Бу күннэргэ улуус киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин исписэлиистэрэ Мария Корякина уонна Наталья Павлова үлэлээтилэр.
- Биһиги министиэристибэбит нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, оҕолоох, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммут социальнай харалталаах буолалларын туһугар киэҥ хабааннаах үлэни ыытар.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон ИПРА сүнньүнэн тэхиниичэскэй сириэстибэнэн хааччыллаллар. Бу тэриллэрэ кэлиэр диэри, кинилэр бу сириэстибэлэри социальнай харысхал салалтатыттан уларсык (прокат) ылыахтарын сөп, бу босхо өҥө буолар. Маннык пууннар от ыйын 1 күнүттэн бары улуустарга арыллан үлэлииллэр. Бу тэриллэри инбэлиит эрэ буолбакка, быстах ыалдьан наадыйбыт дьон эмиэ туһаныахтарын сөп. Холобура, атаҕын тоһуппут киһи костыль уларсыан сөп. Ханнык баҕарар инбэлиит реабилитацияны булгуччу ааһыахтаах. Манна сытар дьоҥҥо сылдьыбыппыт, кинилэр реабилитацияҕа ыраах кыайан айаннаабаттар, хомойуох иһин, анал массаж ылбакка контрактура буолан хаалбыттар, бу дьоҥҥо доруобуйа харыстабылын өттүттэн көмө оҥоһуллуон наада. Маны тэҥэ, атын сиргэ реабилитацияҕа барарга айан ороскуота ыараханын этэллэр. Чопчу реабилитацияҕа барарга көмө баар, маны хайаан да туһаныахтарын наада. Чэбдигирдэр кииннэргэ ардыгар арыаллыыр киһи ирдэнэр, бу чуолаан 1 группалаах инбэлииттэргэ. Өскөтүн арыаллыыр киһи мантан барара ыарахан буоллаҕына, улуустааҕы социальнай харалта нөҥүө биһиэхэ биллэриэххитин сөп, оччотугар биһиги көмөлөһөбүт. «Технология передышка» туһунан кылгастык сырдата түһүөм. Бу хайысха, саастаах киһини кылгас кэмҥэ хаалларыы буолар. Холобура, сынньалаҥҥа барар кэмҥитигэр, үчүгэй көрүүгэ – истиигэ хааллараҕыт. Арктика улуустарыгар сырыттахпытына, маны туруорсаллар уонна сайаапкалаан суруттараллар. Эһиги эмиэ туһаныаххытын сөп. Намҥа олус үчүгэй, тупсаҕай киин баар.
442№-дээх Федеральнай Сокуоҥҥа олоҕуран социальнай көрүү-истии, диэн хайысхаҕа куратордыыбын. Бу хайысха – надомное, стационарное, полустационарное диэн арахсар. Кырдьаҕастары кытта көрүстүбүт, элбэх киһи интэринээккэ барыан баҕалааҕын биллэрэр. Аҕам саастаах дьоммут кыалларынан өр кэмҥэ дьиэлэригэр, аймахтарыгар олоруохтаахтар. Тоҕо диэтэр, дьиэ истиэнэтэ сааһы уһатар, ол эбэтэр төрөөбүт сирдэригэр – уоттарыгар сылдьан үйэлэрэ уһуур. Кинилэргэ сөптөөх көрүү наада, социальнай үлэһиттэр диэн бааллар. Соц үлэһиттэр нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьаллар, бу аҕыйах. Ол иһин, биһиги «помощник по уходу” үлэһити көрөбүт. Маннык өҥө, сокуоҥҥа олоҕуран биэнсийэлэрэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк дьоҥҥо төлөбүрдээх. Хас биирдии киһи кыһалҕатыгар тус сыһыаннаахтык көмөлөһөргө кыһаллабыт. Манна Аэлита Константиновнаҕа билсиэххитин сөп. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ барыларыгар социальнай учаскыабайдары көрбүппүт, Кустуурга уонна Дьарҕаалаахха эмиэ бааллар. Бу үлэһит нэһилиэккэ хас биирдии ыалга социальнай пааспар оҥорон, бу ыал олоҕун – дьаһаҕын толору билиэхтээх. Маны тэҥэ, мобильнай биригээдэлэр диэн бааллар. Манна биригээдэ үлэтин былаана суох эбит. Бу биригээдэлэр кырдьаҕастары, ыарыһахтары балыыһаҕа көрдөрүнэ, анаалыска, диспансеризацияҕа уо.д.а баралларыгар тиэйиэхтээхтэр. “Демография” диэн суруктаах массыыналар бу сыалга бэриллибиттэрэ.
Доруобуйаларыгар хаччахтаах дьоҥо араас Спартакиадалар ыытыллаллар. Олунньу ыйга сылын аайы улуус таһымыгар ыытыллыахтаах. Онтон эрэгийиэн уонна дойду таһымнарыгар. Кыттыан баҕалаахтар социальнай харалтаҕа билсэргит наада.
«Охрана труда и заработная плата» хайысханан эмиэ биһиги министиэристибэбит дьарыктанар. Холобура, аҕыйах ахсааннаах норуоттарга “Альтернативная гражданская служба” баар, бу оҕолоргутугар олус наадалаах. Кинилэр байыаннай сулууспаҕа барбакка, манна миэстэтигэр альтернативнай сулууспаны ааһыахтарын сөп. Бу туһунан, улуус дьаһалтатыгар билсиэххитин сөп.
Саастаах дьоммутугар эмиэ араас бырайыактар бааллар. «Социальный туризм», «Серебряный лагерь» диэннэр бааллар, манна эмиэ тэрийиэххэ сөп. “Старость в радость” диэн бырайыак чэрчитинэн, эһиги сайаапкаҕытынан ханнык исписэлиистэргэ наадыйаргытын ыйаҥҥыт, быраастар биригээдэлэрэ кэлэн аҕам саастаах дьону көрөллөр. Бу биригээдэ кэлэр – барар, олорор, тэриллэри аҕалар ороскуоттарын барытын благотворительнай фондалар уйуналлар. Бу фондаларга аадырыстаах матырыйаалынай көмө, анал тэриллэр, тиис оҥоһуута, ачыкы ылыыта, профилактика пролежней уо.д.а. эмиэ баар. Бу туһунан, социальнай харалтаҕа билсиэххитин сөп.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго Грант Гордеева баар. Бу фонда оҕолору миэстэтигэр, мобильнай реабилитациялыыр биригээдэр нөҥүө чэбдигирдэр сыаллаах. Эмиэ сайаапканан маннык биригээдэ кэлиэн сөп. Быйыл манна бу фондаттан харчы кэлиэхтээх, бу үп идэ таһымын үрдэтиитигэр уонна тэриллэргэ диэн.
Социальнай хантараак киэҥник киирдэн үлэлиир. Бу улууска туһанааччы син баар эрээри, отчуот өттүгэр кэккэ ыарахаттары көрсөллөр эбит. Социальнай харалта үлэһиттэрэ манна күүс – көмө буолуохтаахтар.
Сити курдук, көмө хайысхата элбэх, Социальнай харалтаҕа кэлэҥҥит, баар, көрүллэр көмөлөр, өйөбүллэр туһунан сиһилии билсиэххитин сөп. Биһиги кинилэргэ, улуус дьаһалтатыгар араас хайысхалар тустарынан иһитиннэриилэри хааллардыбыт.
Яна РОЖИНА