Дьарҕаалаахха оттооһун тэтимнээхтик барар

Дьарҕаалаах нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Матрена Баишева иһитиннэрбитинэн, нэһилиэк олохтоохторо окко былаан аҥарын толорон эрэллэр.

«Тус подсобнай хаһаайыстыбалар 100 т., бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалар 50 т. окко былааннаахтар. Этэҥҥэ ардах түспэккэ ходуһалар кураанах буолан абыраан эрэр, онон дьон былаан аҥарын толорон эрэллэр. Куһаҕана диэн ходуһа өттөммөт буолан луоҕалаах.

Биһиги кэргэмминээн иккиэн 4 оппутун таһаарбыппыт, билигин охсо, харбыы сылдьабыт,» — диэн Матрена Петровна сырдатта.

Сардаана Копырина

Читайте дальше