«Бытантай уоттара» хаһыат эрэдээксийэтэ дьон сакааһынан араас кинигэлэри, сурунааллары, ырыанньыктары удамыр сыанаҕа бэчээттээн таһаарабыт. Полиграфическай уонна тиэхэниичэскэй өҥөнөн туһанааччылар бэйэлэрэ матырыйаал хомуйан, хаартыскаларын булан, барытын тиһэн аҕалбыттарын биһиги сааһылаан, сыыһаларын көннөрөн, көстүүтүн киэргэтэн, тупсаран оҥорон таһаарабыт.
Маны барытын хомуйан оҥорон саҕалыырга элбэх сыралаах үлэ, бириэмэ барарын бэрткэ диэн билэбит, онон хас биирдии сакааска кичэллээхтик сыһыаннаһабыт.
Бу күннэргэ улуус хаһыатын эрэдээксийэтигэр Дьарҕаалаах нэһилиэгин олохтооҕо Татьяна Петрова нэһилиэгин талааннаах дьонун ырыаларын, хаартыскаларын хомуйан «Дьиэрэй үйэттэн үйэҕэ» диэн ырыанньык сакаастаабыта бэчээттэнэн күн сирин көрдө.
Татьяна Николаевна араас үлэҕэ үлэлээбит, култуурунай тэрээһиннэр көхтөөх кыттыылаахтара, сыана бэтэрээнэ, 6 сиэн оҕо амарах эбээлэрэ буолар. Бэйэтэ 2011 сылтан саҕалаан айар дьоҕурун арыйан иэйиитэ киирдэҕинэ хомоҕой хоһооннору суруйар. Быйыл төрөөбүт нэһилиэгин дьонун үйэтитэр сыаллаах биир улахан үлэни – «Дьарҕаалаах дьоһун дьоно» диэн сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох кинигэни Дьокуускай куоракка таһаартаран, бар дьонугар бэлэх ууммута.
Сиһилии Татьяна Петрова маннык кэпсиир:
— Бэйэм ырыаны таптаан ыллыыбын, аҕам ырыаһыт этэ. Онтон да буолуо, бииргэ төрөөбүттэр үксүбүт ыллыыр. Ырыанньыктары сөбүлээн мунньабын.
«Дьиэрэй үйэттэн үйэҕэ» диэн ырыанньык кинигэни хомуйан олохтоох хаһыат эрэдээксийэтигэр бэчээттэттим. Бу тус бэйэм баҕа санаам этэ, ырыанньыгы таһаартарбыт киһи диэн санаабытым ыраатта, онтон матырыйааллары хомуйан төһө ырыа баарынан оҥоһулунна.
Дьарҕаалаах талааннаах мелодистара суруйан хаалларбыт ырыалара умнуллан хаалбатыннар, өрүү уостан түспэккэ ыллана турдуннар диэн санаанан салайтарбыт үлэм түмүктэннэ. Ырыанньыкка киирбэккэ хаалбыт ырыалар бааллара буолуо, онтон санаабытын түһэрбэппит, салгыы суруллан тахса туруохтара диэн эрэл баар.