Саха омук туохтааҕар да өрө тутар, кэтэһэр өрөгөйдөөх бырааһынньыга – Туймаада хочотун ыһыаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын ураты сылаас тыыныгар ааста. Күүтүүлээх, уйгулаах ыһыахха Эбээн-Бытантай улууһа тос курдук тэринэн, толору астаах сандалыны тардан, биир дойдулаахтар түһүлгэҕэ муһуннулар.
Иннокентий Стручков, Эбээн-Бытантай улууһун баһылыга:
— Ыһыах — саха норуотугар улахан суолталаах күн. Түҥ былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит төрүт үгэстэрбитин умнубакка утумнаан, сиэр-туом оҥоһуллуутун, тутуһуутун, култуурабытын харыстыырга уонна сайыннарарга, кэскиллээх былааннарбыт туолалларыгар, табыллан иһэллэригэр алгыс ылан арчыланар, ыраастанар күммүт буолар.
Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэр, Эллэй эһэбит бастакы ыһыаҕын ыспыт сиригэр — Туймаада хочотугар уйгулаах ыһыах киэҥ далааһыннаахтык, баай култуурунай уонна спортивнай тэрээһиннээх буолан ааста.
Түгэнинэн туһанан, Эбээн-Бытантай национальнай улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан кэлэн ыалдьыттаан ааспыт ытык кырдьаҕастарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар уонна араас кэмнэргэ үлэлии сылдьыбыт бар дьоммутугар улахан махталбын тиэрдэбин. Ыһыах кэмигэр бырааһынньыктааҕы сандалы тула мустаммыт, үөрэн-көтөн, сомоҕолоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаан олус истиҥ эйгэ үөскээн, иһирэх, инникилээх кэпсэтиилэр, санаа үллэстиитэ буолла.
Биһиги түһүлгэбитигэр биир дойдулаахтарбытыттан ураты үрдүк сололоох салайааччылар, өрөспүүбүлүкэбит бас-көс дьонноро ыалдьыттаатылар. Дьокуускай куорат аҕа баһылыгар Евгений Григорьевка хотугу дьон сиэринэн, үтүө үгэһинэн Эбээн – Бытантай улууһун аатыттан өйдөбүнньүк панно уонна эбээн норуотун чулуу уолун Роман Шадрин туһунан кинигэ бэлэх ууннубут. Үөрэх миниистирин солбуйааччыта Алевтина Аргунова эҕэрдэлээн барбыта эмиэ сырдык-бэлиэ түгэн буолла.
Ыһыах кэмигэр Чурапчы улууһун баһылыга Степан Сыргыдаев, Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах дьокутаата Дмитрий Поисеев уонна Коркин аатынан интернат-оскуола дириэктэрэ Станислав Захаров кыттыылаах инники бииргэ үлэлиир туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу Сөбүлэҥ чэрчитинэн Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интернатка биһиги улууспутуттан спортсмен уолаттары дьарыктыырга, бииргэ үлэлэһэргэ, уопут атастаһарга, күрэхтэһии ыытарга, кыттарга икки өттүттэн илии баттааһынынан бигэргэтилиннэ. Манна бэлиэтээн этэр буоллахха, Степан Анатольевич Өрөспүүбүлүкэбит улуустарын баһылыктарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолар.
Онон биир дойдулаахтарбытыгар өссө төгүл улахан махталбын тиэрдэбин! Сандалы тэрийиитигэр, түһүлгэ оҥоруутугар күүс-көмө буолаҥҥыт ыһыах ыһар күммүт барыбытыгар сырдык, үтүө өйдөбүллэри хаалларда.
Полина Ефимова, култуура салалтатын методиһа:
— Үс Хатыҥҥа Эбээн-Бытантай национальнай улууһун 63 нүөмэрдээх түһүлгэтигэр ыраахтан -чугастан ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбыт кэлэн сынньанан, һээдьэлээн, оһуокайдаан, кэнсиэр көрөн, баай өлгөм астаах сандалы остуолбутугар аһаан, үөрэн-көтөн бардылар.
Үгэс быһыытынан сиэр-туом ыытылынна. Алгысчыт Төлкө, Сыдьаан уонна кынаттара алҕаатылар. Култуурунай бырагыраамаҕа 40 киһи кытынна. «Долгунча” этническэй, «Сайсары” вокальнай, хотугу норуоттар «Геркилен” эдэр ыччаттар үҥкүү ансаамбыллара. Эстрадабыт ырыаһыта Михаил Рожин, Зинаида Григорьева — тойуксут, оһуохайдьыт, ырыаһыт, Зоя Никандровна «Кэкэрдэ»- ырыаһыт, хоһоонньут. Уонна бэйэбит оҕолорбут — ырыаһыттарбыт ыллаатылар. Түһүлгэҕэ 200 -тэн тахса киһи сырытта. Тэрээһин олус астык буолла!
Мария Афанасьева, Эбээн-Бытантай улууһун оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ:
— Туймаада ыһыаҕа олус үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик буолан ааста. Биһиги улууспут түһүлгэтигэр элбэх киһи кэлэн ыалдьыттаан, кэпсэтэн-ипсэтэн барда.
Эбээн-Бытантай улууһугар урукку сылларга үлэлээбит, олорбут дьоммутугар улуус баһылыга Иннокентий Стручков Бочуотунай грамоталары уонна сэмэй бэлэхтэри туттарбыта долгутуулаах түгэн буолла.
Түһүлгэбит сандалыта араас эгэлгэ аһынан толору, баай буолла. Бырааһынньыктааҕы мааны остуол Валентина Андросова сатабыллаах салайыытынан тэриллэн, асчыт бэрдэ Афанасий Чупров астаан-үөллээн сылдьыбыт дьон олус астыннылар.
Култуурунай тэрээһини Степан Слепцов, Полина Ефимова тэрийэн ыыттылар. Ырыаһыттартан бэйэбит уолбут Михаил Рожин, Эбээн – Бытантайтан төрүттээх оҕолор ыллаан олус киэргэттилэр.
Ыһыах кэмигэр Чурапчытааҕы спортивнай оскуоланы кытта бииргэ үлэлэһиигэ Сөбүлэҥҥэ илии баттаммыта кэскиллээх кэпсэтии буолла!
Чахчы даҕаны билсибит эрэ биһириир, көрбүт эрэ кэрэхсиир түһүлгэ тэриллэн, ыалдьыттарга үтүө өйдөбүлү хаалларан төһө да ыһыах бүппүтүн иһин билигин даҕаны куйаар ситимин нөҥүө олус истиҥ-иһирэх тыллаах суруктар кэлэллэр:
«Туймаада ыһыаҕар арчыланан, алаадьылаан, ыллаан-туойан үчүгэйдик ыһыахтаатыбыт. Балтыбар, Эбээн -Бытантай улууһун түһүлгэтигэр ыалдьыттаатым. Балтыбыт, эдьиийбит Полина Эбээн -Бытантай бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааты ылбытынан үөрэн-көтөн тураммын ыллаатым , түөлбэлии оһуохайдаатым.
Аны остуоллара эчи аһа элбэҕин сөхтүм. Ресторан курдук кэлбит ыалдьыттары барыларын аһаталлар, аһы аҕала тураллар. Таба тыла, этэ, балык туох суоҕуй диэбит курдук.
Аны бары дьон, ыалдьыттар аһыы олороллор, онтон нэһилиэктэр баһылыктара дьонун таһыгар тураллар. Кылаабынайа дьонун-норуотун аттыгар. Дьэ бу буолар дьиннээх норуот талбыт дьонноро уонна дьонун убаастыыра көстөр.
Ыалдьытымсах Эбээн -Бытантай улууһун дьонугар-сэргэтигэр махтал бастыҥа буоллун. Маладьыастар!”
“Ыһыаҕы тэрийсибит дьоннорбутугар махтал! Наһаа үчүгэйдик төрөөбүт дойдубут дьонун көрсөн, сэлэһэн, аһаан, күлэн-үөрэн кэллибит”.
“У соседей, эвено бытантайцев, было очень многолюдно, торжественно. Вот там ощутила настоящий праздник! Специально приехали работники культуры, чтобы провести праздник для своих земляков. Пригласили артистов, стол ломился от северных лакомств!”