Дьокуускай куорат «Триумф» дьиэтигэр Алексей Никифоров аатын үйэтитэн төрүт оонньууларга өрөспүүбүлүкэтээҕи турниир буолан ааста.
Бу күрэҕи сылын аайы «ZEMA» устудуьоннар түмсүү тэрийэн ыытар. Быйыл, уопсайа 16 оройуонтан күүстээх, түргэн-тарҕан боотурдар мустаннар күөн көрүстүлэр.
Сүрүн бириис 200 тыһ. солк., иккис миэстэ 150 тыһ. солк., үһүс миэстэ 100 тыһ. солк. Маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ Эбээн Бытантай улууһубиґиги улууспут устудьуоннара туора турбакка кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх.
Бу туһунан сиһилии Алла Горохова — Эбээн-Бытантай улууһун ыччат түмсүүтүн салайааччытын маҥнайгы солбуйааччыта, ЯКИТ, правоохранительнай деятельность 1 кууруһун устудьуона сырдатта.
— Быйыл «Боотурдар онньуулара” Алексей Никифоров сырдык кэриэһигэр ананан ыытылынна. Биһиги улуустан 5 уол кыттыыны ыллылар, ол эбэтэр Клим Рожин – хапсаҕай көрүҥэр, Андрей Рожин — балык былдьаһыытыгар, Равиль Старостин — өһөс торбоско, Юрий Сыроватский — үс төгүл үс күрэҕэр, Айастаан Колесов — тутум эргииргэ. Маны тэІэ хамаанданнан хомуур хапсаҕайга киирсибиттэрэ.
Уолаттар сүрдээҕин үөрэхтэриттэн бириэмэ аттаран күрэххэ бэлэмнэнээри “Модун” спорт уораҕайын саалатыгар дьарыктаммытара. 16 хамаандаттан уопсай очкуонан 14 миэстэ буолбуппут да иһин, уолаттар санааларын түһэрбэттэр, Эбээн-Бытантай улууһун ыччаттара бааллар, көхтөөх кыттыыны ылаллар диэн көрдөрдөхтөрө!
Түгэнинэн туһанан, махталбын тиэрдиэм этэ “Модун” спорт комплекска миэстэ ууран дьарыктаабыт, эрчийбит тириэнэрбитигэр Дмитрий Олегович Саввиновка уонна Мария Юрьевна Афанасьева докумуоннарбытыгар көмөлөґін, сүрдээх кµµстээх көҕүлээччи буолан сүргэбитин көтөхпүтүгэр. Эһиил Эбээн-Бытантай эмиэ көхтөөх кыттыны ылыаҕа, диэн эрэннэрэбит!
Сүрдээх улахан таһымнаах күрэххэ биһиги оҕолорбут туора туран хаалбакка харса суох киирсэллэрэ, Эбээн-Бытантай улууһа баар, диэн көрдөрө сылдьалларын истэргэ, көрөргө да астык, хайҕабыллаах дьыала буолар. Устудьуон ыччаттарбытыгар үрдүк ситиһиилэри, кэлэн иһэр кыһыҥҥы сессияларын этэҥҥэ, кутуруга суох түмүктүүллэригэр баҕарабыт! Маладьыастар! Эбээн Бытантай ыччата – харса суох, иннибит диэки!
Марианна СЛЕПЦОВА