Атырдьах ыйын 9 күнэ – аҕыйах ахсааннаах норуоттар Аан дойдутааҕы күннэрэ. Бу күн аҕыйах ахсааннаах норуот олоҕун эриэккэс, уйан кылларын таарыйан, дьон Үтүөҕэ, Үйэлээххэ, Дьиҥҥэ тардыһыыларын күүһүрдэр, санааларын кынаттыыр, сарсыҥҥынан угуйар, дьол сардаҥатынан умсугутар. Олоххо, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа тускуллуур.
Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар араас дьэрэкээн таҥастаах хотугу норуоттар мустан, чаҕылхай күннүү сырдаан, ураты тыыннаах эйгэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөллөр.
Бырааһынньык сүрүн тэрээһинэ «Кочевье – 2024» Дьиэ кэргэн сылыгар ананна. Манна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьиэ кэргэттэрин билиһиннэриитэ буолла. Бу сүдү суолталаах тэрээһин биһиги биир дойдулаахпыт, мелодист Мария Самойлова биллэр «Сүлүөккэ» ырыатыгар туруоруллубут долганскай национальнай үҥкүү бөлөҕүн толоруутунан арылынна. Бу түгэҥҥэ мин Дьарҕаалааҕым кэрэ киһитинэн киэн тутта санаатым, испэр үөрдүм, дууһалыын сырдаатым.
«Колорит Севера и Арктики» мастер-кылаас түһүлгэтигэр эдэр талааннаах иистэнньэҥ Ольга Попова, бэйэтин уоппутун үллэстэн, оҕуруоттан тиһии кистэлэҥнэригэр үөрэттэ. Кини оҥорбут симэхтэрэ, тута киһи хараҕар быраҕыллан, дьон-сэргэ кэрэхсээн көрдө. Маны таһынан,
«Бүгүн, Владислав Колесов дүҥүргэ доҕуһуолунан, эбээннии ыллыахтаахпын, этэрбэс куонкурсугар кыттаары сылдьабын», — диэн иһитиннэрдэ.
Манна Мария Аммосова дьаарбаҥка-быыстапкаҕа бэйэтин илиитинэн айан – тутан оҥорбут оҥоһуктара хамазатык атыыланна. Төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэ көстүүлэрин хаартыска-хартыына оҥорбута көрөөччү болҕомтотун тарта.
«Дойдум дьоно дууһабар аанньал курдук ыалдьыттар» диэн ырыаҕа ылланарыныы, биир дойдулаахтарбын көрсөн, кэпсэтэн, санаа үллэстэн дуоһуйдум, ону хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттим.
Ити курдук, биир үтүө күн кэрэтинэн кэрэхсэннэ. Турбут күн барыбытыгар махталы, дьолу сыдьаайда.
Дьокуускай куорат.
Нина Софронова – Туйгууна.