Дьиэ кэргэн дьоло-кэскиллээх кэнчээри ыччатыгар

Ыам ыйын 15 күнэ Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнүнэн биллэр. Бу бэлиэ күнүнэн барыларын эҕэрдэлээн туран, бүгүҥҥү тиэмэбит элбэх оҕолоох ийэлэргэ ананар. Онон сибээстээн элбэх оҕолоох ийэлэри кытта күннээҕи олохторун-дьаһахтарын хайдах оҥостон олороллорун туһунан кэпсэттибит.


Александра Васильева, 4 оҕолоох эдэр ийэ:
Мин социальнай харалтаҕа сүрүн исписэлииһинэн үлэлиибин, 4 оҕолоохпун, улаханым 13-тээх, иккиһим 10-наах, үһүс оҕом 3-н туолаары сылдьар уонна кырам 1,5 саастаахтар.
Үлэбэр кыра киһим 1 сааһын туола илигинэ тахсыбытым, ону таһынан үлэм кэнниттэн, үлэлии барыам иннинэ, эбэтэр эбиэт кэмигэр, иллэҥ бириэмэ көһүннэ да торт астыырынан дьарыктанабын, дьонтон сакаас киирдэҕинэ оҥоробун.
Кыра эрдэхпиттэн торт аһы сөбүлээн сиир этим, онтон кэнники улаатан баран наһаа элбэхтик сакаастанан элбэх харчыны барыыбын диэн куйаар ситимигэр көрөн бэйэм баҕабынан үөрэммитим.
Бэйэм оҥорор буолуохпуттан хата торт диэни сиэбэт буолан хаалбытым (күлэр).
Онтон ол үөрэнэн бараммын кырдьык бу миэнэ эбит диэммин социальнай хантыраак ылбытым торт оҥорон атыылаары уонна куоракка баран, онлайн да нөҥүө ылан үөрэммитим.
Бу дьарыгым эбии харчы киллэрэрин киллэрэр да буоллар, аҥара бэйэтин ингиридийиэнигэр барар, эбиитин биһиги хоту дойду усулуобуйабытыгар самолетунан кэлэр эҥин кэмигэр.
Маннык дьарыктанарга элбэх бириэмэ наада биллэн турар, атын сүрүн үлэлээх, оҕолордоох киһиэхэ өссө ыарахаттардаах. Миэхэ ийэм баар буолан сүрүн көмөм кини буолар, оҕолорбун эбэлэрэ көрөр, оччоҕо мин кыһаллыбакка холкутук иллэҥ бириэмэбэр сакаастары ылан тортарбын оҥоробун.
Соҕотох киһиэхэ 4 оҕону иитэр ыарахан курдук саныыллара буолуо, миэхэ ийэм баар буолан оннук кыһалҕаны көрсө иликпин. Харчы өттүнэн эттэххэ, бэйэм үлэлиир, эбии сөбүлүүр дьарыгым харчы киллэрэр уонна онно 4 оҕобор Путин көмө харчытын ылар буоламмын үчүгэй барыта, кэнники кэмҥэ Араассыыйа Бэрэсидиэнэ В. Путин оҕолоох дьоҥҥо көмө бырагыраамалара баар буоланнар элбэх ийэ абыраммыта, махтана саныыллар.
Инникитин оҕолорбор үчүгэй усулуобуйа биэрэр сыалтан куоракка баран олохсуйар былааннаахпын, онно атын туох эрэ эйгэҕэ үлэ булбут киһи диэн баҕа санаалаахпын. Торт оҥоруом диэтэххэ онно олус элбэх конкуренция баар буолан улахан табыгаһа суох курдук.
Соҕотох ийэлэргэ анаан этэр буоллахха, бастатан туран, санааҕытын түһэримэҥ, киһи туохха барытыгар үөрэнэр, бастакы эрэ кэмнэргэ санааҕа ылларыахха сөп, миэхэ билигин төттөрүтүн үчүгэй курдук бэйэм бэйэбэр сылдьарым, оҕолорум эрэ тустарыгар диэн киһи санаата күүһүрэр.
Түгэнинэн туһанан Дьиэ кэргэн күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын.
Туох барыта кыаллар, сатанар, киһи баҕарыан эрэ наада, онон иннигит хоту баран иһиҥ, дьоллоох буолуҥ!

Наталья Колесова, элбэх оҕолоох ийэ:
Биһиги 2008 сыллаахха ыал буолбуппут, кэргэним Василий Колесов билигин улуус дьаһалтатыгар ЕДДС үлэһитэ. Эрдэ табаһыт, сылгыһыт этэ, бэйэтэ зоотехник үрдүк үөрэхтээх.
Биһиги 6 оҕолоохпут, улахан уол 20 сааһын туолар, мааны кыыспыт, ньылбабыт 2 сааһа, 3 уол, 3 кыыс.
Улахан уолум Дьулус ОДьКХ үлэһитэ, орто уол Айхал 8 кылаас, “Аянеса”ансаамбылга үҥкүүлүүр, “Түгэһиир саһарҕалара» пресс-кииҥҥэ суруйар, саахымакка, дуобакка сылдьар, сотору күрэхтэһэ барыахтаах.
Кыра уолум Эрчим 7 кылаас саахымакка сылдьар, эмиэ күрэхтэһэ бараары сылдьар.
Улахан кыыһым Айкуо 4 кылаас, ырыаҕа дьарыктанар, орто кыыс Дайаана 1 кылаас, эдьиийин курдук ырыа куруһуогар сылдьар, ньылба кыыс ийэтин кутуруга.
Мин бэйэм ханна да үлэлээбэппин, үлэм диэн унтуу тигэбин, сороҕор пицца, торт астаан атыылыыбын бириэмэ көһүннэҕинэ.
Дьиэ кэргэнинэн сайын тахсан оттуубут, балыктыыбыт, отоннуубут.
Сайыҥҥы өттүгэр оҕуруот олордобут, куурусса ииттэбит, оҕолор үлэлэрэ элбиир бу бириэмэҕэ, бары тугу гыныахтаахтарын, эбээһинэстэрин бэрткэ билэн толороллор. Холобур, уолаттар үлэлэрэ мас хайытыы, киллэрии, бу үлэ хаһан да бүппэт бэйэбит оттунар буоламмыт. Маны таһынан дьиэ сууйуута, уу таһыыта, убаһалары аһатыы буолар.
Кыргыттарга дьиэ хомуйуу, иһит сууйааһына уонна оҕолорун көрүү.
Бэйэм санаабар миэхэ сарсыардаттан утуйуохпар диэри ас астаныытын айдаана курдук, оҕолор улаатаннар туохха да топпоттор (күлэр). Ол да буоллар, элбэх оҕолоох үчүгэй, онтон толлубакка оҕолонуҥ, элбэх дьоллоноҕут буоллаҕа уонна улаатан бары туһа дьоно буолаллар, бэйэлэригэр да үчүгэй.
Дьиэ кэргэн күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибит, дьоллоох, доруобай, эйэлээх буолуҥ диэн баҕа санабытын тиэрдэбит!

Айсана Аммосова, 5 оҕо күн күбэй ийэтэ:
— Бэйэм туспунан кылгастык кэпсээтэххэ, Үөһээ Дьааҥыттан кийиит буолан кэлбитим 14 сыл буолла. Кэргэмминээн иккиэн иккилии оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улааппыт буоламмыт, элбэх оҕолонор баҕа санаабытын толорон этэҥҥэ 5 оҕоннон дьоллонон олоробут. 4 уол уонна сирбит симэҕэ мааны соҕотох кыыстаахпыт.
Улахан уол Дима 6 кылаас үөрэнээччитэ, 13 сааһын туолаары сылдьар, тенниһынан дьарыктанар, дуобаттыырын сөбүлүүр, иккис уол Антон 8-таах, маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ, Оҕо сайдар киинигэр уруһуй, робототехника куруһуоктарыгар сылдьар, тустууннан дьарыктанар, Ванябыт быйыл «Хаарчаана» уһуйаан выпускнига, 6 саастаах, мурун бүөтэ кырачаан уолбут Айтал от ыйыгар 2 сааһын туолуохтаах. Соҕотох кыыспыт Лейсан 10-наах, акробатиканнан дьарыктанар, уруһуйдуурун сөбүлүүр.
Дьиэбит тутаах киһитэ, тапталлаах аҕабыт Александр Дмитриевич киин балыыһаҕа рентгенлаборанынан үлэлиир.
Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ буоларым быһыытынан иистэнэбин, үксүн бэйэм оҕолорбор, аймахтартарбар, доҕотторбор тигэбин, чэ уонна хас биирдии уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоох төрөппүт быһыытынан иэйиибитин киллэрэн эҥин-араас оҥоһуктары оҥоробут көрдьөөтөхтөрүнэ. Спорт эйгэтин бары сөбүлүүбүт, кыралаан дьарыктанабыт, бириэмэ төһө баарынан аттаран.
Дьиэ кэргэнинэн хайаан да саас уонна күһүн тыаҕа тахсабыт. Аҕабыт оҕолорун сыл аайы балыктатар, улахан уолунаан бултууллар уонна бары сир астыыбыт. Сайын аайы икки улууһунан эбээбитигэр, эһээбитигэр сайылыы тахсабыт. Уолаттар оттууллар, биһиги ынахсыттыыбыт, Ванюша, Леся номнуо ынаҕы ыыллар, 4 саастарыттан үөрэммиттэрэ.
Аҕа оруола дьиэ кэргэҥҥэ саамай тутаах дии саныыбын. Биһиги аҕабыт оҕолорун кытта наһаа алтыһар, барытыгар тэҥҥэ түсүһэр уруок аахтааһыныгар, оонньуурга даҕаны.
Бары мустан араас оонньуулары оонньуурбутун сөбүлүүбүт, оҕолорбут табаарыстарын кытары оонньотобут. Хас куоракка бардаҕым аайы дьиэ кэргэнинэн оонньуур оонньуулары эбэһээт соһобун. Бурдук ас астыырбытын сөбүлүүбүт, ким тиэстэ мэһийэр, ким бэчиэнньэ оҥорор, дьэ бары мөхсөбүт онно.
Оҕолорбутунаан бииргэ сири-дойдуну көрө тас дойдуларга хайаан да айанныы сатыыбыт, кыах баарынан, ол курдук Таиланд, Турция, Киргизия уонна чэ Россиябыт куораттарынан сырыттыбыт. Элбэх оҕолоохпут диэн бириэмэ тиийбэтэҕэ диэни олох билбэппин, наада буоллаҕына илдьэ да барыам, баҕарбыппын барытын толоро сатыыбын үҥкүүлээн, спортсаалга сылдьан, дьүөгэлэрбэр көмөлөһөн. Элбэх оҕолоох буоллаххына оҕо бэйэ-бэйэтин көрсөр буолар эбит, онон улахаттарым көмө дьоно. Уонна чэ элбэх оҕолоох ыалга оҕо наһаа сылдьар, онон күнүскү өттүгэр сороҕор 15 да оҕолонон хаалабыт, сөбүлээн хоноллор даҕаны биирдэ эмит. Онтон бэйэбит оҕолорбутун ыалга хонноро ыыппаппыт, оннук быраабылалаахпыт. Уонна оҕолорбут ханна кыттыахтарын баҕаралларынан кыах баарынан кытыннарабыт, көмөлөһөбүт, тэҥҥэ кыттабыт даҕаны, күрэхтэһэ бардахтарына барсабыт, батыһабыт, төрөппүт көмөтө, нууччалыы эттэххэ, поддержката оҕоҕо ханнык баҕарар сааһыгар наада. Сатаабаппыт диэн тылы туттубакка буола сатыахха наада, өскөтүн оҕоҥ баҕарар буоллаҕына, билиҥҥи үйэҕэ көмө элбэх, куйаар ситимигэр да барыта баар, сүрэх эрэ наада дии саныыбын уонна тулуур.
Үп өттүнэн эттэххэ, «харчы бүгүн баар, сарсын суох», онон барытын былааннана, суруна сылдьыбаппыт, дьиҥэ былаан наада буолуо даҕаны, элбэх оҕолоох буоллахха ити-бу көстөн кэлэ турар.
Уонна бүтэһигэр күндү биир дойдулаахтарбытын бүгүҥҥү бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ, өйдөһүү, таптал өрүү баар буоллун!

Марианна СЛЕПЦОВА

Читайте дальше