Билиҥҥи сайдыылаах олоххо барыта интэрниэт ситиминэн барар, үлэ буоллун, үөрэх буоллун, онноҕор атыы –эргиэн барыта лотерея быһыытынан оонньонон атыыланар.
Киһи туох эмэ сүүйүүлээх оонньууга оонньоон биирдэ эмит элбэҕи сүүйдэҕинэ уонна онтун сатаан туһаннаҕына иҥэриниэн сөп. Сүүйүү диэн биир эмит киһи олоҕор, биирдэ эмэ түбэһэр быһыы буоларынан куруук сүүйэ сатааһын туһата суох. Ол да буоллар, «Дьол хараҕа суох» диэн этэллэринии, киһи бары “арай-арай мичик гыныа” диэн санааттан араас оонньууга киирэр, кыттыыны ылар. Эппиккэ диэри, «фортуна” баарын тухары кыайыылаахтар, сүүйүүлээхтэр баар буолаллар.
Ол курдук, Кустуур нэһилиэгэр ЭКК «Маранга” тэрийэн ыыппыт лотереятыгар оонньоммут супер бириис – икки киһиэхэ аналлаах путевка хаһаайыттара бу күһүн Кавказ кэрэ айылҕатыгар баран сынньанан, сири-дойдуну көрөн кэлэн олус астыммыттарын туһунан кэпсээтилэр.
Розалия Макарова, «Маранга» ЭКК салайааччыта:
— Быйыл эргэ Саҥа Дьылга улуус иһинэн Ороһуоспатааҕы лотереяны оонньоппуппут. Сүрүн бириис — икки киһилээх санаторийга сынньанар путевка этэ, манна аһылыктаах, доруобуйаларын тупсарар уонна култуурунай бырагыраамалаах «СЕВЕРНЫЙ КОЛОРИТ» диэн уус-уран холбоһугу кытта кэпсэтэн бириискэ туруорбуппут. Уопсайынан бу тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэспиппит 4-с сыла буолла. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар араас күрэхтэргэ кыттарбытыгар күүс-көмө буолаллар. Биллэн туран, ороскуотун бэйэбит уйунан туран киэҥ сирдэргэ баран кэлэбит. Дьоммутугар- сэргэбитигэр ураты интэриэһинэй тэрээһин буоллун уонна биир өттүнэн көмөлөөх буоллун диэн тэрийэн, ити босхо путевканы оонньоппуппут. “Минеральные Воды» диэн Арассыыйа биир саамай биллэр-көстөр, аатырар санаторийа. Сүрүн бирииспит кыайыылаахтарынан буолбуттара Кустуур олохтоохторо Стручковтар эдэр дьиэ кэргэн, бу сүүйүүлэрин кинилэр амарах ийэлэригэр уонна эдьиийдэригэр биэрэн санаторийга сынньаппыттара.
Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолар киһибитигэр Варвара Валерьевна Обоюковаҕа, «Северный колорит» методиһыгар ЭКК «Маранга» кэлэктиибиттэн уонна актыбыыстарын аатыттан улахан махталбытын тиэрдиэм этэ. Санатар буоллахха, 2022 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка «Краски Якутии» диэн бэстибээлгэ кыттан кэлбиппит. Ити ситиһиибитин көрөн, учуоттаан, этнокултуурунай кииннэр ортолоругар күрэххэ кыайыыны ситиһэн, босхо путевканы Култуура министиэристибэтэ биэрэн, Соҕуруу Сахалиҥҥа кыттан кэлбиппит. 2023 сылга Санкт-Петербурга буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы «Добровидение» бэстибээлгэ эмиэ үрдүк таһымнаахтык кыттан, бэйэбит норуоппут фольклорун, ырыатын көрдөрбүппүт. Онтон быйыл Москуба куоракка «Сокровище Севера» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ «Кочевье Севера» ырыа күрэҕэр кыттан 1 истиэпэннээх Лауреат буолан кэлбиппит. Аны сайын Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр Казань куоракка буолар «Планета искусств» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кытта барар былааннаах сылдьабыт. Кылгастык үлэбит туһунан сырдатар буолахха ити курдук.
Кустуур нэһилиэгин этнокултуурунай киинэ улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар тахсан сүрдээх актыыбынай кыттыыны ыларын, нэһилиэктэрин дьонугар-сэргэтигэр араас интэриэһинэй, туһалаах тэрээһиннэри ыытарын туһунан бары истэ-билэ сылдьабыт, инникитин да элбэх үрдүк таһымнаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабыт.
Аны бу лотерея сүрүн бирииһин туһаммыт, санаторийга баран сынньанан, эмтэнэн кэлбит биир дойдулаахтарбыт санааларын билсиэххэйиҥ.
Екатерина Павловна Стручкова, Кустуур нэһилиэгин олохтооҕо:
— Бу быйыл Саҥа Дьылга кустуурдааҕы этно-култуурунай киин «Маранга” оонньоппут лотереятыгар супер-бирииһи уолум Стручков Семен Михайлович сүүйбүтэ. Кавказка баар “Минеральные Воды” санаторийга икки киһиэхэ аналлаах путевканы биһиэхэ бэлэхтээн, быйыл күһүн Васильева Марфа Семеновналыын баран эмтэнэн, сынньанан, сири-дойдуну көрөн кэллибит. Онно эмтэнии таһынан күн аайы экскурсияларга сырыттыбыт, бэрт эйэлээх, элбэх билиилээх салайааччыбыт Обоюкова Варвара Валерьевна илдьэ сырытта. Кини биһигини портан көрсөн, сынньанар санаторийбытыгар аҕалан, бииргэ сылдьан, барыбытын түһэртээн пансионаттарга көрсүбүтэ. Биһигини кытта Бүлүү улууһуттан сылдьар сынньанааччылар бөлөхтөрө баара, ол бөлөх кыргыттарын кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Элбэх куораттары көрдүбүт, Кисловодск, Минеральные воды, Железноводскайга, бэл диэтэр Эльбрус хайаҕа канатынан тахса сырыттыбыт. Олус үчүгэй, кэрэ айылҕалаах сиргэ сырыттыбыт.
Железноводск куоракка «Геолог Казахстана» диэн санаторийга эмтииллэрэ эмиэ олус үчүгэй, сосудтары ыраастыыр систиэмэ ылан, укуолланан доруобуйабытын тупсардыбыт. Ону тэҥэ астара минньигэһэ, күн аайы минеральнай уу иһэрдэллэр, олус диэн астынныбыт. Кэлэрбитигэр даҕаны Варвара Валерьевна портка атааран арахсыбыппыт.
«Маранга” этнокултуурунай киин үлэһиттэригэр, көрсөн илдьэ сылдьыбыт салайааччыларыгар Обоюкова Варвара Валерьевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Өссө да дьону сэргэхситэн, күүлэйдэтэн, итинник оонньуулары тэрийэллэригэр баҕарабыт.
Марфа Семеновна Васильева, Түгэһиир нэһилиэгин олохтооҕо:
— Быйыл балаҕан ыйыгар хаһан да курортка сылдьыбатах киһи племяннигым Стручком Семён Михайлович Кустуурга «Маранга” ЭКК оонньоппут лотереятын сүүйэн, ийэтигэр уонна миэхэ бэлэхтээн Күннээх Кавказ дойдутугар эмтэнэн, сынньанан, күүлэйдээн кэллибит. “Маранга” үлэһиттэригэр, чуолаан Розалия Николаевнаҕа, племянникпар, «Минеральные Воды” көрсөн илдьэ сылдьыбыт Варвара Валерьевнаҕа сиргэ тиийэ махталбын тиэрдэбин.
Санаторийбыт аата «Геолог Казахстана” диэн Иноземцева диэн пригородка турар. Эмтииллэрэ наһаа үчүгэй, мин үрдүк давлениялаах киһи “озонотерапия” ыламмын, билигин үгүэй буолан сылдьабын. Аны атахпар “карбокситерапия” диэни ылбытым, атаҕым билиҥҥитэ үчүгэй буолан үөрэ сылдьабын. «Озонотерапия” саахаргын кыччатар уонна сосудкун ыраастыыр диэбиттэрэ, төлөбүрдээх, 6 күҥҥэ 5300 солк., “карбокситерапия” 7 күҥҥэ 7 тыһ., саамай итилэри ылбыппар олох кэмсиммэппин, босхо эмтииллэрэ букатын элбэх, бэйэҥ тугу баҕараргынан эмтэнэҕин. Сир бөҕөтүн көрдүм. Эльбрус хайатыгар тахса сырыттыбыт. Айылҕата, салгына олус үчүгэй дойду эбит. Железноводск, Минеральные Воды, Ессентуки, Пятигорск куораттарга сырыттыбыт. Чечня куоракка барыахтаах этибит, бириэмэбит тиийбэтэ. Карачаево- Черкесия бараммыт, «Медовый водапад” сырыттыбыт. Черкесстар сахалыы кэпсэттэхпитинэ сорох тылгытын өйдүүбүт дииллэр, тюркскай тыллааххыт, хантан сылдьаҕыт дииллэр. Биһиги Саха сириттэн 13 буолан сырыттыбыт. Бүлүүлэр санаторийга 14 хонукка 38 тыһ. солк. төлөөбүппүт дииллэр, аһаталлара олох үчүгэй, санаторийга сарсыарда өттүгэр эмтэнэҕин, эбиэт кэннэ араас сирдэри көрө бараҕын, киэһэ өттүгэр киинэ көрөҕүн, араас викторина, дискотека буолар. Сахалары билэллэр, «Урааҥхайдар” диэн ырыаны тыаһаталлар. Сахалар хааллартара дииллэр.
Кустуурдааҕы этнокултуурунай киин өссө да итинник лотерея оонньотохторуна бэрт буолуо этэ, бааттаах дьон баран сынньанан эмтэнэн кэлиэ этилэр. Мин Варвара Валерьевнаҕа өссө да оонньотор буолаарын диэн кэлбитим. Онон, лотерея оонньоттохторуна оонньооруҥ, Күннээх Кавказ баран эмтэнэн, күүлэйдээн кэлээриҥ.
Марианна Слепцова