Эбээн-Бытантай улууһугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан “Хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн улуус баһылыга Иннокентий Стручков 3 эдэр ыалга үөрүүлээх быһыыга-майгыга сэртипикээттэри туттарда.
Ол курдук, Кристина Семеновна уонна Егор Акимович Малышевтар 608 580 солк, Анна Васильевна уонна Андрей Андреевич Николаевтар 811 440 солк., Ирина Романовна уонна Андрей Васильевич Петровтар 811 440 солк. суумалаах туоһу суруктарын тутан үөрдүлэр.
Егор Малышев:
- Кэргэмминээн 2013 сыллаахха устудьуоннуу сылдьан билсибиппит. 2016 сылга Саккырыырга үлэлии көһөн кэлбиппит. 2017 сыллаахха сокуонунан саахсаланан ыал аатын сүкпүппүт. 7 саастаах Милана диэн биир кыыс оҕолоохпут, бастакы кылаас үөрэнээччитэ.
«Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраамаҕа биһиги 2017 сыллаахха күһүн уочаракка турбуппут. Улууспут баһылыга туттарбыт сэртипикээтинэн туһанан дьиэ туттар былааннаахпыт. Кэтэһиилээх, үөрүүлээх сонун кэлэн дьоллоно сылдьабыт. Эдэр дьоҥҥо маннык өйөбүл баар буолан ыччаттар инникигэ эрэлбит, санаабыт өссө көтөҕүллэн, үлэлээн хамсанар буоллахпыт. Күүстээх өйөбүл, улахан көмө буоллаҕа.
Төрөөбүт улууһум баһылыгар Иннокентий Николаевич Стручковка уонна Саргылаана Васильевна Петроваҕа улахан да улахан махталбытын тиэрдэбит!
Тус олохторугар или-эйэни, кытаанах доруобуйаны, ыарахан үлэлэригэр ситиһиилэри, өссө да таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Анна, Андрей Николаевтар:
— Биһиги, Николаевтар дьиэ кэргэн, 2013 сыллаахха ыал буолбуппут. Икки уол оҕолоохпут. Улахаммыт Эрэл 10 саастаах, 4 кылаас үөрэнээччитэ, кырабыт Мичил 5-тээх, уһуйаан иитиллээччитэ. Бэйэбит Дьокуускай куоракка олоробут.
Бу бырагыраамаҕа 2018 сылга уочаракка турбуппут. Маннык бырагыраама баара эдэр ыалларга улахан өйөбүл буолар. Бу сайын улуус дьаһалтатыттан эрийэн, докумуоҥҥутун туттарыҥ диэбиттэригэр соһуйа уонна үөрэ истибиппит.
Түгэнинэн туһанан, улууһум дьаһалтатыгар, баһылык Иннокентий Николаевич Стручковка, исписэлиис Саргылаана Васильевна Петроваҕа биһиги дьиэ кэргэн улахан махталбытын тиэрдэбит.
Ирина Петрова:
— Биһиги кэргэмминээн 2015 сыл бүтүүтэ билсибиппит, онтон Саккырыырга кэлэн 2017 сыллаахха сокуонунан бигэргэтэн ыал буолбуппут. Бииргэ олорбуппут быйыл номнуо 7-с сылбыт буолар.
Икки кыыстаах уол оҕолоохпут, улахаммыт кыыс, Саккырыыр орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, уолбут быйыл 1 кылааска киирдэ.
Эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйар, өйүүр бырагыраама баара олус үчүгэй. Биһиги дьиэ кэргэн бу бырагыраамаҕа 2018 сыллаахха уочаракка турбуппут. Дьэ, кэтэһиилээх уочараппыт кэлэн, туоһу сурук тутан олус үөрдүбүт. Улуус дьаһалтатыгар, баһылык Иннокентий Николаевич Стручковкаа, туһааннаах исписэлиистэргэ махтанабыт. Хас биирдии эдэр ыал сылаас холумтаннаах, дьиэлээх-уоттаах буолуута – бу дьол буоллаҕа.
“Хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама иһинэн үлэлиир “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагыраама чэрчитинэн үгүс ыал дьиэлэннэ. Санатар буоллахха, быйыл кулун тутар ыйга 10 эдэр ыал сэртипикээт тутан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Сардаана Копырина