҥы, Уус Дьааҥы, Аллайыаха улуустарыгар старшай инспектора Альбина Хабарова кэпсээтэ.