Түгэһиир нэһилиэгэр аҕам саастаах дьоммутугар туһуламмыт Үрүҥ Тунах ыһыахха дьоһун саастарыгар үктэммит дьоммут сахалыы сайбаччы таҥнан-симэнэн, киэргэнэн кэлэн, самаан сайыны уруйдаатылар, үөрэ-көтө түмүстүлэр. Аҕа көлүөнэ дьоҥҥо түһүлгэҕэ олорон сахалыы ас бастыҥын аһааһын, айылҕалыын алтыһыы, үөлээннээхтэрин кытта ирэ-хоро сэлэһии бэйэтэ туспа бырааһынньык буоллаҕа.
Уйгулаах ыһыах үгэс быһыытынан алгыһынан саҕаланна. Өбүгэ саҕаттан кэлбит сиэри-туому үчүгэйдик билэр Светлана Горохова алҕаан-арчылаан, уот эһэни айах тутан күндүлээн арыйда.
Бу күн оһуохай этээччилэр, ырыа, сахалыы таҥас курдук үгэскэ кубулуйбут куонкурустар, маны тэҥэ остуол төрүт оонньуулара, «Нори” спортивнай күрэхтэр, таайтарыылаах таабырын, сиэдэрэй сэлээппэ, «Ааспыт кэм ахтылҕана” 60-с, 70-с сыллардааҕы ретро-стиль уонна үҥкүү күрэхтэрэ ытык-мааны дьоммутун сэргэхситтилэр. Онон, көмүс сааска үктэммит дьоммут үҥкүүлээн тэйдилэр, оһуохайдаан ойдулар, ырыа-тойук да дьиэрэйдэ.
Улуус баһылыга Иннокентий Стручков, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Дмитрий Сыроватский, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Семен Андросов Бөтүрүөп куйааһын баттаһа ыһыах ыспыт күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
“Бастыҥнар хамсааһыннара» салайааччыта Екатерина Николаева ытык дьоммутун эҕэрдэлээн, эрчимнээх флешмобка эргиттилэр.
Күөрэгэйгэ холоонноох көмүс куоластаах Оксана Боярская, Галина Слепцова, Степан Слепцов, Александр Ефимов ылбаҕай ырыаларынан, Мария Афанасьева кэрэ үҥкүүтүнэн бырааһынньыгы киэргэттилэр.
Эгэлгэ астаах сандалыны «Түмсүү» тэрилтэтин, салайааччы Валентина Андросова, Эбээн-Бытантай улууһун Тарбаахаба – Афанасий Чупров бэлэмнээтэ. Ытык дьоммут астына, дуоһуйа сынньанан, тото-хана аһаан махталарын тириэртилэр.
Аҕам саастаах дьоҥҥо туһуламмыт Үрүҥ Тунах ыһыах сыллата ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбута олус үчүгэй! Бу күн эбээлэрбит, эһээлэрбит үөлээннээхтэрин кытта ыкса алтыһан, көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн санаалара көтөҕүллэр, саамай күүтүүлээх бырааһынньыктара буолар. Эппиккэ диэри, киһиэхэ кыра да наада. Кыһамньылаах, сылаас сыһыантан санаа көнньүөрэр, үйэ уһуур, доруобуйа чэбдигирэр.
Олоххо тардыһыылаах, өрүү көхтөөх, эрчимнээх, үтүө-сырдык санаалаах көмүс көлүөнэ дьоммутун бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Күнтэн күүс, айылҕаттан эрчим ылан, олоххут уһаатын, доруобуйаҕыт тубустун!
Онтон бу сырдык бырааһынньыгы тэрийээччилэргэ барҕа махтал бастыҥа буолуохтун!
Биһиги кэрр.