Буойун-учуутал Садовников А.С. аатын үйэтитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр

Муус устар 19 күнүгэр Дьарҕаалаах орто оскуолатыгар буойун-учуутал Садовников А.С. аатын үйэтитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык, көрбүт, кыттыбыт дьон сыанабылынан, үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. Бу күҥҥэ А.С. Садовников төрөөбүт Дьарҕаалааҕа саҥа күнү эрэллээхтик көрсөр.

Тэрээһиҥҥэ биһиги киэн туттар киһибит кылгас, чаҕылхай олоҕун көрдөрөр кылгас кээмэйдээх киинэ көрдөрүллэн, киниэхэ анаммыт “Музей в чемодане”, Үөһээ-Бытантай нэһилиэгин биллиилээх дьоннорун туһунан кинигэ-быыстапка туруоруллан дьон-сэргэ, оҕо-аймах сэҥээриитин ыллылар.

Тэрээһини арыйар үөрүүлээх түгэни “Биракчан” оҕо ырыа-үҥкүү бөлөҕө  ”Албан аат буойун-учууталга” литературнай, музыкальнай дьүһүйүүнэн арыйда. Бу күҥҥэ анаан “Үөһээ-Бытантай нэһилиэгэ” олохтоох тэриллии баһылыга Горохов Л.В., улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Стручкова М.Г., оскуола дириэктэрэ Иванов С.М. истиҥ иһирэх эҕэрдэ тылларын эттилэр.

“Садовников ааҕыылара” улуустааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ барыта 33 үлэ, 34 оҕо кытынна. Бу тиэмэни сайыннарар кыттааччылары уһуйуу 4 түһүмэҕинэн ыытылынна.

1 секция «Мин олохпор холобур оҥостор, киэн туттар киһим».

1-5 кылаастарга:

1 миэстэ – Данилов Алексан – 3 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

6-11 кылаастарга:

1 миэстэ – Попов Владимир – 9 кылаас, Кустуур орто оскуолата;

2 миэстэ – Попов Станислав – 6 кылаас, Кустуур орто оскуолата;

3 миэстэ – Сотрудников Тимофей – 7 кылаас, улуустааҕы Оҕо саас киинэ.

2 секция «Айымньы хонуута. Эбээннии ааттар».

1-5 кылаастарга:

1 миэстэ – Никитина Анита – 4 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

2 миэстэ – Родионова Саша – 3а кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

3 миэстэ – Горохов Валерий — 1 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата.

6-11 кылаастарга:

1 миэстэ – Иванова Кира – 7 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

2 миэстэ – Слепцов Альберт – 6 кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

3 миэстэ – Петров Андриян – 9 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата.

3 секция «Төрөөбүт дойдум үүнээйилэрэ, кыыллара».

1-5 кылаастарга:

1 миэстэ – Петров Артур – 3 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

2 миэстэ – Старостина Анастасия – 1 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

3 миэстэ – Иванов Айтал — 2 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата.

6-11 кылаастарга:

1 миэстэ – Лыткина Лейла – 11 кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

2 миэстэ – Ушницкая Сахая – 6 кылаас, улуустааҕы Оҕо саас киинэ;

3 миэстэ – Попов Валера – 8 кылаас, Саккырыыр орто оскуолата.

4 секция «Мин төрүччүм. Өбүгэм төрүт дьарыга».

1-5 кылаастарга:

1 миэстэ – Сотрудникова Маша – 5а кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

2 миэстэ – Слепцова Каталина – 5 кылаас, улуустааҕы Оҕо саас киинэ;

3 миэстэ – Захаров Арсений — 5 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата.

6-11 кылаастарга:

1 миэстэ – Бочкарева Айыллана – 10б кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

2 миэстэ – Потапова Северьяна – 10б кылаас, Саккырыыр орто оскуолата;

3 миэстэ – Стручкова Дайаана – 9 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата

Маны таһынан, анал аат олохтонно.

“Память воина-учителя Садовникова А.С.” анал аат кыайыылаахтара.

Данилов Алексан – 3 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

Слепцова Люба – 6 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

«Первый шаг в науку» анал аат кыайыылаахтара:

Горохов Валерий – 1 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

Старостина Анастасия — 1 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата;

Иванов Айтал — 2 кылаас, Дьарҕаалаах орто оскуолата.

Дьэ, ити курдук, кыттааччылар биһиги биир дойдулаахпыт, норуокка ытыктанар киһибит А.С. Садовников туһунан элбэҕи билэн, кэрэхсээн, төрөөбүт алаастарыттан куорсун анньынан тахсыбыт биир дойдулаахтарынан киэн туттан, кэмпириэнсийэбит үтүө түмүктэрдээх буолла.

Буойун-учуутал аатынан ситимнэнэн ыытыллыбыт “Бытантай эрэллэрэ” уолаттарга аналлаах  улуустааҕы спорт оонньуутун күрэҕэ 4 хамаанданы (ДОО, КОО, СОО, ДЮСШ) бэрт элбэх ыалдьыты, ыалдьааччыны түмэн улахан интэриэһи тарта. Салайааччылары санааларын күүртэ, уолаттары дьулуурдаах, сымса, хорсун, олоххо сыаллаах-соруктаах буоларга, ону ситиһэргэ кынаттаата.

Хамаандалар, бары да бэлэмнээхтэрин, кыайыыга дьулуурдарын көрдөрөн, күрэх бары моһоллорун эрэллээхтик аастылар.

Ол түмүгүнэн, кыайыылаах хамаанда кубогынан, мэтээллэринэн наҕараадаланна:

1 миэстэ – Дьарҕаалаах орто оскуолатын хамаандата;

2 миэстэ – Саккырыыр орто оскуолатын хамаандата;

3 миэстэ – Кустуур орто оскуолатын хамаандата.

Буойун-учуутал Садовников А.С. аатын үйэтитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэри кытта сэргэ биһиги оскуолабытыгар А.С. Садовников аата иҥэриллибитин туһунан үчүгэй сонуннаах туоһу сурук кэлэн үөрүүбүтүн үрдэттэ. Бу тэрээһин далааһына элбэх саҥа бырайыактары оҥорууга  кынаттаата, диэн санаабытын уүллэстэбит.

 

Нина Софронова, Дьарҕаалаах бөһүөлэгэ.

Читайте дальше