Сэтинньи 28 күнэ- курус күн. Биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Попов Валерий Сергеевич уоттаах сэрии толоонугар дьоруойдуу быһыыга олоҕун толук ууран, көмүс уҥуоҕун дойдутугар аҕаллылар.
Хорсун буойуҥҥа сүгүрүйүү, махтаныы бэлиэтин көрдөрөн, төрөөбүт нэһилиэгэр Кустуурга үс күннээх курутуйуу биллэрилиннэ, туох баар аралдьытар тэрээһиннэр тохтотулуннулар.
Эйэлээх олох иһин сырдык тыынын толук уурбут биир дойдулаахпыт Валерий Сергеевич туһунан бииргэ үөрэммит табаарыстара маннык ахталлар:
“Бииргэ үөрэммит доҕорбут, бырааппыт Попов Валерий Сергеевич анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа күн сириттэн сэриигэ сылдьан туораабыта.
Валера балаҕан ыйын 22 күнүгэр 1995 сыллаахха Эбээн — Бытантай улууһун Кустуур бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Кустуурга ааспыта.
2001 сыллаахха бастакы кылааска киирбиппит. 2013 с. оскуоланы бүтэрэн Чурапчытааҕы техникумҥа киирбитэ.
Валера кыра кылаастан наһаа өйдөөх, кыһаллыбыт предметтэригэр чаҕылхай үөрэнээччи этэ. Мэник — тэник буолан, бастакы учууталбытыттан элбэхтэ мөҕүллэн турардаах.
Биһиги кылаас кыра эрдэхпититтэн бары бииргэ тэҥҥэ сылдьааччыбыт, кылааспытыгар олус иллээх уонна эйэлээх этибит. Валерабыт оскуола тэрээһиннэригэр, бырааһынньыктарыгар, куонкурустарыгар барытыгар ситиһиилээхтик кыттара. Табаарыстарын туһугар куруук көмөлөһөн, убаастабыллаахтык сыһыаннаһара. Валера олус бэһиэлэй, күлүүк, кэпсэтинньэҥ буолааччы. Үөрэҕэр үчүгэйэ, ырыаҕа-үҥкүүгэ да дьоҕурдааҕа. Барыбыт дьиэбитигэр элбэхтик үөрбүтүнэн киирэн кэлбит буолуохтааҕа, гитаранан бэйэтэ оонньоон доҕотторбор диэн ырыа суруйан ыыппыттааҕа. Барыбытыгар өрүү биллэрэ, барыбытын түмэрэ.
Бэйэтэ майгытынан олус сэмэй, наһаа элэккэй, ис киирбэх киһи этэ диэн, бииргэ үөрэммит табаарыстара ахтабыт — саныыбыт. Биһиэхэ өйбүтүгэр-санаабытыгар үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларан, сүрэхпитигэр мэлдьи баар буолуоҕа .
Күндү доҕорбут, уһун уугар сымнаҕастык утуй, төрөөбүт дойдуҥ буора сылаас, сымнаҕас буоллун. Быдан дьылларга быраһаай, биһиги күндүтүк саныыр табаарыспыт.»
Төрөөбүт түөлбэтин олохтоох дьаһалтата биир дойдулаахпыт туһунан маннык суруйар:
«Попов Валерий Сергеевич 1995 г.р., уроженец с. Кустур. Учился и окончил Кустурскую среднюю школу. После окончания школы поступил в Чурапчинский институт физической культуры и спорта, но по семейным обстоятельствам вернулся домой.
В 2016 году призван в ряды ВС РФ и в 2017 году декабре был демобилизован.
По характеру Валерий был спокойный, немногословный, уравновешенный, немного скрытный, но отзывчивый человек. Всегда находил общий язык со старшими и своими сверстниками. С школьных лет подрабатывал на перевозке, погрузке и других разных работах. В летнее время с родственниками и друзьями работал по договору на сенокосе. С детства привык к тяжелому физическому труду.
В 2016 году хорошо зарекомендовал себя в строительстве культурно – спортивного комплекса. Работу всегда исполнял в срок и качественно. Общительный, дружелюбный. Имел много друзей среди своих сверстников. Активно занимался спортом, участвовал во многих улусных спортивных соревнованиях. В общении со старшими был вежлив».
Биир дойдулаахпыт Попов Валерий Сергеевич баара-суоҕа 29 саастааҕар хорсуннар өлүүлэринэн оҕунна. Кини байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран, эдэркээн саастарын, олоҕун толук ууран, “Хорсунун иһин” мэтээлинэн (өлбүтүн кэннэ) наҕараадаланна.
Валерий Сергеевич аата норуотун киэн туттуута буолан, үйэлэргэ хаалыаҕа.