Алтынньы ый саҥатыгар дойдубут килбэйэр киинигэр Москуба куоракка кылаас салайааччыларын форумнара III-с төгүлүн ыытылынна. Бу форумҥа биһиги улууспутуттан Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын 7 «б» кылааһын салайааччыта Марианна Стручкова кыттыыны ылла.
«Москуба куоракка Гостинай дворга дойдубут бары эрэгийиэннэриттэн 3000 бастыҥ кылаас салайааччылара форумҥа муһуннулар. Бу улахан былаһааккаҕа үөрэнээччилэри иитии аныгы моделыгар билиини ыллыбыт, уопут атастастыбыт, быһатын эттэххэ, биир санаалаах, сыаллаах-соруктаах дьон түмүстүбүт. Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылыгар туһуламмыт форум бу сыл биир улахан тэрээһининэн буолла. Бу манна кыттыыны ыларга куонкурус сүүмэрдээһинэ кулун тутар ыйтан бэс ыйыгар диэри ыытыллыбыта. Дойдубут үрдүнэн 63000 сайаапка киирбититтэн, бу иһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит 600 сайаапканы ыыппыта. Куонкурус түһүмэхтэрин түмүгүнэн 3000 бастыҥ кылаас салайааччыта сүүмэрдэммитэ, ол иһигэр Саха сириттэн 26 учуутал. Бу 26 учуутал иһигэр миигин талбыттара – улахан чиэс-бочуот, үлэбэр сыанабыл буолар.
Киэҥ далааһыннаах тэрээһин 5 түһүмэхтэн турда: кыттааччылары бигэргэтии, педагогика уонна психология сүрүннэригэр, «Разговоры о важном» кылаас чааһыгар тургутуктар, «Тренажер классного руководителя», «Видеовизитка» түһүмэхтэр. Тэрээһин симиэнэннэн ааспыта: 1 симиэнэ – 1-5 кылаастар салайааччылара, 2-с симиэнэ – 6-11 кылаастар салайааччылара уонна орто профессиональнай үөрэх куратордара.
Үс күн устата сарсыарда 9 чаастан киэһэ 8 чааска диэри Гостинай дворга бэйэлэрин эйгэлэригэр идэтийбит дьоннуун араас үөрэх интенсивтара, дойдубут биллиилээх дьонун кытары көрсүһүүлэр буолбуттара. Улахан тэрээһин саамай чаҕылхай түгэнинэн судаарыстыбаннай Кремлевскай дыбарыаска Учуутал күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолбута. Бу манна кылаас салайааччыларын дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин, үөрэх миниистирэ С.С. Кварцов, РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Т.А. Голикова, Бэрэсидьиэн көмөлөһөөччүтэ уонна 1 кылаастаах РФ советнига А.А. Фурсенко уо.д.а. үрдүк сололоохтор, салайааччылар, дириэктэрдэр итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тириэрдибиттэрэ.
Дьокуускай куоракка төннүүбүтүгэр СӨ үөрэҕин уонна наука министиэристибэтигэр миниистир бастакы солбуйааччыта А.П. Аргунова уонна С.Н. Донской II аатынан үөрэх сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии институтун дириэктэрэ Нь.М. Павлов сылаастык көрсүбүттэрэ,» — диэн Марианна Гаврильевна сырдатта.