Дьүөгэлээх буоламмын мэлдьитин олохпор тирэхтээх сылдьабын

Бүгүн мин кэпсиир киһим  Иванова Марияна Кымовна алтынньы ый 26 күнүгэр 65 сааһын томточчу туолан үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Ааспыт үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлиибит! Тус олоххор дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны! Оҕолоруҥ–урууларыҥ этэҥҥэ буоланнар, үөрдэ эрэ сырыттыннар. Инникитин да сөбүлүүр үлэҥ таһаарыылаах буоллун, ситиһиилэриҥ бииртэн-биир кэлэ турдуннар!

Кини, мин чугас дьүөгэм, бастаан СГУ-га үөрэххэ киирээри туттарса сылдьан көрсөн баран, биир факультетка үөрэнэр сылларбытыгар  хоско бииргэ  олорон, үөрэх кэнниттэн биир  совхозка үлэлээн, онтон дойдубутугар төннөн кэлэн, Саккырыырбыт орто оскуолатыгар үлэлээн, иннэлээх сап курдук сылдьыбыппыт 42 сыла буолла. Наһаа холку майгылаах, үтүө санаалаах киһини кытта дьүөгэлэспит дьоллоохпун дэнэбин.

Марияна Кымовна Эбээн Бытантай национальнай оройуонун Роман Иванович Шадрин аатынан  Саккырыыр орто оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ хайыы үйэҕэ отуттан тахса сыла буолла.  Бастаан утаа “Основы северного оленеводства” диэн предмет учууталынан киирэн билигин да үөрэтэ сылдьар, оҕолору өбүгэ саҕаттан кэлбит дьарыкка — таба иитиитигэр  угуйа, үөрэтэ сылдьар. Ыстаадаларга тахсан күүс –көмө буолан, тыа дьонун уустук олохторугар ымньанан, табаһыт идэтин баһылыырга, эбээн оҕолорун сиэринэн төрүччүлэрин дьарыктарын салгыырга угуйар киһинэн буолар. Ону таһынан  алын кылаастарга биологияны, ОБЖ уруоктарын биэрэр. Кылаас салайааччытынан үлэлээн, уонтан тахса выпускниктары кыырайа көтүттэ. Дьоҥҥо сыһыана үчүгэй киһи буолан, выпустаабыт оҕолоро куруутун  билсэ тураллар.

Үтүө суобастаах, таһаарыылаах үлэтин иһин ылбыт,  элбэх ситиһиитин туоһута кини наҕараадалара буолаллар, ол курдук:

  1. Саха Өрөспүүбүлэкэтин Үөрэҕириитин министиэристибэтин уонна наукатын Махтал суруга;
  2. Саха Өрөспүүбүлэкэтин Үөрэҕириитин министиэристибэтин Гранта;
  3. Эбээн Бытантай национальнай улууһун Гранта;
  4. Российскай Федерация Бочуотунай грамотата;
  5. Учуулаллар күннэригэр өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин «Түгэһиир нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк аат иҥэрилиннэ.

Ону таһынан элбэх грамоталар, эҕэрдэ суруктар бааллара кини ситиһиилээх үлэтин көрдөрүүлэрэ буолар.

Элбэх сыратын «Инникигэ хардыы » научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ оҕолору туруулаһан туран бэлэмнээн, кытыннаран,  улуустан саҕалаан Аан дойду таһымыгар таһаарары ситиһэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин «Барҕарыы фондатын” Бочуоттаах   грамоталарынан, наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ — бу кини улахан ситиһиитин көрдөрүүтэ буолар.

Марияна Кымовна кэргэнинээн Никитин Афанасий Кирилловичтыын үс кыталык кыыс амарах ийэ, үс сиэн уол тапталлаах эбэтэ. Кыргыттара бары туспа айылҕаттан айдарыылаах, үтүөкэн оҕолор. Аҕалара эрдэ олохтон туораабыта. Кыргыттарын бэйэтэ атахтарыгар туруоран, үөрэхтээх, дьоһун дьон оҥортоото. Кинилэр тустарынан кылгастык сырдаттахха маннык.

Улахан кыыс Крылова (Никитина)  Айыына Афанасьевна,  Саккырыыр орто оскуолатын 2015 сыллаахха бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар «Аянесса”  этно-культурнай үҥкүү ансаамбылыгар үҥкүүгэ сылдьара уонна  «Инникигэ  хардыыга» 4-с кылаастан дьарыктанан, бириистээх миэстэлэри ылаттыыра.  9-с кылааска  Норуоттар  икки  ардыларынааҕы эдэр чинчийээччилэр  конференцияларыгар кытта 3-с миэстэни ылан, Кореяҕа Сеул куоракка кыттан кэлэр чиэстэммитэ. Оскуола кэнниттэн Чурапчыга Агротехническай техникумҥа үөрэнэн,  кыһыл  дипломунан  бүтэрбитэ. Онтон АГАТУ ветеринарнай факультетыгар киирэн, ветеринарно-санитарный эксперт үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбитэ.Билигин Төхтүр ветпуунугар Хаҥалас улууһугар үлэлиир.   Кэргэнэ Мишалыын Өктөмҥө үс эмдэй -сэмдэй уол  оҕолорунаан бур- бур буруо таһааран, элбэх оҕолоох ыал буолан олороллор.

Ортоку кыыс Никитина Илана Афанасьевна, билигин Чурапчы Мырылатыгар физкультура учууталынан уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ «Сахалыы ыстаныы» көрүҥүгэр настаабынньыга Чириков Иван Ивановиһы кытта тренердыыр. Үрдүк үөрэххэ салгыы киирэн үөрэнэ-үөрэнэ таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьар. Сайыҥҥы кэмҥэ спортивнай лааҕыр тэрийэн, оҕолору айылҕаҕа чугастык, эт-хаан өттүнэн эрчийэллэр. Бэйэлэрин Саха сирин дьоно буолалларынан, инникилэрин  сатаан көрүнэр, дьаһанар, ханнык да ыарахантан чаҕыйбат буоларга үөрэтэллэр. Наһаа туохха барытыгар сатабыллаах, ылсан иһэр буолан ханна да сирдэрбэт үлэһит. Эппит тылыттан тахсыбат, дьоннуун түргэнник тыл булар. Дэгиттэр талааннаах кыыс. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Салайар дьоҕурдаах.

Үһүс  кыра  кыыс  Никитина  Аннавера  Афанасьевна. Кини , Саккырыыр оскуолатын 9 кылааһын бүтэрэн баран, Дьокуускай куорат П.П.Романов аатынан Художественнай училищетыгар киирэн, живопись салаатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Кини кып-кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуурун сөбүлүүр. Оскуола саҕаттан бэйэтин уруһуйдарын көрдөрүүгэ таһааран, дьон болҕомтотун тардар. Сөбүлүүр үөрэҕэр киирэн , олус кыһаллан үөрэнэр. Ол түмүгэр элбэх ситиһиилэрдээх:

  1. Гран–при «Артсевера» 2023 сыллаах «Зима талантов 2022» Үһүс Бүтүн Арассыыйатааҕы фестиваль хаһаайката;
  2. 2-с истиэпэннээх диплом Бэюдэ (Охотник) Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Арктика эдэр ыччаттарын  1-кы культурнай-спортивнай «Кубок Арктики 2023” Спартикиадатыгар ылбыта;
  3. “Чарующий Север” 2023 сыллаах Хотугу төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар быыстапкаларыгар Диплому ылар;
  4. Аан дойдутааҕы норуоттар элбэх жанрдаах «Северный ветер” фестиваль-куонкурсугар 2-с истиэпэннээх лауреат Диплому ылбыта;
  5. «Родной край” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Эллэй Семенович Сивцев, Саха сирин Ленинскэй комсомолун бириэмиэйэтин лауреатын, САССР  үтүөлээх худуоһунньуга 95 сааһыгар аналлаах  “Рисуем все” күрэххэ 2-с истиэпэннээх лауреат Дипломун ситиһэр.

Аннавера кэлэр сылга үөрэҕин бүтэрэр. Талбыт идэтигэр салгыы үөрэниэн баҕарар. Мин санаабар сайдар кэскиллээх  оҕо, диэн эрэнэбин. Тарбах талаана , өй-санаа кэскиллээх буолуон сөп.

Бу курдук кылгастык киһи олоҕун сырдатар олох кыра. Ситэ этиллибэккэ хаалбыт санаа да баар буоллаҕа. Бу дьүөгэм үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн, үтүөнү кэрэһэлээн суруйдум. Уонна бу кыра хоһоон оҕотун анаатым. Барыта сырдык, санааҥ курдук буолуон баҕарабын. Баҕа санаам тиийиэ диэн эрэнэбин.

Нес гэрбэн як? –улгимир бэил.

Би демкаттаку нес тарак-Бини!

Бэй төрлэ балдачан,

Нөлтэндук хоканчан,

Гургэлэ ҥэнэлэн,

Аявум аҥачан,

Дю оми олдачан,

Куҥалбу иргэтчэн,

Амтыл-энтыл гөмкэнчэн!

***

Сырдык ыраас халлаан курдук,

Сааскы сылам күн курдук,

Сыдьаайар үөрүү кыымынан,

Сибэкки симэҕэ, мин дьүөгэм.

 

Истиҥтэн истиҥ сыһыаннаах,

Ханнык да түгэҥҥэ мэлдьитин,

Илиитин уунарын билэбин,

Ол иһин мин олус дьоллоохпун.

 

Дьүөгэлээх буоламмын мэлдьитин,

Олохпор тирэхтээх сылдьабын.

Көрсүбүт түгэммэр махтанан,

Таҥара бэлэҕэр холуубун.

 

Олохпут уһаатын бу курдук,

Этэҥҥэ сылдьыахха бу сиргэ.

Оҕолуу элэккэй буоламмыт,

Кырдьары киэр кыйдыы туруохха.

 

Сырдык ыраас халлаан курдук,

Сааскы  сылам күн курдук,

Сыдьаайар үөрүү кыымынан,

Сибэкки симэҕэ, мин дьүөгэм.

 

Венера Колесова — Чаҕылхай        

 

Читайте дальше