Билиҥҥи кэмҥэ судаарыстыба араас хабааннаах көмө хас биирдии наадыйар киһиэхэ тиийэригэр кыһаллар, үлэни ыытар

Ону сорох-сорохтор билбэт буоламмыт, сатаан туһаммакка хаалабыт. Үгүс дьоҥҥо, туох көмөлөр баалларый? Мин тугу эмит туһаныахпын сөп дуо? диэн ыйытыктар үөскүүллэрэ баар суол. Биһиги манна улуустааҕы социальнай харалта салайааччыта Аэлита Сыроватскаялыын кытта кэпсэттибит.

Социальнай харалта өҥөтүнэн туһанарга туох ирдэнэрий?

  • Социальнай харалта сүрүн соруга – ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон судаарыстыбаттан көрүллэр көмөнү толору ылалларын хааччыйыы буолар. Биһиги үлэбит хас да хайысханнан барар, ол курдук көрүллүбүт пособиелары, компенсациялары төлөөһүн, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон профессиональнай-медицинскай реабилитацияны ылалларын хааччыйыы, аадырыстаммыт көмөнү оҥоруу, кыаммат араҥаҕа, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыарахан балаһыанньаттан тахсарга дьоҥҥо социальнай хантыраак нөҥүө матырыйаалынай көмөнү оҥоруу уо.д.а. Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах дьон, бу үөһээ этиллибит социальнай көмөлөрүнэн туһанар бырааптаахтар.

Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо ханнык чэпчэтиилэр көрүллэллэрий?

  • Доруобуйаларыгар хааччахтаах улахан дьоҥҥо икки сылга биирдэ, онтон оҕолорго сыл аайы, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ босхо эмтэнэн кэлии көрүллэр.  Реабилитационнай кииҥҥэ баран эмтэнэллэригэр айаннарын ороскуота төлөнөр. Ону таһынан,  2019 сыл иннинэ инбэлииккэ тахсыбыт  дьоҥҥо коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрэ компенсацияланар, биир кэлим суумма төлөнөр, ол эбэтэр  1566 солк. 2019 сыл кэнниттэн инбэлииккэ тахсыбыттар коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрин туоһулуур докумуон аҕаллахтарына, төлөммүт суумма, дьиэ иэнэ учуоттанан бэриллибит нормативынан суоттанан төлөнөр.

Социальнай хантыраак, гражданнар олорор дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбоноллоругар оҥоһуллубут ороскуот толуйуутун бырагыраама туһунан сырдата түһүөххүт дуо?

  • Социальнай хантыраак диэн, судаарыстыба кыаммат араҥаны, аччыгый дохуоттаах дьиэ кэргэни уонна гражданнары өйүүр миэрэтэ буолар, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар ыарахан балаһыанньаттан тахсарга көмө буолар сыаллаах. Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьон, социальнай харалта салалтатыгар кэлэннэр хантыраак түһэрсэллэр уонна бэйэ дьарыктарыгар уо.д.а. харчыннан көмө ылаллар. Көмө харчы кыаммат араҥа социальнай адаптациятыгар, ол эбэтэр олоҕун тупсарарыгар ананар. Ол курдук,  бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар, хаһаайыстыба тэринэригэр, үөрэнэн идэни баһылыырыгар, үлэ көрдөнөрүгэр, олох охсууларыттан ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон ыарахаттары ааһалларыгар көмө буолар. Социальнай хантыраак көмө хас да хайысхалаах.
  • Холобур, 1) хаһаайыстыба тэринэргэ, бэйэ дьыалатын саҕалыырга 154 тыһ. —  500 тыһ. солк. диэри  көмө харчы көрүллэр.
  • 2) Ыарахан балаһыанньаттан тахсарга 29758 солкуобайтан 178548 солкуобайга диэри  көмө харчы төлөнөр.
  • 3) Үлэ көрдөнөргө биир кэмнээх 29758 солк харчы төлөнөр, 30 тыһ. солк. үөрэх төлөбүрүгэр көрүллэр, ону таһынан кини үлэҕэ киирдэҕинэ, хамнаһын таһынан үс ый устата   29758 солк. сууммалаах төлөбүр оҥоһуллар, бу көҕүлээһин төлөбүр буолар.4) Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр бэйэ дьыалатын саҕалыылларыгар,  хаһаайыстыба тэринэллэригэр туспа анал бырагыраама эмиэ баар.  Социальнай хантыраак 70 сааһыгар диэри саастаах, үлэтэ суох биэнсийэлээхтэри кытта түһэрсиллэр.  Манна уратыта диэн, биэнсийэлээх  дохуота,  тиийинэн олоруу алын кээмэйин  балтаара төгүл ылыллыбытыттан  намыһах буолуохтаах.   Көмө кээмэйэ эмиэ 154 тыһ. — 500 тыһ. солк. диэри.

Социальнай хантыраак 3 ыйтан 1 сылга диэри оҥоһуллар. Бу бэриллибит болдьох  иһигэр,  көмө харчы анаммыт сыалыгар туттуллан отчуоттаныллыахтаах.

Дьон олорор дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбоннохторуна  толуйуу (компенсация) оҥоруу бэрээдэгэ маннык:

1)Бастатан туран, булгуччу дьиэ докумуона «Свидетельство о государственной регистрации права собственности на жилой дом»;

2) Киин ититэр ситимҥэ холбонорго оҥоһуллубут ороскуоту туоһулуур докумуоннар – кассовай чектар, счет-фактуралар, приходнай ордердар ирдэнэллэр;

3) Дьиэ хаһаайына уонна үлэлээбит бэдэрээччик икки ардыларыгар түһэрсиллибит дуогабар баар буолуохтаах. Дуогабарга  оҥоһуллуохтаах үлэ сууммата ыйыллыахтаах, бэчээт, икки өттүттэн илии баттаһыы булгуччу баар буолуохтаахтар;

  1. Олохтоох дьаһалтаттан дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка;
  2. Дьиэ кэргэн чилиэттэрин дохуоттарын туоһулуур докумуоннар (3 кэнники ыйдааҕы хамнастарын көрдөрөр 2-НДФЛ ыспыраапка, биэнсийэ, оҕоҕо көрүллэр төлөбүрү ылалларын туһунан ыспыраапкалар);
  3. Дьиэ хаһаайынын тус бэйэтин докумуоннары копиялара ( паспорт, СНИЛС, ИНН, пенсионнай удостоверение, тыыл бэтэрээнэ буолла5ына ону туоьулуур удостоверение );
  4. Олохтоох дьаһалта оҥорбут олоруу усулуобуйатын туһунан акта (акт о жилищно-бытовых условиях);
  5. Социальнай харалта салалтатыттан урут маннык көмө дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллубатаҕын туһунан ыспыраапка;
  6. «Коммунтеплосбыт» тэрилтэни кытта дуогабар;
  7. Ититии ситимигэр холбонууга оҥоһуллубут ороскуот барыта ыйыллыбыт форма КС-2 ыспыраапка;
  8. ОДьКХ тэрилтэҕэ «технические условия» диэн былаан-схема оҥоттороллоро ирдэнэр.

 

Нэһилиэнньэ ханнык араҥата бу төлөбүрү ылыан сөбүй?

  1. Маннык төлөбүрү ыларга дьиэ кэргэн уопсай дохуота тиийинэн олоруу алын кээмэйэ  балтаара төгүл ылыллыбытыттан  намыһах буолуохтаах.
  2. Сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын  дохуоттара ааҕыллыбат, онон кинилэртэн дохуот туһунан ыспыраапка ирдэммэт.

Урукку сыллартан быйыл туох уларыйыылар баар буоллулар?

Быйыл социальнай хантыраакка улахан  уларыйыы киирдэ.   Бэйэ дьыалатын саҕалааһыҥҥа уонна кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ  социальнай хантыраагынан көмө ыларга   сүрүн усулуобуйатынан   тестированиены ааһыы ирдэниллэр буолла, ол эбэтэр социальнай харалта салалтатыгар кэлэн компьютерга тест толороллор, ыйытыыларга хоруйдууллар. Тестированиены сатаан ааспатах дьон, «Мой бизнес» тэрилтэҕэ тиийэн,  үөрэнэн баран сертификат ылыахтаахтар. Дьэ, ол кэннэ социальнай хантыраак баттаһан  көмө ылар кыахтаналлар.

Быйылгыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи  ийэ хапытаалын туттубатах дьон хапытаалларын суммата  үрдээтэ, урут 150 тыһ. солкуобай эбит буоллаҕына,  быйылгыттан  300 тыһ. солк. буолла.

Хат дьахталларга, саҥа оҕоломмут ийэлэргэ ханнык социальнай төлөбүрдэр, көмөлөр көрүллэллэрий?

2022-23 сыллартан   эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга, саҥа оҕоломмут ийэлэргэ көрүллэр төлөбүрдэр  Социальный Фонд России тэрилтэ нөҥүө бэриллэр буолбуттара. Маннык тустаах босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга төлөнөр. Босуобуйа кээмэйэ – оҕо тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн 50%, 75%, 100% буолар.

Маны тэҥэ, социальнай харалта нөҥүө  саҥа төрөөбүт оҕолоох ыалга  «Үйэ оҕолоро» («Дети столетия»)  тус сыаллаах  хапытаал бэриллэр, онтон дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕо төрөөтөҕүнэ «Региональнай ийэ хапытаала», үһүс оҕолорун оҕолоннохторуна  «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала» төлөнөр. Быйылгыттан өссө биир саҥа өйөбүл баар буолла, саҥа ыал буолар  25-гэр диэри саастаах эдэр дьоҥҥо  биирдэ бэриллэр харчыннан төлөбүр баар буолла. Бу миэрэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга, бөҕөргөтүүгэ, ыал буолууну, оҕо төрөөһүнүн өйүүргэ туһуланар.  Төлөбүр сууммата 50 тыһ. солк.

Көрөргүт курдук, судаарыстыба өйөбүлэ омуннаабакка эттэххэ, муҥура суох. Хас биирдии киһи олоҕо уйгулаах, дьиэ кэргэн дьоллоох буоларын ситиһии – дойдубут салалтатын сүрүн сыала.

Марианна Слепцова