Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Сергей Аликов сайыҥҥы кэмҥэ ыытыллар үлэлэр тустарынан кэпсээтэ.
“Быйыл сайын нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэр тустарынан сырдаттахха, бөһүөлэк иһинээҕи ордук алдьаммыт суоллар өрөмүөннэниэхтэрэ.
“Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн” бырагырааманнан бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пуун тутуллуоҕа уонна Портовская уулуссаны сырдатыы ыытыллыаҕа.
Бэс ыйын 21 күнүгэр буолаары турар Үрүҥ Тунах ыһыахха бэлэмнэнии, чуолаан Топпо сынньанар сирбитин өрө тардыы үлэтэ бара турар.
Маны тэҥэ ырааһырдыы ыйынан сыллата ыытылларын курдук бөҕү-сыыһы хомуйуу, тиэйии барар, билиҥҥи туругунан 16 прицеп тиэлиннэ.
Сотору волонтерскай хамсааһын чэрчитинэн бөһүөлэк иһин-таһын ырааһырдыы ыытыллыаҕа.
Бэкээринэ өрөмүөнүгэр ылсан үлэлэһэн бүттүбүт, килиэп оһоҕо өрөмүөннэннэ, ититэр ситимэ, кырыыһата, оттор оһоҕо, улуус дьаһалтата уонна олохтоох дьаһалта көмөлөөн оҥордубут. Аны сууйуута-сотуута хаалла.
“Гарпан” этнокултуурунай кииҥҥэ өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар.
Кыайыы болуоссатын тупсарыы барар.
Чаалый диэки үрүйэ туорааһыныгар далаһа тутуллуохтаах.
Баһаары эрдэттэн сэрэтэр туһуттан АДПИ эбии 55 ыалга турда.
Бэйдиэ сылдьар ыттарга рейдэ барыаҕа. Босхо сырытыннарар хаһаайыттарга бэтэринээринэй инспекция ыстыраап түһэриэҕэ.
Маны таһынан араас кыра үлэлэр элбэхтэр,” – диэн ыытыллар үлэлэр тустарынан Сергей Сергеевич кылгастык кэпсээтэ.